Күн-дьыл билгэтэ. Иннокентий Сосин. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Иннокентий Сосин
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-3369-0
Скачать книгу
ууттан ороон таһааран кураанах сиргэ тэлгэтэ ыһаллар, анаан лаабыс оҥорон, ол үрдүгэр уураллар. Өскөтүн ардах тохтуу-тохтуу түһэрин биллэхтэринэ, отторун охсуутун тохтотоллор. От, куура-куура сытыйдаҕына, хаачыстыбата улаханнык мөлтүүр. Ол кэриэтэ ардах түһэ турдаҕына охсуллубут от, ардах астыбытын кэннэ курааннаан баран иккиһин кэлбэтэҕинэ, күөҕүн, сүмэтин ыһыктыбат дииллэр. Күтэр ордуутун үрдүк сиргэ оҥосторун кэриэтэ, отторун уу ылбат үрдүк сиригэр кэбиһэллэр.

      Урукку кэмҥэ нэһилиэккэ биир-икки дьылдьыт оҕонньор баар буолара. Холобур, биһиги Моорукпут нэһилиэгэр өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр норуот тылынан уус-уран айымньытын хомуйааччы, фольклорист Афанасий Семенович Порядин оҕонньор сураҕырара. Кини туһунан: «Охонооһой Бэрээдьин оҕонньор «аны сайын кураанныыр буолла, ый наһаа үөһэнэн сылдьар» диэбит үһү», – диэн кэпсэтэллэрэ. Оттон Чалҕаа нэһилиэгэр Лев Романович Скрябин оҕонньор, Моорукка Егор Васильевич Зыков ыраахха диэри иһиллэр билгэлээх дьон этилэр. Оттон хас түөлбэ, аймах аайы биирдии-иккилии күнү-дьылы билгэлиир уонна күннээҕи үлэни-хамнаһы тэрийэр кырдьаҕас дьон баар буолара. Холобур, мин аҕам Михаил Владимирович Сосин миэхэ сарсын хайдах күн буоларын эрдэттэн сэрэтэрэ. Биирдэ биһиги Мээтэгэй диэн сиргэ отоннуу бараары олордохпутуна: «Отоннуу барбаппыт, көрүҥ эрэ ньээм оту. Бэҕэһээ наһаа элбэх сибэкки баара. Оттон бүгүн ханан даҕаны биир да сибэкки көстүбэт, бары ханна эрэ саһан хаалбыттар. Ити ардахха буолар баҕайыта», – диэн аҕам тохтотон кэбиспитэ. Кырдьык, ол күн от-мас сытыйар улахан ардаҕа түспүтэ.

      Мин сэрии буоллаҕын иккис сайыныгар субан сүөһү маныыһытынан Михаил Гаврильевич Сосин-Бакат Мэхээс, Алексей Гаврильевич Сокольников-Мондоҕос Өлөксөй диэн ааттаах кырдьаҕас дьону кытта үлэлээбитим. Кинилэр киэһэ, сарсыарда көрсүһэ түһэн күн-дьыл хайдах буолуоҕун туһунан билгэлииллэрэ. Онтукалара өрүүтүн таба буолара. Сотору кэминэн ардах кэлиэх буоллаҕына, «сылгы буорга күөлэһийэр», «ыт утуйа мээрик буолла», «мутукча сиигирбит, тиит лабаалара аллара санньыспыттар», «баҕа хонууга тахсыбыт», онтон даҕаны атын бэрт элбэх билгэни этэллэрэ. Ол барыта уот харахха түбэһэн иһэрин мин сөҕө уонна дьиктиргии саныырым.

      Биирдэ мин Өлөксөйтөн: «Эһиги сарсыҥҥы күн хайдах буолуохтааҕын туһунан эндэппэккэ билэҕит. Ким эһигини үөрэппитэй?» – диэн ыйыппытым. Онуоха Өлөксөй: «Ким да биһигини анаан-минээн үөрэппэтэҕэ. Оҕо эрдэхпититтэн кырдьаҕастар кэпсэтэллэриттэн үөрэммиппит. Дьылдьыт буолуоххун баҕарар буоллаххына, тулалыыр эйгэҕин болҕомтолоохтук, сирийэн көрө үөрэн. Холобур, сайын кураан кэмҥэ сарсыарда олбуоргар таҕыстаххына, ньээм от араҕас төбөтүн арыйбытынан көрүстэҕинэ, бүгүн ардаҕы күүтүмэ, оттон ардах кэлиэх буоллаҕына, ньээм от сибэккитин кистээн кэбиһэр. Көр эрэ, ол хараҥаччылар төһө үөһэнэн көтөллөрүй?» – диэн баран, күөл үрдүнэн көтө сылдьар хараҥаччылары көрдөрбүтэ. Хараҥаччылар бэрт үөһэнэн, наһаа түргэнник көтө сылдьаллара. «Мин санаабар хараҥаччылар үрдүк соҕустук көтө сылдьаллар»,