Ийэм кэпсиир… (1 чааһа). Семен Маисов. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Семен Маисов
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 2011
isbn: 978-5-7696-3599-1
Скачать книгу
туох дьон буолуохтарын таайа сатыыбыт.

      Маанчык холумтан ыксатыгар анал олбоҕор сытан сыа тилэҕин саланар. Эбэм хаҥас диэки хонук аһылыкпытын буһараары куобах эттиир, хол-буут арааран хастыы тардыталыыр. Мин уҥа диэки, килэпэччийэ ньалҕарыйбыт муус түннүк анныгар, аһыыр остуолбутугар куобах кулгааҕын кэбийэ-кэбийэ, өртүбүөй эргитэн тирилэтэбин да, санаам барыта ити таһараа ыалга кэлбит аттаах дьоҥҥо.

      Бу курдук олоро түспүппүт кэннэ таска аттар туйахтарын тыаһа тоҥ чигдини чуучугур-чаачыгыр үүттээн кэлэр тыастара иһилиннэ, сыарҕалар бэтириэстэрэ сырыластылар. Маанчык, өндөс гынаат, «мук-мук-мук» диэбитин эһэм буойда. Ыппыт ити кэннэ аны дьон киирбитин да иһин кыһаллыбат.

      Ити ыккардыгар киһи кэлэн аан иннигэр иһиллэнэр курдук тохтоон тура түстэ, онтон күрэҥ ынах тириитэ бүрүөһүннээх муус чомпой буолбут халҕаны хаачыгыр гына аһан, хойуу туманы өрүкүтэн, киирэн кэллэ. Тууна бааммыт тииҥ кутуруга моойторуга бүтүннүү хаар кырыа буолбут хойутаабыт айанньыты өйдөөн көрбүппүт, Тээкиччэттэн икки көстөн ордуктаах Хочуолу күөлүгэр балаҕаннаах Хообуйап Мэхээлэ эбит. Дьэ онуоха эрэ биһиги сэрэйдибит, кимнээх бачча киэһэ ханна ааһан, баран иһэллэрин. Мэхээлэ ойоҕо Тыытыгынай Маарпа диэн биэс уонуттан эрэ тахсыбыт дьахтар араҥ ыарыынан ыалдьыбыт үһү диэни истэн олорорбут. Хообуйаптар бука бары дьиэнэн куораттаан иһэллэр эбит.

      Биһиги эҥээр холкуостары кэрийэн ыалдьыбыт дьону көрөн-истэн эмтиир суос-соҕотох Тилийэ диэн биэлсэр баара. Ол киһи Мэхээлэ кэргэнэ бэрт дьиктитик ыалдьыбытын уорбалаан, куораттан луохтуур ыҥырбыта тахсан Тыытыгынай Маарпаны көрөөт да, сонно тута хайаан да бары дьиэнэн, оҕолуун-улаханныын Бүлүүгэ киирэллэригэр модьуйбут.

      – Ычча-оо!.. Дьиэлээхтэр, туох кэпсээннээххит?.. – Мэхээлэ саҥа тигиллибит куондардаах үүс бэргэһэтин устан, хонноҕун анныгар кыбынан туран, бэркэ диэн долгуйбут, титирэстээбит куолаһынан ыйытар.

      Хообуйап киһи хараҕын таба көрбөт, биир кэм сүүрэкэлии сылдьар харалаах харахтардаах киһи. Атын кэм эбитэ буоллар, урукку үгэспинэн, күлүө эбиппин да, дьонум бары оттомуран олорор дьүһүннээхтэрин иһин туттунабын. Мэхээлэ урут биһиэхэ дэҥ-дуҥ охсуллан сылдьан, ардыгар хонон да ааһара. Саҥа үүс бэргэһэтин, арааһата, куораттаан иһэр киһи буолан маанымсыйан кэппит быһыылаах, урут итинник бэргэһэлээҕин тоҕо эрэ көрбөтүм.

      – Улахан туох да сонун суох… Эһиги бу куоракка айаннаахтаан иһэҕит дуу? – эһэм, бэлиэлээҕин киэбигэр тиирэн мас тоһоҕону тумсугар саайа-саайа, хардары ыйытар.

      – Маарпам моһуогуран хаалан, бу оттон модьуйбуттара бэрдин иһин баран иһэбит. Үргүлдьү «Сибиэрдэлэп» холкуоһугар ааһыахпыт этэ да, ырааҕа бэрт ээ. Сарсыардаттан да хоҥнубут иһин ол биэс көс сири киһим, баҕар, тулуйуо суоҕа. Аны саатар сытайбыт курдук тымныы да сэтэрбитэ сүр… Оҕолор да иэдэйиэхтэрэ… Маарпа ыарыытыттан куттаналлара, саллаллара да бэрт…

      – Оо, дьэ иэдэйээхтээбит сордоохторгут, – эбэм кыһалҕалаахтары аһынар.

      – Оҕолор