Ийэм кэпсиир… (1 чааһа). Семен Маисов. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Семен Маисов
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 2011
isbn: 978-5-7696-3599-1
Скачать книгу
уонна угун илигирэччи сахсыйарбыт, оччоҕо буспут моонньоҕон бэйэтэ туллан былааппытыгар тобугураччы түһэрэ. Сир аһыгар үлүһүйэн, салгыы өтөхтөн тахсар ыллык суол устун Күүлэлээх диэки барбахтаһан иһэн төннөрбүт. Ол эмиэ төрүөттээҕэ. Дьоммут биһигини мээнэ баран уччуйан аны мунуохтара диэн сэрэхэдийэллэрэ. «Быйыл Күүлэлээх эһэтэ арҕаҕыттан хас да оҕону батыһыннаран тахсыбыт, бэйдиэ бараайаҕыт эрэ…» – дэһэллэрэ. Уонна, кырдьыга да, Күүлэлээххэ эрэ буолуо дуо, дьиэбит таһыгар ойуурдааҕы оҕонньор мэлдьи суол таһаарара, Тээкиччэ эбэҕэ киирэн хас сай аайы хайа эрэ киһи хараҕын далыгар көстөн баарын биллэрэрэ.

      Дыыкка өтөҕүттэн Ньалыбыдах өтөҕө көстүбэтэ, үөскэ үтэн киирбит тумус тыа мэһэйдиирэ. Тумул тыа өттө, урут өрдөөҕүтэ улахан уот тура сылдьыбытын быһыттаабыттарыттан саҕаланан, отой ыраахха диэри тайыыр ыт мунна баппат ычыкыннааҕа. Күөл кэриитэ сыллата эбэ оттонор ходуһатыгар үттэр үтэн, киирдэр киирэн иһэр хойуу үөттэринэн, иирэ талахтарынан биир кэм будьуруйа үүнэн турара. Саас үнүгэстэрэ тыллыбыт кэмигэр кэрии үөттэрэ түптэ буруотун курдук тараадыйа, тунаҕыра сыыйыллан көстөллөрө. Кыһын хаар халыҥаан, талахтар лабааларын көмнөх сабырыччы баттаабытын кэриини кыйа сылдьар куобахтар кэбийэллэрэ. Онтулара кэлин, хаар ууллубутун кэннэ көрдөххө, отой үөһэ кылбайан турар буолаллара.

* * *

      Эһэм миэхэ анаан Ньалыбыдах өтөҕүн бэтэрээ өттүнээҕи күөл кэриитигэр үүммүт хахыйахтар, талахтар анныларыгар хас да саҥа сохсону охсубутун күннэтэ көрөбүн. Оҕонньор: «Дьэ маны эн куруук көрө сылдьаҕын…» – диэбитин иһин үлэ оҥостон кэрийэбин. Балаҕаммыттан чугас буолан судургу. Маҥнай утаа эһэбиниин өс киирбэх хас да куобах баттаппытын ыллыбыт, онтон кэлин мэлийэн хаалла, суоллуун сүттэ. Куруук, өссө күҥҥэ хаста да баран кэлэбин да, сохсолорум өрө өндөһөн турар буолаллар… Хата хабдьылар сэлии иһинэн-таһынан киирбит-тахсыбыт суоллара дьэрэлийэр, ол эрэн тоҕо эрэ кылыыны таарыйан, элбэрээги төлөрүтэн сохсону эспэт көтөрдөр. Бэйэм соҕотоҕун сылдьан куобах ылыахпын наһаа баҕарабын да, биирдэ да табыллыбаппын, наар кураанаҕы кууһабын. Кэлин дьоммор эппэккэ эрэ эһэм суолун омоонунан Тээкиччэ эбэбин кыйа сохсо көрүтэлии бара сырыттым. Икки-үс сохсону көрөөт төннөбүн, санаабар, сүрдээх ыраах баран кэлбит курдук сананабын.

      Биир күн сарсыарда эһэм оҕуһунан от тиэйэ барбытын кэннэ мин ыалбыт оҕолоругар тахсыбыта буолан баран эмиэ сохсо көрө тэбинним. Бу сырыыга баҕас «ыраата түһэр» санаалаахпын. Хаар халыҥаан, эһэм көтөрүн туһаҕын хаардыы сатаан баран кэлин эһэн кэбиһэн, аҥаардас сохсолоро эрэ хаалан тураллар. Күн бэҕэһээ көрөн баран төннүбүт икки сохсобун аастым, син уһуннук хаамтым, өссө хас да сохсону көрдүм. Салгыы бардым, күөл кэриитин быыһынан Тээкиччэ эбэ оол курдук элэгэлдьийэр. Сээкэйи саныы-саныы харбыалаһан иһэн көрбүтүм, арай биир сохсо эстэн, тирээбил маһа кыырайан тиийэн хаарга туруору түспүт. Сүүрэн тэлэмээттэнэн тиийбитим, баттык мас анныгар туох да суох… Сохсом бэйэтэ туран