Сырдык курус. А. К. Никифорова. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: А. К. Никифорова
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 2011
isbn: 978-5-7696-3594-6
Скачать книгу
баран кыыс ийэтин кууһан ылла. – Биһиги билигин Лералыын киинэҕэ бараары гынабыт. Көҥүллүүгүн?

      – Барыҥ, ол гынан баран сөпкө кэлээр, – кыыһа, ситэ истибэккэ, ааны сабан тилир гыннарда.

      Татьяна Иннокентьевна, дьиҥэр, сонуннаах этэ, кыыһын кытта сүбэлэһиэх буолбута. Бүгүн сарсыарда төлөпүөнүнэн Семен Павловиһы кытта кэпсэппитэ. Таайдара куоракка дьиэни ылар хайдах курдук ыараханын, буолаары буолан олох даҕаны кыаллыбатын эппитэ. Арай, кэргэниҥ Николай хомсомуолга бииргэ үлэлээбит доҕоро партия обкомун тутаах үлэһитэ буолан олорор, киниэхэ киирэ сырыт диэн сүбэлээбитэ. Саас эппит «Птицефабрикатын» дьыалата табыллыбатах. Ол тутулла турар дьиэлэрин хас биирдии квадратнай миэтэрэтин туһугар киирсии кытаанаҕа үһү, саҥа үлэҕэ киирбит киһини чугаһаппаттара биллэр.

      – Арай аныгы пятилеткаҕа өссө биир дьиэ тутуллуохтаах. Ол гынан баран онно даҕаны кирдээх, сыттаахсымардаах оробуочай үлэһит эрэ буоллаххына тиксэриҥ буолуо. Эн ол үлэҕэ таах доруобуйаҕын сүтэриэҥ. Чэ, онон уһаппакка-кэҥэппэккэ Коляҥ табаарыһыгар приемҥа киирэ сырыт, – куоракка салайар үлэҕэ сылдьар киһи сүбэтэ ити курдук буолбута.

      Татьяна Иннокентьевна кэргэнин санаан ыараханнык үөһэ тыынна. Баар-суох доҕоро кылгас да кэмҥэ кэлэн барда. Үтүө киһини таҥара орто дойдуга уһаппат дииллэрэ оруннаах курдук. Киһи киэнэ кэрэмэһэ маннык буолуохтаах диэн холобурга ананан кэлэн бардаҕа дуу. Ол гынан баран Татьяна дьылҕатыгар Коля курдук үтүө киһини кытта көрүһүннэрбитигэр махтанар. Доҕорун кытта билсибит күнүн күн бэҕэһээҥҥи курдук өйдүүр.

      Кинилэр биир кэмҥэ устудьуоннаабыттара. Коля, педагогическай институкка үөрэнэ сылдьан, табаарыһыгар хотуттан посылка ыыппыттарын ыларыгар аргыс буолан медиктэр олорор уопсай дьиэлэригэр кэлсибитэ. Табаарыһа Миша биир дойдулаах кыыһын көрсөн, сэһэннэрэ-сэппэннэрэ ыраатан, уолаттар устунан киэһээҥҥи аһылыкка хаалар буолбуттара. Күө-дьаа буолан чэйдээри олордохторуна, маҥан түү былааттаах, харанан чоҕулуччу көрбүт, хойуу хара хаастаах, сырдык сэбэрэлээх кыыс киирэн кэлбитэ.

      – Танюша, хайа, тоҥнуҥ ахан дуу? Кэл, аһылыгым бэлэм. Бу мин биир дойдулааҕым Миша уонна кини табаарыһа Коля. Миша посылкатын ыла кэлбит, – Орто Халыматтан сылдьар Люба, ыллаан эрэр курдук саҥаран, айаҕа хам буолбат.

      Таня, таҥаһын уларыттан баран, остуол иннигэр кэлэн олорбута. Кыыс тоҥмута сүрдээх, итии чэйдээх чааскытыгар илиитин сылытаары бигии олордо. Эдэр дьон тоҕо эрэ тылларыттан маттылар. Хата, Люба дойдутун сонунун ыһа-тоҕо кэпсээн аралдьытар. Коля буоллаҕына эмискэ эппэт кэлэҕэй буолан хаалбыт.

      – Коля, тоҕо саҥарбат буолан хааллыҥ, кырасыабай кыыстан итиччэ долгуйдуҥ дуу? – Миша уол мүчүҥнээн хараҕын үүтэ көстүбэт.

      Коля, табаарыһыгар төһө да билиммэтэҕин иһин, Таняны көрөөт сөбүлээбитэ. Уол ити күнтэн ыла санаата наар кыыска буолбута. Уол эрэйдэнэрин көрөн, бииргэ үөрэнэр табаарыстара кыыска бара сырыт диэн сүбэлии сатыыллар даҕаны, кини кыбыстан туох иһин буолуммат. Аралдьыйаары тустуу куруһуогар суруйтарда, хомсомуол кэмитиэтин