Сырдык курус. А. К. Никифорова. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: А. К. Никифорова
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 2011
isbn: 978-5-7696-3594-6
Скачать книгу
туран хаалбыта.

      Дьахтар доҕорун аҕыннаҕына ылан көрөр халыҥ, халлаан күөҕэ дермантин тастаах альбомун арыйталаата. Олоҕун дьоллоох сааһын туоһулара бу бааллар. Кылгастык бииргэ олоруохтарын билбит курдук кинилэр бииргэ түспүт хаартыскалара элбэх. Бу күүтүүлээх маҥнайгы кыыстарын Варяны көтөҕөн олороллор. Оттон бу ыһыах күн түспүт хаартыскалара, Коля аймахтара дойдуларыттан кэлэ сылдьар кэмнэрэ, бары сырдык таҥастаахтар. Коля, сэлээппэтин аннынан бу үрүҥ тиистэрэ кэчигирэһэн, мичилийбитинэн кыра кыыһын Аайатын көтөҕөн олорор. Бу сир астыы сылдьан тыыга олорон түспүттэр. Туох баар хаартыскаҕа Колята олохтон толору астыммыт киһилии үөрэн түспүт… Татьяна Иннокентьевна хараҕын уута иэдэһинэн тохтоло суох субуллар… Кэм-кэрдии эмтиир дииллэр даҕаны, кини ыар сүтүгүн ыарыыта сүрэхтэн-быартан ааһан-араҕан биэрбэт, сыл-хонук устан истэҕин аайы өссө дириҥээн иһэргэ дылы.

      Коля билигин республиканы салайан олорор Василий Павловичтыын араас тэрээһиҥҥэ сылдьан элбэхтик бииргэ хаартыскаҕа түспүттэр. Улахан тойон буолбут киһи хайдах көрсөрө буолла, ама, үтүө доҕорун умнубата ини. Бэйи, наһаа уһаппакка бара сылдьыахха наада.

      Аайа бастакы экзамена – өйтөн суруйуу. Ханнык тема кэлэрэ биллибэт, ол иһин оскуолаҕа барбыт суруйааччыларын айымньыларын хат ааҕыахха наада. Кыыс Пушкинкаҕа үлэтин курдук сарсыарда аҕыска тиийэр, киэһэ библиотека үлэһиттэрин кытта тахсан барар. Аайа библиотека чуумпу эйгэтин сүрдээҕин астынар. Манна үлэлиир эдэр дьахталлары ураты хараҕынан көрөр. Ааҕар саалаҕа үс библиотекарь тэҥҥэ үлэлиир: наадыйар кинигэҕин тута булан аҕалаллара, ааҕааччыларын кытта кэпсэтэллэрэ, таҥна-сапта, тутта-хапта сылдьаллара барыта киһи сүрэҕин ортотунан киирэр. Аайа сынньанаары гыннаҕына, бастакы этээскэ баар периодика саалатыгар баран, хаһыаттары, сурунааллары көрөр. Соҕотоҕун сылдьара чуҥкук соҕус, Лераны хаайан библиотекаҕа бииргэ сылдьан испиттэрэ даҕаны, кыыс кэлин араас биричиинэнэн сылтаҕыран кэлбэт буолла. Уопсайга олороро үөрэҕэр мэһэйдээх буолсу, табаарыһа, дьүөгэтэ элбэҕэ бэрт буолан, Лера сырыыта киэҥ. «Атын оройуонтан сылдьар кыргыттар английскайдыы сатаан да саҥарбаттар, кинилэр, хата, миигин сильнэй баҕайы дииллэр. Кинилэри наар суруйарга, тылбаастыырга эрэ үөрэппиттэр. Биһиги Мария Ивановнабыт үчүгэй билиини биэрбит эбит», – Лера оскуолаҕа ылбыт билиитигэр бу курдук бүк эрэнэр. Кыһаллара буоллар, Лера үөрэҕэр туйгун буолуохтаах этэ. Кини барытын ааһан иһэн түргэнник ылынар буолан, бэлэмнэнэ сатаабакка да наар үчүгэйдик үөрэнэрэ. Ол гынан баран үрдүк үөрэх ирдэбилэ атын, оскуолаҕа холоомо диэн дьүөгэтэ Аайа өйдөтө сатыыр даҕаны, кыыс истибэт.

      Аайа бүгүн маҥнайгы экзамена. Кыыс долгуйан аанньа утуйбата, университекка ким-хайа иннинэ кэллэ. Сотору оҕолор мустан бардылар. Бүгүн өйтөн суруйаллар. Бу кэнниттэн үөрэххэ туттарсааччылар охсор аҥаардара эрэ хаалар үһү. Улахан аудиторияҕа элбэх баҕайы остуол турар, хойутуу кэлбиттэргэ