Кыайыы-хотуу көтөллөнөн, сарсыныгар өтөхтөрүн быспыттара. Аллаах аттар барахсаттар сэттэ көһү киһилиэхтэрэ дуо, түөртүүр ыам саҕана тиийэн кэлбиттэрэ. Сэгэйик Лэкиэстээҕэ ситиһиилээх эргиллибиттэрин истэн, долгуйан сүрэҕэ битийэ тэппитэ. Кини бэйэтэ да билбэтинэн, кутун эмиэ Туоһахтаҕа туттарбыта. Онно баҕар, Лэкиэс сабыдыаллаабыта эбитэ дуу? Суох, кини ити чэбэр, сүүһүн ортотугар туоһахталаах соноҕоһу көрөөт, сөбүлээбитэ. Ордук Лэкиэһэ Туоһахтатын миинэн, ойутан эрэрин көрдөҕүнэ, сүрэҕэ доҕуурга иҥнибит туллук курдук, тахсан барыахтыы, толугураччы мөхсөрө. Оннук кэрэ көстүү этэ, бу икки эдэр саас уонна уолан уох тулхадыйбат доҕордоһуулара.
Лэгиэннээх Туоһахтаҕа анаан Харачаас үөрүттэн ураты, атын үөрдэртэн биир-биир сыымайдаан хомуйан, сэттэ кытыты быһа анньан, хааччахха аҕалан хаайталаабыттара. Туоһахта, хас биэ аҕаллахтарын аайы, барыларын үтэн-анньан көрөрө. Сүргэтэ сүрдээҕин көтөҕүллүбүтэ. Оо, барахсаттар, сыттыын туох эрэ олус умсугутуулаах турук кини сүрэҕин долгуппута. Бэл, сүһүөҕэ мөҕүтэлээн ылара. Сорох биэлэртэн кэлэр дьикти сыт таныытыгар минньигэстик дыргыйара. Айылҕалатан, атыырҕаан сүүлэ киирэн, били тэрилэ дэлби тыҥыыра, өрүтэ хороҥноон өрөҕөтүгэр охсуоланара. Оччоҕуна били дьикти сыттаах биэлэргэ чугаһаары гыннаҕына, анарааҥҥылара кулгаахтарын ньылатан, тиистэрин килэтэн атыннык суоһурҕанан ылаллара. Инньэ гыналларыттан кыйыттан Туоһахта бэйэлэрин үчүгэй аҕайдык сиирэ-халты хадьырыйталаан, хабыталаан лаһырҕатара. Аҕатын Харачаас хаана көхсүгэр көймөстөн, хааннааҕынан көрүтэлээтэҕинэ, анараалара тэйэ хаамсаллара.
Арай биир киэһэ күһүҥҥү буһурук туманын быыһынан ыраах олус кэрэтик, дьикти дьүрүскэн буолан, биэ кистиирэ иһиллибитэ. Бары ол диэки чөрбөс гына түспүттэрэ. Туоһахта сэлбиллибэтэх көҕүлүн быыһынан сытыытык чолбоодуспут харахтарыгар, туус маҥан сиэлэ үрэллэҥнээн, кытыылыыр биэ кырыытынан тыкаарыйа сиэлэн, Лэгиэннээх Лэкиэс аттарыгар күөйүллэн иһэрэ көстүбүтэ. Оо, кэрэ да көстүү. Туоһахта хайдах эрэ сүһүөхтэрэ мөҥөн ылбыттара. Аҕатын Харачаас курдук моонньун үрдүктүк токутан, сүүһүн ортотугар кылбайар туоһахталаах эҥил баһын илгистэн ылаат, көҕөччөр сиэлинэн үрэллэҥнии оонньоон, иччилээх баҕайытык ис-иһиттэн эҥсэн кистээн дьириһиппитэ. Онтон соһуйан атын биэлэр чөрбөҥнөһө түспүттэрэ. Оттон бурдук, эбиэс тобоҕор-ибэҕэр кыттыһан, Омоллоон оҕонньор олоҕор олорсубут барабыайдар, татыйыктар соһуйан, бурал гынан көтөн тахсыыларыгар