Туоһахта уонна Лэкиэс. Василий Гоголев-Уйулҕан. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Василий Гоголев-Уйулҕан
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 2021
isbn: 978-5-7696-5858-7
Скачать книгу
буолла. Лэкиэс кэлэн моонньуттан таптайа-таптайа тугу эрэ саҥарара да, ону Туоһахта өйдөөбөт этэ. Аччыктата-аччыктата, кыра-кыралаан аһатан, дэлби хатарбыттара. Күҥҥэ хаста да хаамтараллара. Онтон эмиэ да сиэллэрэллэрэ. Сороҕор сүһүөҕэ дэлби кычыгыланан, күүскэ түһүнүөн баҕарара да, Лэкиэһэ тэһиинин кытаанахтык тутан бохсоро. Ол быыһыгар дьэ баҕата ханыар диэри тыынын-уоҕун, харалҕанын таһааран сүүрдэллэрэ. Оччоҕо Туоһахта Лэкиэс киксэрэн биэрэрин истэ-истэ, өссө эрчимирэн биэрэрэ. Бастаан били туталларыгар быатын быһа түһэн күрүөнү үрдүнэн көтөн күдээритэн, быыппаста да ойуолаабыта ээ. Сотору аҕылаан көлөһүнэ сарт түһэн, эстэн хаалаахтаабыта. Онно холоотоххо, билигин олох атын туруктаммытыттан Туоһахта хайдах эрэ астынар буолбута. Төбөтүн күөрэччи өрө көтөҕөн, күөкэгэр моойун токурутан, уу дьоруонан сиэлэн иһэрэ олоҥхо бухатыырын атын санатара.

      Биирдэ атын үөрдэртэн икки соноҕоһу эбии аҕалан, эмиэ баайан барбыттара. Анараа соноҕостор чырбалдьыһан түһэн сүрдээхтэрэ. Саастарынан киниттэн аҕалар этэ, ол иһин хайдах эрэ кинини сэнээбиттии көрөллөрө-истэллэрэ. Кини да хааныгар аҕатын Харачаас хаҥыл хаана хайҕахтаах тойон сүрэҕин түллэҥниир ньиргиэригэр тиҥиргэччи тыгыахтыыра. Түөрт түөрэм үктэл туйахтарыгар сааскы күн чаҕылыйа оонньуура. Күөнэ кэтитэ, арҕаһа үрдүгэ, саала халыҥа, быакаҕар быһыылааҕа, тупсаҕай тууралааҕа. Атахтарын сүүрүккэ холоонноох быччыҥнара бөлтөрүһэ оонньууллара.

      Биирдэ үһүөннэрин биир киэҥ соҕус хааччахха киллэрэн баран, Лэкиэс, тус-туспа солуур аҥаардыытынан өлүү-өлүү эбиэс кутуталаан биэрбитэ. Анараалара үлүмнэһэн урут тиийэн өлүүлэрин кимигирэтэн барбыттара. Туоһахтаҕа Лэкиэһэ лэппиэскэ тооромоһо кэһиилээх кэлбит этэ. Туоһахта бу минньигэс сыттаах кыра лэппиэскэни, имигэс сылаас уостарынан бигээн ылан, сиэн кэбиспитэ. Лэкиэс, Туоһахта хараҕар атын бэйэлээхтик мичээрдээн ньолбойбут сэбэрэтин көрүнэн, күлэн ылбыта уонна Туоһахтатын хоҥоруутун имэрийэн, моонньутун таптайбахтаабыта. Кинилэр эдэр эт саастыы доҕордуулар курдук сыһыаннара дириҥээн испитэ. Лэкиэс Туоһахтатын иннигэр эбиэһин кутан баран хааччахтан тахсан, кыбыыга от тарда барбыта. Туоһахта эбиэһин астына-астына саҥа кимигирэтэн эрдэҕинэ, арай биир соноҕос кулгааҕын ньылатан кини диэки хааман эрэрэ баара да, кулгааҕын сиирэ-халты хабан, сытыы тиистэрдээх, дьаардаах айах тыаһа «лас» гыммыта. Туоһахта соһуйан туора ыстаммыта. Били соноҕостортон улахана кини бурдугун сиэн кимигирэтэн киирэн барбыта. Туоһахта бу сиэргэ баппат быһыыттан көхсүн хаана хойдо түспүтэ да, эргиллэ биэрээт, икки кэлиҥҥи атаҕынан күүс өттүнэн күөмчүлүүргэ санаммыт соноҕоһу ойоҕоско тэбэн кибилиннэрбитэ. Анараа баҕайы халбарыс гынаат, икки атаҕар туран, сиэлэ бурал гыммыта. Туоһахта аҕата Харачаас атын атыырдары кытары охсуһарын хаста да көрбүт буолан, хаһыҥырыы түһээт, атаҕар өрө тураат, икки инники туйахтарынан табыйсан, сытыы дьыраал аһыытынан хадьырыйсан барбыта. Анараа соноҕос маннык күлүмэх күөн көрсүүнү күүппэтэх буолан, дубук