Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Софрон Данилов
Издательство: Бичик
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 1973
isbn: 978-5-7696-2349-7
Скачать книгу
өссө атын. Бииргэ үөрэнэр оҕолоро ити ынырык сураҕы тута итэҕэйдилэр, буолуох буолбутунуу иһиттилэр: баай кыыһа баайдарга, үрүҥ кыыһа үрүҥнэргэ күрээтэҕэ дии. Онуоха киһи дьиктиргиэҕэ туох баарый? Хата төһө эмэ хаайса-буойса сатыыр үрдүнэн көмүскэһэр, өссө комсомолга киллэрэргэ дьулуһар дьон бааллара. Ол дьоннорго кэһэлтэ буоллун.

      Үөрэх бүттэ. Студеннар таҥнан тарҕаһан эрдэхтэринэ таһырдьаттан киирэр аан диэкиттэн саҥалар иһилиннилэр.

      – Аргыылабаны ыйыталлар!

      – Байыаннай дуу?

      – Чыкааттан үһү дуо?

      – Буолуо-буолуо…

      – Ол иһин даҕаны…

      – Ким үчүгэйдик билэрий?

      – Чыычаахап ханнаный?

      – Чыычаахап!

      – Түргэнник!

      Томмот тиийбитэ, кылгас маҥан байыаннай бараан сонноох, эргэ куобах бэргэһэтигэр сулустаах, аҕамсыйбыт нуучча киһитэ турар эбит. Хаҥас илиитин курунан түөһүгэр ыйаабыт. Байыаннай Томмоту уҥа илиитин бэргэһэтигэр даҕайан көрүстэ:

      – Копылов. Красноармеец. Больницаттан, – диэтэ нууччалыы. – Кыыча Аргылованы көрсүөхпүн баҕарабын.

      – Кини суох, – Томмот ботугураата.

      – Ханнаный?

      – Билбэппин.

      – Бүгүн үөрэммитэ дуо?

      – Суох. Кэлбэтэ.

      – Бэҕэһээ?

      – Эмиэ суоҕа.

      – Тоҕо?

      – Билбэппин.

      – Тоҕо?

      Томмот саҥата суох төбөтүн илгистэн эрэ кэбистэ.

      – Кини эһиги студенткаҕыт буолбат дуо? Уонна хайдах билбэккит? Баҕар, кини ыалдьан сытара буолуо. Көмө күүтүөн сөп. Оттон эһиги билбэккит!

      – Күрээбит дииллэр…

      – Ханна?

      – Үрүҥнэргэ…

      – Ким ону көрбүтүй?

      – Билбэппин…

      – Ким инньэ диир?

      – Би… билбэппин…

      – “Билбэппин!” Ишь ты! Ким да тугу да билбэт, ким да тугу да көрбөтөх уонна сурах хоту “күрээтэ” дииллэр! – сүүнэ улахан Копылов бэйэтэ да иэдэйэн турар Томмоту сэмэлээн, мөҕөн үллэҥэлээтэ. – Эн ким диэҥҥиний? Чычахов? Иһит, Чычахов, эн сибилигин кини олорор дьиэтигэр бар. Тугун-ханныгын чопчутун бил. Уонна субу киэһэ биһиэхэ, больницаҕа, кэлэ сырыт. Ыарыһахтар күүтэллэр. Ыалдьыбыт буоллаҕына, биһиги доктор ыыттарыахпыт.

      Томмот Кыыча олорор дьиэтигэр сылдьа илигэ. Кыыс хаһан даҕаны кинини киирэ сырыт диэн ыҥырбат этэ уонна кинилэр бииргэ сылдьалларын дьиэлээхтэр көрүөхтэрин баҕарбат курдуга. Аргыылап баай кыыһын бэрт быстыбыт-ойдубут ыалга олохтооботоҕо чахчы, кэм бэйэтигэр дьүөрэлээх соҕус ыалы буллардаҕа диэн Томмот сэрэйэрэ. Оннук да быһыылааҕа. Уол бу дьиэ хаһаайынын, саҥаран-иҥэрэн сэлибирээбит, илэ-сала көппүт, арыы-сыа ньалҕарыйбыт Ыллам Ыстапааны, кэлэ-бара көрөрө.

      Томмот иһиттэн олуурдаах кэлииккэни өр тоҥсуйда. Сөҥ баҕайы саҥалаах ыт үрэн баргыйар. Үрэ-үрэ түһүөлээтэҕин ахсын тимир сыап кылыргыыр. Кэнникинэн ыт даҕаны сүрэҕэлдьии быһыытыйда: тохтуу түһэ-түһэ маргыйда. Кэмниэ-кэнэҕэс дьиэ күүлэтин аана тыаһаата.

      – Кимий? – дьахтар саҥата ыйытта.

      – Аргыылаба