Краткий якутско-русский, русско-якутский словарь. Отсутствует. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Отсутствует
Издательство: Бичик
Серия:
Жанр произведения: Словари
Год издания: 0
isbn:
Скачать книгу
маҥан чистый, светлый (о девушке); белолицый.

      НЬЫЛАҤНАА пренебр. ласкаться, льстить, подхалимничать, угождать.

      НЬЫЛБА выкидыш, недоносок; бран. молокосос.

      НЬЫЛБАРАҤ слезящийся, гноящийся (о глазах).

      НЬЫЛБЫ 1. совсем, совершенно; 2. ньылбы бар выскользнуть; ньылбырхай скользкий, слизистый.

      НЬЫЛБЫЙ двигаться осторожно, бесшумно.

      НЬЫМА приём, метод, средство; способ; көмө-ньыма подмога.

      НЬЫМААТ дар; бэлэх подарок; обман, хитрость; ньымааттас делать подношение.

      НЬЫМСА легкий, удобный (об одежде); сымса, хапсаҕай проворный.

      НЬЫЫМЫРҔАА неодобр. говорить тихо, капризным голосом.

      НЬЫППАРЫН сиэххин засучить рукава.

      НЬЫРҔА жидкий; ньырҕа түүлээх жидкий мех, редкий (о траве).

      НЬЭКЭЭ (ньээкэ, ньэкэ) дорогое, любимое, сокровенное; көмүс ньэкээ уйа дорогое гнездо, родной дом.

      НЬЭЭМ от, алтан от, алтан бас одуванчик.

      НЬЭМИЭТ выкройка; таҥас киэбэ форма.

      НЬЭҤНЬИЙ обыскивать; ньэҥньиир обыск.

      О

      ОБОР сосать; эм высасывать; оборчо вязкое болото, топь.

      ОБОТТООХ (иҥсэ, мэнэгэй, соллоҥ) ненасытный, алчный; жадный.

      ОБУРГУ 1. довольно большой; значительный; 2. усил. част. кыһын обургу матушка-зима, кини обургу он, такой молодец.

      ОГДОЛУЙ экспр. потерять покой; оставлять место жительства; скитаться.

      ОГДООБО вдова, вдовец; аҥаардас холостой.

      ОҔО 1. ребёнок, дитя; с притяж. афф. оҕом ребёнок+мой, оҕоҥ ребёнок+твой, оҕото ребёнок+его (её); уол оҕо мальчик, кыыс оҕо девочка; оскуола оҕото школьник; кыһыл оҕо, ньирэй оҕо младенец; оҕокком детка, деточка; оҕочоос, оҕо киһи юноша, күтүөт оҕо зятёк; оҕотук детский, наивный, незрелый; оҕотуй вести себя по-детски; оҕотут принимать за молодого, неопытного; 2. детёныш (животных); чыычаах оҕото птенец; кус оҕото утёнок; 3. уменьш. част. дьиэ оҕото домик; чыычааҕым оҕото пичужка моя.

      ОҔОЛОО харай смотреть, присматривать за ребёнком; возиться, нянчить.

      ОҔОННЬОР старик, старец; кырдьаҕас старый человек; убайым оҕонньор почитаемый человек старшего возраста; разг. оҕонньорум муж мой; эвфем. медведь.

      ОҔУНУОХ мазь, сало для смазки.

      ОҔУУР (оҕурук, маамык, маамыкта) петля, аркан; путы, оковы; оҕуруктаах өй, оҕуруктаах тыл хитрый, расчётливый ум; оҕо сааһы оҕуурдаан тутаммыт поэт. в годы юности.

      ОҔУРДУК [ол+курдук [так, таким образом, вот так.

      ОҔУРУО мелкие бусы; хоруоҥка бисер; стеклярус.

      ОҔУС I бык; ат оҕус вол, атыыр оҕус бык-производитель, оҕус торбуйах бычок; кур оҕус вол в нагуле.

      ОҔУС II 1. ударять, бить, колотить, поражать; бить в барабан, в колокол; батыйанан оҕус рубить саблей; отто оҕус косить; быһахта оҕус