ДЭБДИРГЭ осенняя пора до первого снега; дэбдиргэ саҕана сүөһүнү аһатарга для прокорма скота до санной дороги.
ДЭБДЭҤ неодобр. (киһиргэс, чабыланар) легкомысленный, хвастливый, дэбдэй слегка бахваляться.
ДЭБИЛИЙ экспр. бурлить, кипеть, клокотать; доходить до краёв; долгун дэбилийэ сытар волны кипят.
ДЭГДЭЙ дэгдэҥнээ приподниматься; воспрянуть духом; дэгдэс гына түстүм сразу поднялось настроение.
ДЭГИТТЭР разносторонний, способный ко всему.
ДЭГИЭ тыҥырах цепкий коготь.
ДЭГЭЙ дэгэлдьий легко, быстро, энергично двигаться, сүүрэн дэгэйэн истэ бежал, едва касаясь земли; сделать незаметно, хаһан дэгэйэ оҕуста когда он успел это.
ДЭГЭПЧИЛЭЭ оттачивать, убирать излишки (о поделках).
ДЭГЭРЭҤ бег с подскоками или на носках; дэгэрэҥ үктээ (дэгэҥнээ) танцевать, делая подскоки; дэгэрэҥ ырыа пение в быстром темпе.
ДЭГЭТ оттенок, нюанс; тыл дэгэтэ оттенок слова.
ДЭЙБИИР махалка из конского хвоста; көмүс уктаах дэйбиир махалка, имеющая рукоятку с позолотой.
ДЭЭЛ ээл-дээл беспечный, равнодушный; ээл-дээл сырыт относиться беспечно, ничего не предпринимать.
ДЭЛБЭРИЙ 1. дэлби трескаться, лопаться; разбиваться; дэлби бар взорваться; дэлби тэптэрии взрыв; дэлби түс ушибиться; 2. груб. жрать, уплетать; 3. част. очень сильно; дэлби аҕылаа сильно запыхаться; дэлби күл долго смеяться.
ДЭЛЭ (дэлэкээн) чрезвычайно, очень; дэлэкээн үчүгэй буолуо этэ дуо как бы было прекрасно.
ДЭЛЭГЭЙ обильный, достаточный; щедрый, разг. тороватый; ас арааһа дэлэгэй этэ всякой снеди было вдоволь; дэлэй свободный, непринуждённый; дэлэй олох кэллэ настало свободное время.
ДЭМ 1. суть вещи, сущность; дэмин бил понять суть; дэмэ биллибэт боппуруос неясный вопрос; 2. дэмнээ преувеличивать.
ДЭҤ несчастный случай, опасность; дэҥнээ поранить, ушибить, искалечить; дэҥҥэ нечаянно, невзначай (алҕас); дэҥ кэриэтэ, дэҥ курдук редко; изредка.
ДЭРДИРГЭЭ биться, колотиться от тряски (при езде).
ДЭРИЭТИННЬИК дух, привидение.
ДЭХСИ ровный, гладкий; дэхсилээ делать гладким, ровным, выравнивать; разглаживать; эриэ-дэхси ровно, равномерно; гладко.
ДЬ
ДЬАБАҔЫР (ньамаҕыр) покрываться грязью, слизью; дьабахтаа пачкать, марать; портить.
ДЬАБАДЬЫ угол рта; хааннаах дьабадьы перен. кровожадный.
ДЬАБАХ пренебр. мазня; дьабахтаа небрежно, неаккуратно мазать, пачкать.
ДЬААБЫ пренебр. безобразие, беспорядок; дьаабылаа делать, поступать плохо, безобразничать; дьаабылан вести себя неприлично, поступать предосудительно.
ДЬАБЫЛ (кытарах) яловый; дьабыл ынах бесплодная корова.
ДЬАБЫН безвестная даль; потусторонний мир; бран. негодяй.
ДЬАГДЬАЙ