АҔАА мазать слегка, смазывать; бис пачкать; сыбаа мазать толстым слоем.
АҔАЙ част. син аҕай ничего, сносно; почти, изрядно, достаточно.
АҔАЛ давать, подавать; приносить; тиэйэн аҕал привозить; булан аҕал доставать; тириэрт доставлять; туһаны аҕал приносить пользу; үөрүүнү аҕал доставлять радость.
АҔЫЙАХ недостаточно, немного, мало; аҕыйахтык понемногу; не часто; редко; аҕыйат уменьшать, убавлять; аҕыйаа становиться меньше.
АҔЫЛ аҕыллай легкомысленный, непостоянный, переменчивый (о человеке).
АҔЫЛАА (эппэҥнээ, бөтүөхтээ, мэҥий, мэҥилэстээ) запыхаться, задыхаться, тяжело дышать.
АҔЫН I ахтар вспоминать, помнить; скучать, тосковать; ахтыы (ахтылҕан) воспоминание, память; ахтылҕаннаах незабываемый; незабвенный.
АҔЫН II переставать, прекращаться; ардах аҕынна дождь перестал; ах барда замолчал, умолк.
АҔЫННЬЫ аҕынньыта төллөр тошнота, позыв на рвоту от отвращения.
АҔЫНЫАХ (оҕунуох, умунуох) мазь; смазка; елей; аҕыныахтаа мазать, намазывать, натирать, втирать; аҕыныахтан мазать себя.
АҔЫР горкнуть; ахтаах арыы прогорклое масло; эт аҕырбыт мясо несвежее.
АҔЫРАА (аҕырый, аҕырымнаа) утихать, спадать, идти на убыль, уменьшаться, приостанавливаться, успокаиваться; аҕырыт (уҕарыт) усмирять, уменьшать; уордайбыккын уҕарыт умерить свой гнев; ардах аҕыраан эрэр дождь перестаёт.
АҔЫС восемь; ахсыс восьмой; аҕыстыы по восемь; ахсыа восьмеро; аҕыста восемь раз; аҕыстаах восьмилетний, аҕыһым мне восемь лет.
АДАА-быдаа вразброд, порознь; несогласованно, нестройно.
АДАҔА колодка на ногах; перен. тяжесть; обуза, помеха; адаҕалаа надевать колодку, обременять; ограничивать свободу; айах адаҕата нахлебник, дармоед.
АДАҔЫЙ (буулаа) экспр. неотступно преследовать, приставать; поселяться, водворяться; алдьархай бөҕө адаҕыйда пришла большая беда.
АДАРАЙ тонкая деревянная настилка на санях.
АДААРХАЙ адаар выступающий с разных сторон; адаар хайа гора с выступами; адаарый, адаарыҥнаа торчать; адаарыҥнас беспорядочно перемещаться; адаарыс ссориться, не ладить, не уживаться.
АДЫГЫРАА (атыгыраа) выступать, выпирать, выдаваться местами (полосы, зубцы); атыгыраабыт тиистээх с выступающими редкими зубами; адьырыччы үүммүт баттахтаах волосы у него дыбом, торчком.
АДЬАС адьаһын совсем, вовсе, наотрез, совершенно.
АДЬЫНАТ неодобр. укоренившиеся дурные привычки; дурные наклонности.
АДЬЫРҔА (анаҕастаах) хищник; свирепый; адьырый (о шерсти) взъерошиться, ощетиниться; адьырыс браниться, ссориться.
АЙ