Таас Хайа. Бастакы версия. Эрнест Яхонт. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Эрнест Яхонт
Издательство: Издательские решения
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 9785006429963
Скачать книгу
турардаах.

      Биир үтүө күн Мичил таҥас сууйа олордоҕуна, Чегенова Ньургуйаана тиийэн кэллэ. Мичил тугу гыныан булбата, тымныы уунан ыстарбыт киһи курдук хараҕын эмискэ аһа биэрдэ.

      – Мич, привет!

      – Пып, пыр, пирибиэт!

      – Мин эмиэ эйигин кытта лааҕырҕа барар буоллум.

      – Оп, хмм… хмм, ол тоҕо?

      – Эйигин кытта просто нескучно.

      – Эсс, мин-мин жооско ускуучунайбын ээ.

      – Хи хи хи, этэн көр өссө.

      – Ол эрэн баары эттэххэ, дьолбун дьол оҥордуҥ- диэбитигэр Ньургуйаана кэлэн Мичили кууһан ылла, арай эдьиийэ Маайа маҕаһыынтан соһуччу тиийэн кэллэ. Ньургуйаана хайыһа биэрбитигэр Маайа кини диэки кырыктаах хараҕынан көрөн турар эбит.

      – Тугу гына кэллиҥ эн? – Маайа кыырт курдук туттан, саба түһээри соруммутун курдук туттан турар. Ол да буоллар Ньургуйаана даҕаны иннин биэрбэтэ.

      – Ол тугуй? Баар-суох доҕорбор Мичилгэ кэлиэ суохтаах үһүбүн дуо?

      Мичил ойон турда, уонна саҥата суох Ньургуйаананы илиититтэн сиэтэн ылан дьиэтигэр дылы атааран биэрдэ. Ньургуйаана Мичили кытта покаалаһан баран, олбуорун аанын аһан киирэн истэҕинэ Мичил сүүһүттэн сыллаан ылла. Ньургуйаана бастакы уонна бүтэһик таптала, кэлин оҕолорун аҕата, эрэнэр киһитэ буолар. Ол күнү ити кыыс олоҕун тухары субу диэн өйдүү-саныы сылдьыа.

      5. Киэһээлик Мичил дьиэтигэр аһаан баран Оленовтарга таҕыста. Баарамай Егорович Оленов аҕата суох, соҕотох уол, бэйэтэ ийэтигэр иитиллибит. Быйыл Дьокуускайдааҕы Государственнай Университет филология факультетын устудьуона, үөрэҕин кыайар-кыайбат икки ардыгар үөрэнэр, ол эрэн бу сайыҥҥы каникулугар лааҕырҕа баһаатайдыы практикатыгар диэн дойдутугар кэлбит. Толбон олохтооҕо буолан Мичили уруккаттан билэрэ, ол иһин Мичили саха киһитэ буолан туран, маанытык көрүстэ.

      – Сураҕа быйыл баһаатайдыыр үһүгүн ди. Хата миигин суруй эрэ – диэтэ Мичил уонна чэйин иһэн бурдьуҕуната олордо.

      – Суруйан бөҕө буоллаҕа, уонна ким баҕалааҕый доҕотторгуттан?

      – Ньургуйаана.

      – Манна элбэх Ньургуйааналар бааллар, чопчу араспаанньата кимий?

      – Чегенова

      – Айучэ, подружкан да?

      – Миэнэ бөҕө буоллаҕа – Мичил хайдах эрэ кыайбыт-хоппут киһи курдук көрүҥнээх буола түстэ

      – Айкабын да, уонна? Ким даҕаны өссө суруттарыан баҕарбат дуо бу үлүгэрдээх? – Баарамай өссө биирдэ тоһоҕолоон ыйытта.

      – Суох быһыылаах, баҕалаахтар эйиэхэ биллэр инилэр.

      6. Эһиги оҕо лааҕыра диэни хайдах өйдүүгүтүй? Бастакы таптал? Элбэх доҕоттор? Остолобуой минньигэс аһа? Костёр тула олорон кэпсэтии-ипсэтии? Гитара тыаһа?

      Бастакы күнтэн ыла лааҕыр олоҕо бэрткэ саҕаламмыта, баһаатайдара Баарамай барыларын стройдатан туоруоран, биир биир билиһиннэттээбитэ. Элбэх оҕо улуустартан киирэннэр, бары кэриэтэ талааннаах, ким эрэ эрдэ уруһуйдьут начаальнай оскуолатын бүтэрэн, ким эрэ отой даҕаны худуоһунньук төрөппүттэрдээх