Атыыһыт Кырбаһааҥкын. Дабаччыма. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Дабаччыма
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-6122-8
Скачать книгу
убаастанар буолбута. Бэйэтэ да үтүөнү оІорон биэрбит баайын-дуолун суолтатыгар эрэ төнүннэрбитэ, дьадаҥы дьон тута-бааччы сүөһүнү-аһы түргэнник дэлэтэ охсубатахтара. Кини аҕата анаабыт баайын эһээт да, Дьокуускайга киирэн чэпчэки сыанаҕа 200 буут хааһына тууһун атыылаһан ылан дойдутугар Өймөкөөҥҥө, Кириэс Халдьаайыга таһааран атыылаан 1000 солкуобай харчыланар уонна бу харчытынан уон көтөл ындыылаах аттары атыылаһан ылан, хас да сыл устата таһаҕас бэдэрээттэһэн таһан, бэрт түргэн тэтиминэн байан барар. Кэлин ындыы көтөҕөр көтөл аттарын сүүскэ тиэрдибитэ. Дьэ ити кини киэҥ ыырдаах уйгулаах аартыгын саҕаланыыта эрэ этэ.

      1860–1862 сыллартан саҕалаан илин улуустартан уонна Дьокуускайтан тахсар таһаҕаһы барытын бэйэтэ сүрүннээн, тутан-хабан баран Өймөкөөҥҥө диэри бырахтарар, салгыы ол таһаҕаһы өссө хоту сытар Орто Халымаҕа, Айааҥҥа, Муомаҕа диэри сыл аайы бэйэтэ 100–120 көтөл ындыы атынан тастарар. Кини 100 көтөл ындыылаах аттарынан таһаҕас тастарарыгар, бэрт уһун сыллар усталарыгар, бэйэтэ эмиэ бииргэ сылдьыһар. Ол да иһин кинини: «Айыы сирин аһаҕаһын аһан, аҕыс адаардаах айаны айаннаспыт, кµн сирин көҥдөйүн күөнүнэн күрдьэн, тоҕус тоҕойдоох суолу тобулбут улуу кырдьаҕаспыт» – диэн дьоно-сэргэтэ мээнэҕэ киэн туттан туран кэпсиэхтэрэ дуо?! Дойдутугар кини ынаҕы ыалга төрүөҕүн биэрэр манньаҕа айахтыыр уонна хаһаас арыыны мустаран ылар. Ыанар ынахтарыттан отутун бэйэтин дьиэтин эҥээр туруоран ииттэрэр. Итини таһынан Кырбаһааҥкын нэһилиэгин ыалларыгар табаарын иэс биэртэлиир. Ол төлөбүрүн харчынан буолбакка түүлээҕинэн ылар. Кини сыллааҕы иэһин-күүһүн, ыларын-биэрэрин аахсарыгар, ылардаах дьонугар былырыын биэрбит табаарын сыанатын эбэн ылар. Онуоха сыл аайы нэһилиэккэ биирдэ түмсэн ааһар мунньаҕын туһанара, манна ородобуой бырааба суруксутун көмөтүнэн иэһин-күүһүн учуоттуур, эридьиэстиир, бэйэтэ өйүттэн тэбис-тэҥҥэ суоттаһар. Кыһыннары-сайыннары кини дьиэтин көрөн-харайан олорор уон биэс лонкур эр бэртэрэ хамначчыттардаах, алта сылгыһыттаах. уонча ынах сүөһүтүн көрөр дьахталлардаах.

      Аны булчуттартан элбэх ахсааннаах түүлээҕи тутарыгар түүлээх сыанатын адьас чиҥэтэн тутар уонна кыра бытархай харчытын бөдөҥсүтэн тутарыгар улаханнык барыһырар. Онон бүтүн Өймөкөөн, Муома уонна Охуотскай түүлээҕэ сыл аайы биир илиигэ киирэр. Маны Өймөкөөн—Охуотскай суолун аһан, Саха сирин хотугулуу илин өттүнээҕи түүлээҕи барытын олоххо быһаччы наадалаах аска, табаарга атастаһан, хас сыл аайы ылар. Онон дьоно быстарбакка, орто баайыылаахтык олороллорун хааччыйар. Дьэ ити курдук айанныырын, эргинэрин быыһыгар өрүү көмөлөһүннэрэр, суруксуттарын илдьэ сылдьар сытыы-хотуу уолунаан сири-уоту чинчийэн көрө сылдьан иччитэх үрэхтэргэ, тэҥкэ тииттэргэ төһө тииҥ, саарба олоруохтааҕын, кырынаас, лааскый үөскүөхтээҕин, оттоох ходуһаларга төһө сылгы, ынах-сүөһү иитиллиэн сөбүн сылыктаан ааҕар-суоттуур. Оннук тоҕоостоох сирдэргэ эдэр ыаллары, сороҕор бэйэтэ дуруускалаан, тэрийэн, сүөһү бэлэхтээн, саҥа сиргэ көһөллөрүгэр