Атыыһыт Кырбаһааҥкын. Дабаччыма. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Дабаччыма
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-6122-8
Скачать книгу
Хотуоhап уонна атыыhыт Ньукулай Кырбаhааҥкын этилэр. Ыhыах тэрээhин үлэтигэр балай да сыра барбыта, ону үксүн Ньукулай дьиэ ис-тас үлэhиттэрэ толорбуттара. Элбэх биэни анал хааччахтарга хаайан ыйтан ордук кэмІэ ыан уохтаах кымыс бөҕөнµ бэлэмнээбиттэрэ. Маныаха оҕонньор кымыс бэлэмниир дьахталлара күнүстэри-түүннэри түбүгүрбүттэрэ, кинилэр биэ үүтүн ыан киллэрээт, сылааhына симииргэ толору куталлара, онтулара көөнньөрүгэр сүөhү бэстээх иҥиирин бүтүннүүтүн уган баран тыын тахсыбат гына сабан, ичигэс сиргэ туруораллара. Онтукаларын сөп буола-буола биhиэйэҕинэн көөнньөн эрэр кымыhы күүскэ баттыалаан биэрэллэрэ. Оччотугар салгын киирэн, кымыс көөнньүүтүн күүhүрдэр, түргэтэтэр. Итинник ньыманан түөрт-биэс хонугунан бэлэм буолбут кымыhы таhааран сөрүүн умуhахтарга уурбуттара.

      Хас да балайда уус дьоннор ыhыах сэргэлэрин бэлэмнээбиттэрэ. Уустар өйдөбүллэринэн ол сэргэлэр ыhыах кэмигэр Үрүҥ Айыылар халлаантан түhэн олороллоругар аналлаахтар уонна ыhыах сиэрэ-туома ыытылларын көрө, истэ-билэ олоруохтаахтар. Ити сэргэлэртэн саамай сиэдэрэй, киэргэллээх, оhуордаах оҥоhуулаах «Аар баҕах сэргэ» буолар. Бу сэргэттэн илин күн тахсар сирин диэки уот оттуллар холумтаны оҥорбуттара. Онно алгысчыт сиэр-туом оҥоруохтаах диэн буолбута. Ыhыах буолара үс хонук иннинэ Ньукулай Уоhукабыс ыhыахха бэлэмнэниини көрө-истэ кэлэ сылдьыбыта уонна сэргэлэри эрдэтинэ туруортарбыта. Били Аар баҕах сэргэни арҕаа өттүнэн эргийэ хаамыынан мээрэйдээн уон икки сэлэ сэргэлэри туруортарбыта уонна:

      – Аны бу сэргэлэргитин холбооттоон саламалары баайталаарыҥ, ону ынах ситиитин хатан, туос томторуктаан араас оонньуурдарынан киэргэтэргитигэр дьахталларга сорудахтаабыппын бµтэрэн эрэр буолуохтаахтар. Дьэ, кытаатыҥ, – диэн уус уолаттарыгар дьаhал биэрэн барбыта.

      Ыhыах күн ыраах СордоІноохтон, Үчүгэйтэн, Биэрэк Үрдүттэн аттаах, табалаах дьон тиийэн кэлбиттэрэ. Ньукулай оҕонньор бэйэтэ Тарын Үрэхтээҕи дьиэтиттэн кэргэнин Даарыйаны акка мэҥэhиннэрэн үрүҥ көмµс ыҥыыра ыраахтан кылбачыйан иhэрин көрөн чугас аймахтара утары хааман тиийэн көрсүбүттэрэ. Түhүлгэҕэ элбэх киhи мустубута, бука бары били саҥа туруоруллубут сэлэ сэргэлэр тастарыгар эргиччи олорбут этилэр. Арай былыргы өбүгэлэрин үгэстэрин тутуhан аймаҕа өлбүт киhи иккис саҥа ыйа үүнэ илигинэ уонна саҥа оҕоломмут дьахтар Үрүҥ Айыылартан кымньыылатыахпыт диэн кэлбэтэхтэр. Онтон төбүрүөннээн олорор дьон ыhыах оонньуута аhыллыар диэри ол-бу үлэ-хамнас, от-бурдук, олох-дьаhах, дьыл хаамыытын туhунан кэпсэтэ олорбуттара.

      – Быйыл биhиэхэ іймөкөөннөргө кыhыммыт сымнаҕас буолла, онон сайын итии күннэри кытары, кэмигэр ардыаҕа, өҥ дьыл буолара билиннэ дии, от-мас үүнэн силигилээн эрэр, – диэтэ маҥан былаатынан төбөтүн тууна бааммыт, сирэйин күн уота быһыта сиэбит аарыма кырдьаҕас Түмэппий оҕонньор бырдахтан дэйбииринэн сапсына олорон.

      – Ээ, буолуо, от үүнүүтэ ханна да куhаҕана суохха дылы. Онтон дьыл кэлиитэ хайдах буолуой?

      – Хата ол оннугар күhүн саҕаланыыта ардаҕа суох