Вануату – дьол уйата. Даана Сард. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Даана Сард
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-3400-0
Скачать книгу
сонно илиитигэр автоматтаах курдук тутунна уонна кыҥыы-кыҥыы тула өттүн ытыалаабыта буолла.

      – Артыыс дьоҕургун туһата суох, мээнэ көрдөрө сатаама!

      – Костик, санаарҕаама, хаһан эрэ миигинэн өссө киэн туттуоҥ. Эппэтэҕэ диэйэххиний! Мин таах сылдьыбаппын ээ, араас уобарастары бэйэбэр «мээрэйдиибин», этэллэрин курдук, воображениебын сайыннарабын, артыыс буоларга бэлэмнэнэбин.

      – Оччотугар аһара итэҕэтиилээхтик киирэҕин.

      – Этэбин дии, хаһан эрэ Михаиллыын доҕордуу этибит диэн дьоҥҥо кэпсэнэ сылдьыаҥ.

      – Ол түгэҥҥэ диэри өссө тиийиэххэ наада!

      – Тиийиминэ, күн сарсын өлөөрү гынныҥ дуо?

      Эмискэ Костя тохтуу биэрдэ. Тугу эрэ толкуйдаабыттыы, саҥата суох турда, онтон эттэ:

      – Көрөҕүн, ол муннукка хаһыат атыылыы турар кыыһы?

      – Көрүмүнэ, онно туох баарый?

      – Киниэхэ карточка хайаан да баар.

      – Һы, ону эн хантан биллиҥ? Сүүһүгэр сурулла сылдьар дуо? – Миша итэҕэйбэхтии саҥа аллайда.

      – Мин билбэппин, мин сэрэйэбин, – Костя боччумурбут сирэйин көрөн, Миша бэйэтэ да соһуйда быһыылаах:

      – Оччотугар баран ыйытыахха, – диэтэ.

      Баттаҕын, ыһыллыбатын диэн, резинканан бобуччу туттарбыт кыысчаан, кимиэхэ да аахайбакка, «Гламур» сурунаалы ааҕа олорор. Биллэн турар, ки-им да киниэхэ чугаһаабат. Арааһа, салгыы атыы-тутуу итинник тэтиминэн бардаҕына, кини бэрт сотору «точкатыттан» үүрүллүүһүк. Костя «Вокруг света» сурунаалы илиитигэр ылбытыгар биирдэ кыыс харахтарын ааҕа олорор сурунаалыттан нэһиилэ араарда уонна уолаттар диэки ээл-дээл көрдө. Эмискэ кини бэйэтин дьиҥ «оруолун» өйдүү биэрдэ быһыылаах, табаарын симиктик рекламалаан барда:

      – Сибиэһэй кроссвордар, «Скандалы» хаһыат, «Максим» сурунаал бүтэһик нүөмэрэ. Бэҕэһээ эрэ кэлбитэ…

      – Таксофон карточката баар дуо? – Миша наадатын тута эттэ.

      Кыыс чочумча, киниттэн тугу ыйыталларын өйдүү сатыырдыы, саҥата суох олордо, онтон остуолун анныттан кыракый хоруопканы ороон таһааран, синньигэс тарбахтарынан балайда өр хаһыста уонна кэмниэ кэнэҕэс:

      – Баар эбит, ол эрээри аҕыйах единицалаах, – диэтэ.

      – Ол аата хайдах? – Миша өйдөөбөтө.

      – Ол аата кылгастык кэпсэтэҕит.

      – Буоллун, биһиэхэ уһуннук кэпсэтэр наадата суох. Сыаната төһөнүй?

      Кыыс сыанатын эттэ, Костя төлөөтө. Таарыччы били «Вокруг света» сурунаалын атыыласта.

      – Костик, хата киһини соһуттуҥ дии! Эн экстрасенс талааннааххын мин адьас да билбэт этим, хайдах ити курдаттыы көрөҕүн? – Миша сөхпүтүн кистии сатаабата.

      – Итини баҕас сатаан быһаарар кыаҕым суох, тоҕо диэтэргин ити математика буолбатах, биир да быраабылаҕа, сокуоҥҥа сөп түбэспэт.

      – Ити кыыс карточкалааҕын эн хантан билбиккиний, эт эрэ? – Миша чопчу эппиэти истиэн олус баҕарда быһыылаах, ол эрээри Костя дуоннааҕы быктарбата.

      – Мин билбэтэҕим, көннөрү сэрэйбитим эрэ, – диэтэ. Таксофоҥҥа тиийэн, кини джинсытын сиэбиттэн кумааҕы ороото уонна ону көрө-көрө кнопкалары