– Кини өйдүө, сүүстэ өйдүө…
– Маайа да тылгын кыатан.
– Ыы-ыы… ыы… бырастыы гыныҥ, алҕас… ыы-ыы… Даайаа, этээйэҕин, көрдөһөбүн, ыы-ыы… оҕонньоргор этээйэҕин…
– Суох-суох! Тоҕо этиэмий?
– Ытаа-ытаа, ытыыр арыт эмп буолар! Даайа этиэ суоҕа, куттаныма! Онтон эрэ куттанар… Барыах, Даайаа, долбуургун саайсыам.
– Чэ!
Настаа сүрдээх кыыс эбит буолбаат?! Хайдах ол кини санаатыгар батаран…
– Хайыа, көрбөккүөн?!
– Уой, хайыта баран түһэҥҥин, киһини соһуттуҥ!
– Көрбөккүөн? Ол-ол! Түннүккүн көр! һа-ай! Һай-һай! Сиэн бүтэрбит буолбат дуо? һа-ай! һай- һай! Түннүгү аһаҕас быраҕан кэбиспиккин дии…
– Хайыа… һай-һай!
– Туох айылаах минньигэс сибэккитин аҕалан ууран биэркиний? Саадьаҕай борооску сиэн бүтэрбит… һай? Киэр буол, бар! һай-һай!
– Уой, дьиикэй… сиэн бүтэрбит.
– Кэһэй, тоҕо түннүгү аһаҕас бырахпыккыный?!
– Салгылаатын диэммин.
– «Салгылатар» ээ… Биһи хотоммутун салгылатан сытын суох гыныаҥ суоҕа. Сордоох борооску эбит дии, төбөтүн уган туран, сиэн мээтиргэтэн кэбиспит.
– Хаарыан сибэкким! Сатана борооскута…
– Ох, Даайа-Даайа… Ох-хо-хо! Ах-ха-ха! Һа-һа-һа! Сибэккигиттэн силиһэ да хаалбатах. Аа-һа-һа!
– Күлүөх сириҥ баппатаҕын… Хаарыан сибэкким!
– Ой-ой! Ха-ха! Ой-ой…
– Хайа, Маайаа, туох айылаахтан быара суох бардыҥ?
– Татыйаас, көр эрэ. Ох-хо-хо! Ах-ха-ха! Сибэкки… сибэккини… Даайа сибэккитин саадьаҕай борооску сиэн кэбиспит.
– Сиэн кэбиспит даа? Оо! һы-һы… һа-һа… Сиэмнэ! һы-һы-һы-һа-а… Суох, баҕар, сиэтээри соруйан аҕалан биэртэ буолуо, ээ? Даайаа, оннук дуо?
– Хаарыан сибэкким…
– Ха-Ха-ха!.. Сибэккилэнэн бүттэхпит, ха-ха-ха!
– Һы… һы-һа-һа…
Акаары дьахтар иккис таптала
Киниэхэ иккис таптала эмиэ эмискэ кэлбитэ, эмиэ сол курдук эмискэ суох буолан хаалбыт эбит. Ол маннык этэ:
– Егоров, көнөтүк олор! Эргичиҥнээмэ, – диир учуутал.
Уол учууталын диэки эргийэр, ол эрээри сонно тута кэннин хайыһа охсор уонна салҕыы этэн барар:
– К. К. К. Ол аата тугуй?
– Капитан Кассий Колхаун. Сөп дуо?
– Эн хайдах барытын билэҕин?
– Билимнэ. Чэ, аны эн таай. К тире Т, кавычкалаах, тугуй?
– «Кон-Тики». Сөп дуо?
– Эн ону билэҕин?! Ой-ой…
– Егоров! Көнөтүк олор.
Даайа уруучукатынан уол көхсүн анньыалыыр, уол эмиэ эргиллэр:
– Аны – эн! Бу сырыыга адьас таайыаҥ суоҕа!
– Көрүллүө! Чэ, эт.
– Дьиикэй аттар.
– Пржевальскай аттара.
– Аһа-а! Суох,