– Баайдар, мин санаабар, эмиэ ити кырбый курдуктар, кинилэр кыра-дьадаҥы дьон хара көлөһүннэрин супту уулууллар, – диэн Сүөдэр ис санаатын Маайаҕа кэпсиир. Кини урут хаһан да бу курдук киэҥник ырыта санаабат этэ. Ити санаа кини Маайаны кытта кэпсэппититтэн хайдах эрэ бэйэтэ үөскээн таҕыста. Кини «баттанабын», «атаҕастанабын» дии саныыра урут да элбэх этэ. Ол гынан баран урут ону барытын «оҥоһуум оннук буоллаҕа» диэн быһаарара.
– Сүөдээр, мин кыра эрдэхпинэ Аркадий Романович диэн сыылкаҕа кэлбит нууччаҕа үөрэнэ сылдьыбытым. Кини миэхэ этэрэ: «Төрүүрүгэр киһи киһиттэн туох да уратыта суох: баай даҕаны, дьадаҥы даҕаны», – диэн.
– Оччоҕо тоҕо сорох баай, сорох дьадаҥы буоларый? – Сүөдэр ыйытар.
– Маҥнай ким сатабыллаах байара буолуо… Онтон астанан, таҥастанан баран, тиийиммэт дьоннорун, ыалларын хамначчыт оҥостон, эбии байан эрдэҕэ дии, – Маайа бэйэтэ өйдүүрүнэн кэргэнигэр быһаарар. – Оттон эн туох дии саныыгыный?
– Таҥара айбыта оннук дэһэллэр дии, – Сүөдэр сонньуйар. Кини итини букатын итэҕэйбэт. Хайдах да таҥара биир киһини баай буол, атынын дьадаҥы буол диэн тус-туспа айыар сатамматын өйдүүр.
– Таҥара, – диэн Маайа, өр соҕус санаарҕаабыт курдук хааман иһэн, ботугуруур, – таҥара… Мин учууталым «таҥара да, абааһы да суох» диэн куруутун миэхэ өйдөтөрө. Сиилин аҕабыыкка ону этэммин, учууталбын үүрдэрбитим, – Маайа үөһэ тыынан ылар.
Үрээнньик кэлэрин көрсөөрү, Дьаакыбылап кулуба сарсыарда эрдэ турда. Огдооччуйаны туруоран, чэй өрдөрдө, ас астатта, биир иһит арыгыны улахан хоһун остуолугар кылбаччы туруоран кэбистэ.
Дьаакыбылап кулуба сотору-сотору тэлгэһэтигэр тахсан дьаарбайан киирэр. Ол сылдьан көрдөҕүнэ, хамначчыттара өссө да тура иликтэр. Уруккута эбитэ буоллар: «Тоҕо баччааҥҥа диэри утуйа сытаҕытый?» – диэн айдаан бөҕөнү тардыа этэ. Оттон билигин кини: «Сотору турбаттара буоллар!» – дии саныыр. Хамначчыттара туран, онно-манна үлэҕэ тарҕаһан хааллахтарына, Сылгыһыт Сүөдэр эмиэ ханна эмэ баран хаалыа. Оччоҕо аны ол көрдөбүлүн түбүгэ кэлиэ. Онон – утуйдуннар…
Күн илиҥҥи арыы тиит үрдүнэн кылбайан үөһэ ойон тахсыыта Малаанай Ньукулай Березкин үрээнньиктиин сиэллэрэн дьигиһитэн иһэллэрэ көстөр.
Дьаакыбылап, эккэлээбит курдук туттан, Березкин үрээнньиги атын хоско ыҥыран киллэрэр.
– Мин биир хамначчыттааҕым икки сыллаахха Бүлүү биир улууһун кулубатын кыыһын ойох кэпсэтэ барбыта. Онуоха биһиги оонньуу-күлүү кэриэтэ: «Мин атыыһыт уолабын», – диэ диэбиппит уонна кини дьонтон ылар элбэх иэстээҕин курдук сымыйанан «биэксэл» оҥорон биэрбиппит… Биллэн турар, баай кулуба оннук кумааҕыта суох, кыыһын биэрбэт буоллаҕа дии…
Березкин үрээнньик, өйдүү сатаан баран, илиитинэн сапсыйан кулубаны тохтотор.
– Хамначчыт… кулуба кыыһа… биэксэл… –