– Тугу үөрэтэҕиний? – диэн кыыстан ыйыппыта.
– Мин ааҕарга-суруйарга, ахсааҥҥа уонна… нуучча государствотын историятыгар үөрэнэбин.
– Маладьыас!.. Дьэ олорго чуолаан тугу-тугу үөрэтэҕиний?
– Нуучча тылын грамматикатын… Ахсааҥҥа – алгебраны… Россия империятын историятыттан – Киевтээҕи государство историятын… Уонна нуучча литературатыгар – Александр Сергеевич Пушкин хоһооннорун, Николай Васильевич Гоголь кэпсээннэрин. Итилэри таһынан Иван Андреевич Крылов үгүс үгэлэрин…
Сиилин аҕабыыт сотору-сотору:
– Маладьыас! – диэн сэҥээрэ олорбута.
Маайа хаппахчытыгар сүүрэн тэлээрэн киирэн тэтэрээттэрин, кинигэлэрин аҕалан аҕабыыкка көрдөртөөбүтэ. Сиилин аҕабыыт кыыс билиитэ элбэҕин, үөрэҕэр үчүгэйин хайҕаабыта. Суос-соҕотох оҕолорун хайҕатан, төрөппүттэр сүрэхтэрэ үөрүүнэн туолан, таһынан дьалкыйан, ып-ыраас харах уута буолан таммалаабыта.
Баачыка, кыыһы кытта өр соҕус кэпсэтэн, кини ааҕар кинигэлэрин арыйталаан көрбөхтөөн баран ыйыппыта:
– Ханнык мэлииппэни билэҕиний? Таҥара сокуонун кинигэлэрин үөрэтэҕин дуо?
Маайа биир да мэлииппэни билбэт этэ. Кинини учуутала таҥара сокуонун кинигэтигэр эмиэ үөрэппэтэҕэ. Арай биирдэ, гимназияҕа киирэр туһунан кэпсэтэллэригэр, Аркадий Романович: «Гимназияҕа киирэргэ таҥара сокуонун хайаан да ыйытыахтара. Ону эйиэхэ хойут үөрэтиэм», – диэн эппиттээҕэ.
– Суох… мэлииппэҕэ Аркадий Романович миигин үөрэппэтэҕэ.
– Хайдах?..
– Аркадий Романович таҥара да, абааһы да суох диир, баҕар, ол иһин миигин мэлииппэҕэ үөрэппэтэҕэ буолуо… – кыыс баачыкаҕа көнөтүнэн кэпсээбитэ.
Билигин аҕай Маайа билиитин хайгыы, күлэ-сала, үөрэ-көтө олорбут аҕабыыт хаана тоҥо, сирэйэ дьэбин уоста, кэтит бытыга уһуктана, хараҕа уоттана түспүтэ. Кыыстаах аҕабыыт тугу кэпсэтэллэрин билбэккэ, бүтэйдии үөрэн, мичиҥнии олорбут Харатаайап кулуба:
– Баачыкаа-а, мин оҕом хайдах… – диэн иһэн, аҕабыыт кубулуйан хаалбыт сирэйин дьэ өйдөөн таба көрөн, ах барбыта.
Аҕабыыт, уордайбытын омунугар кэһиэҕирбит күөмэйин ыраастанан, хаста да көхсүн этиппэхтээбитэ. Сип-сибилигин аҕай үөрүү-көтүү угуттаан турбут дьиэтин иһэ, сааскы сырдык күнү хараҥа былыт хаххалаабытыныы, хараҥара, тымныйа түһэргэ дылы буолбута.
Сиилин аҕабыыт, тылыттан маппыттыы, саҥата суох олорбохтоон баран, уоһун иһигэр тугу эрэ ботугураабыта. Маайа, үүтүн тохпут оҕо курдук, куттаммыт хараҕынан аҕабыыты көрүтэлии турбута. Кыыстара туох диэбититтэн баачыка бачча үлүгэр кыыһырбытын дьиэлээхтэр хантан билиэхтэрэ баарай!
Аҕабыыт остуол аттыттан аа-дьуо түөһүллэн турбута, кыыһырбытын омунугар бытыга илибириирэ.
– Сэмэн Уйбаанабыс, кыыскын кимиэхэ үөрэттэрэҕиний?.. Туохха үөрэттэрэҕиний?
Харатаайап кулуба, итинник эрэ ыйытыыны