Сүөдэр сир хоруттарбыт саадьаҕай оҕуһун туора миинэн, синньигэс хахыйах кымньыытынан оҕуһун куттуу, салгыны быһыта дайбаан кууһурҕата иһэр. Кини, Маайа хаһыытын истээт, эргиллэ биэрэр.
– Маайа! – диэбитинэн Сүөдэр ойон түһэр. Миинэн иһэр киһитэ түһэрин кытта оҕус, бааллыбыт курдук, тохтуур, хара буор суолунан мас сыҥаахтаах сыарҕаны соһон иһэриттэн сылайан, аҕылаан, ып-ыраас сыраана сиргэ субуруйан тохтор.
Маайалаах Сүөдэр саҥата суох куустуһа түһэллэр. Сылайбыт саадьаҕай оҕус: «Өр соҕус куустуһан туруҥ – сынньаныам», – диэбиттии, кинилэр диэки көрөн кэбиһээт, кэбинэн барар.
– Маайа, мин үлэбин бүтэрэн иһэрбин хантан билэн көрсө таҕыстыҥ?
– Эн суоххуттан тэһийбэккэ… Манна баар хотоол уутугар таҥаспын… сууна сырыттахпына, Сүөдэркэ кэлэн моһуоктаата…
– Моһуоктаата да-а! – Сүөдэр эмискэ кубарыс гына түһэр. – Кини ханна баарый?
– Быарга анньан куоппутум…
Сүөдэр туох да саҥата суох, хахыйах кымньыытын туора туппутунан, сүүрэр-хаамар былаастаан, хотоол диэки барар.
– Сүөдээр! Барыма!.. Төнүн! – Маайа кэргэнин ыҥыра, тохтото сатыыр. Сүөдэр, икки хараҕын үүтэ көстүбэт буола кыыһыран, кинини кыра оҕо эрдэҕиттэн күн бүгүнүгэр диэри баттаабыттара, атаҕастаабыттара, муҥнаабыттара барыта мунньуллан, Маайа ыҥырбытыгар кыһаллыбакка, тэбинэ турар.
V
Сүөдэр, кырдал саалыгар ыттаат, Маайаны эккирэтэн иһэр Сүөдэркэни утары көрсөр. Кини, куотар бокуой биэрбэккэ, сүүрэн кэлээт, Сылластыгаһы уолугуттан харбаан ылар.
– Тойонум оҕото, дорообо! Хамначчыт кыргыттаргын атаҕастыыргар астыммаккаҕын, аны хамначчытыҥ кэргэнин былдьаһар буолбуккун дуу?
– Бу туох буоллуҥ?.. Кырбаары гынаҕын дуо? Дьэ кырбаан да көр эрэ!.. Ыспараанньык да тойон ыраах буолбатах, – диэн куттанан салҕалас буолбут Сүөдэркэ, төлө мөхсө сатыы-сатыы, суоһурҕаммыта буолар.
– Эһиги хара батталгытыгар суут-сокуон диэн суох!.. Эн хас хамначчыт кыыһы саакка киллэрдиҥ?! Ийэҥ хастарын кырбаан өлөртөөтө?! Итиннэ барытыгар суут-сокуон суох! Ким биһигини көмүскүүр дьонноробутуй? Ити оҥоһуугутугар ыспараанньыктан эһиги тоҕо куттаммаккытый? – дии-дии Сүөдэр тойонун аах уолларын илгиэлиир, түөһүгэр кимитэлиир. Кини, бэйэтин тылыттан бэйэтэ быыппастан, кыыһыран, сатаран барар.
– Ыыт диибин дии!.. Атаҕастаппыттаах буоллаххына, тойоҥҥор үҥүс ээ… Ону ким боборуй?.. Ыы-ыт, ийэбэр этиэм! – Сүөдэркэ ытаары сыҥсырыйан барар!
– Уон икки саастаахпыттан көлүнэр көлө оҥостубут киһитин, көмүскэһэрин оннугар күргүйдүүр, аһынарын оннугар охсор тойоҥҥо үҥсэр үһүбүн дуо?
Сүөдэркэ, хараҕын куһаҕан баҕайытык турулуччу көрүтэлии-көрүтэлии, ыксаабыт куолаһынан ыһыытыыр:
– Улуус кулубатын, күн ыраахтааҕы итэҕэллээх киһитин, айыы тойон таҥараҕа андаҕайбыт… кини туһунан туох дииргин кэпсиэм!.. Ыт сирэй, хаайыыга сыттаххына, түрмэҕэ түүнүгүрдэххинэ, хара маска хам кэлгиллэн таһылыннаххына, өйдөнүөҥ!
Сылластыгас