Хотун Куо. Ойуур Уйбаан. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Ойуур Уйбаан
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-5480-0
Скачать книгу
дуо?! Саарбах буолуо ээ. Оннооҕор Люция эдэри булла дии. Хаарты оннук билгэлээбит үһү. Хата, кини эппиэтэ бэлэмэ бэрт. «Кэтэһэртэн кэлтэй буоллум» диэн аһаҕастык билиммэт. Эрдэнэ сылдьыбыт дьахталлар өр соҕотох сылдьыбаттар. Күннэй эр киһитэ суох сатаммат буолууну билэ илик. Сааһырдаҕына, кини да эдэртэн оҕолоноро ордук…

      Люция Мишкаҕа тиксэрбит үтүөбэр махтаммыт аатыран сэрэбиэйдээн, киһини араас санааҕа-онооҕо түһэрдэ. Кэм да биһиги буолуохпут. Һы, хайаан баччааҥҥа диэри сэрибиэйдиир дьоҕурун биллэрбэккэ, ханна хаайа сылдьыбыта эбитэ буолла. Бүгүн олох атын үлүгэрдик тыыллан-хабыллан турбута дьэ дьикти. Итинэн кини тугу этээри гынара буолуой? Баҕар, эдэр худуоһунньук чолоҕоругар күнүүлүүрэ буолуо. Пахай, ама мин кинини кытта таптаһыам дуо?..

      Күннэй түүнү сөбүлээбэт. Хоһугар соҕотох хааларыттан куттанар. Эчи, абааһы илэ бэйэтинэн субу сарбайан тахсыах курдук буолааччы. Ол да буоллар, куоракка кэм дэриэбинэтээҕэр ордук ээ. Таһырдьа уот арааһа сандаара-күндээрэ күлүмнүүрэ көрүөххэ эриэккэс! Туох эрэ таайтарыылаах, үөрүүлээх түгэҥҥэ угуйарга дылы. Куорат куугунас тыаһа-ууһа аныгы олох сайдыытын туоһута буолан биир кэм ньиргийэ олорор. Бачча сэргэххэ хайдах таах олоруоҕай? Өрүү өргө диэри үлэтин суруйан аралдьыйар. Кандидатскай үлэтин көмүскээт, аны иннэ-кэннэ бүтэн-оһон биэрбэт докторскайын кытта тиниктэһэн эрэр. Дириҥ чүөмпэ курдук муҥурун булларыа суох диэн чаҕыйбакка, чуумпу киэһэлэргэ дьаныһан дьарыктанар. Киэҥ-куоҥ билиини эбинээри, араас кэмнэр идэлээхтэрин, мындыр өйдөөхтөрүн үлэлэрин ааҕан, балачча элбэҕи билбит курдук да, билиҥҥитэ дьонугар-сэргэтигэр киһиргэнэ кэпсэнэр ситиһиитэ суох.

      Орто туруу дойдуга кэлбит аналын толоро илик. Тапталлааҕын көрсөн, оҕо төрөтөн ыал буолан олорор буолуохтаах этэ… Ону баара, сөптөөх эр бэрдэ баччааҥҥа диэри көстө илик. Үчүгэйдэр, кыахтаахтар бары номнуо ойохтонон, оҕолонон ырааппыт буолан иһэллэр. Бүгүн көрсүбүт Андрей Николаевиһа эмиэ…

      Күннэй тугу эрэ наадалааҕын умнубуттуу, хайдах эрэ тэһийбэтэ. Бу олоххо кини эрэ оннун була илик курдук сананна. Улахан дуоһунастанан бар дьон олоҕун тупсарыан баҕарбыта хаһан да туолуо суох быһыылаах… Сымнаҕас сыттыгар умса түһэн арааһы ыатара саныы сытта.

      4

      Күннэй сатыы түһүнэн кэбистэ. Хата института ырааҕа суох буолан абыранна. Икки уулуссаны уҥуордаан, киин болуоссаты туораата да, биэс мэндиэмэннээх таас дьиэҕэ кэтиллэ түһэр. Учуонайдар интэлигиэннэр диэх курдук бартыбыал, паапка тутуурдаахтар. Өрүү тугу эрэ толкуйдуу сылдьар дьоһуннаах көрүҥнээхтэр. Хамнастара кыра буолан массыыналаах аҕыйах.

      Институт улахан аанын аһан иһирдьэ киирбитигэр сылаас салгын ил гынна. Таҥас ыйааччы кыыс: «Хайыа, Саргылаана! Көрбөтөҕүм ыраатта, уоппускаттан кэллиҥ дуо?» – дии көрүстэ. Күннэй хойуу кырааскалаах харахтарын симириктии көрбүт мыс курдук тэтэркэй иэдэстээх кыыстыын айах атан кэпсэппитин өйдөөбөт. Ол да буоллар, сиэри ситэрэн үөрэ-көтө дорооболосто, дириэктэр баарын-суоҕун туоһуласта. Кэлэн ааспыта уонча мүнүүтэ буолбут. Хата