Арыгыһыт кэргэннээх сор. Галина Нельбисова. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Галина Нельбисова
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-5499-2
Скачать книгу
мөссүөннүүн тупсан кэлэрэ. Ас эгэлгэтин астыыра, тылын баһа барыта «паапабыт» буола түһэрэ. Оҕолор эмиэ биллэрдик сэргэхсийэллэрэ, оскуолаҕа үөрэхтэригэр тугу ситиспиттэрин, дипломнарын, грамоталарын дьыбааҥҥа тиэрэ түһэ сытар аҕаларыгар аҕалан үҥүлүтэллэрэ. Ону билигин санаатаҕына уйаргыыр. Ол кэмҥэ таах күдээринэ көрөр быһыылааҕа. Уолаттар аҕалара өйдөөҕөр тыаҕа бултуу, балыктыы барсаары баҕатыйаллара. Саараама, биирдэ да илдьэ сылдьыбатаҕа. Бардаҕына табаарыстарын кытта ыраатар аатыран, уолаттарын хааллартаан иһэрэ.

      Биир кыһыҥҥы киэһэ куораттан эмиэ биир уочараттаах «гастролуттан» тахсан, тыраассаҕа такситтан түһэн дьиэтин диэки көрбүтэ уота суоҕа, оһоҕуттан буруо да тахсыбата. Тугу эрэ куһаҕаны сэрэйбит курдук, сүрэҕэ «парк» гына түспүтэ. Ийэтэ балыыһаҕа сытарын билэрэ. Варя бу үлүгэр тымныыга оһоҕун оттубакка ханна да барыан сатаммат диэн саныы-саныы, төһө да өйдөөх буоллар, тэлиэс-былаас хааман дьиэтин ааныгар кэлбитэ ыт баһын саҕа күлүүс ыйанан турара. Тэлгэһэ барыта хаар, бу күннэргэ түспүт хаар күрдьүллүбэтэх этэ. Ону көрөн баран ончу иэдэйбитэ. Икки чабырҕайын туттан баран күрдьүккэ чочумча олоро түспүтэ, онтон балта Даайыстаах диэки суолу туппута.

      Даайыс, убайа киирэн иһэрин көрөөт: «Дьонуҥ эйигиттэн бардылар, күлүүһүҥ ол сытар», – диэн баран сиэркилэ туумбатыгар сытар күлүүһү ыйбыта. Даайыс сүр кытаанах куолаһынан эппит тылларыттан тымныы уунан саба ыстарбыт курдук буола түспүтэ. Тахсан атах балай хааман, сэлиэнньэ түгэҕэр олорор бииргэ үөрэммит уолугар Миитээскигэ тиийбит этэ. Тугу гыныай, ойоҕо барбытыттан аймаммыт киһи хас да күн арыгылаан ииригирбитэ.

      Сэлиэнньэҕэ бэйдиэ хаампыта нэдиэлэ буолуутугар Даайыс маҕаһыыҥҥа көрсө түһэн илдьэ кэлбитэ. Онно Варя аҕата Алексей Андреевич Дьокуускайга кэлэн кыыһын, сиэннэрин дойдуларыгар илдьэ барбытын кэпсээбитэ. Даайыс сүбэтинэн Варятыгар төлөпүөннээн кэпсэтэ сатаабыта. Туруупканы ийэ кынна Аграфена Саввична ылан биир тылы саҥарбат оҥорбута. «Итиэннэ бу нүөмэри умун, кыыспытын, сиэннэрбитин итэннэ эйиэхэ чугаһатар санаабыт суох. Ону өйдөөн кэбис» диэн буолбута.

      Дьэ итинник ыал буолан бүппүтэ. Балтылаах быраата көмөлөһөннөр, дьиэтин сылыттан ийэтин кытта кыстаабыта буолан баран, саас куоракка киирбитэ.

      Олох дьэбэрэтигэр айаҥҥа куодарыһан

      Дьэ уонна уонча сылы быһа, билигин санаатаҕына, «эһигиттэн бу айылаах буоллум» диэбит курдук сылдьаахтаатаҕа. Сирэй-харах буорайан, тиис-уос бүтэн, таҥас-сап баранан. Билигин кэлэн кыбыстыбытын, сааппытын иһин туох кэлиэй?! Төрдүн-ууһун, өбүгэлэрин, аймах-билэ дьонун аатын түһэн биэрэн. Дьон: «Пахай, Сахаарбыт ончу да вокзалга сылдьар эбит ээ», – диэн соһуйан, кэлэйэн төһөлөөх кэпсэппиттэрэ буолуой?! Оҕолоро отуттарыттан тахсыбыт дьон буоллахтара, куттанан, сиргэнэн, аттынан ааһан иһэн ырааҕынан тумнан ааспыт буолуохтарын сөп. Уонча сылы быһа тохтоло суох бомжтары кытта сылдьыбатаҕа эрээри, оннук кэрдиис кэмнэр бааллар этэ. Ордук кыһын дойдутун булан, быраатын аахха хотон