Киинэ лиэнтэтигэр курдук
Бу санаатаҕына, Захар аанньа аккаастаммата быһыылаах, «чэ, сөп даҕаны» диэн баран, кэтэҕин эрэ тарбанан хаалаахтаата. Эчи, хантан булан-талан, чуо киниэхэ тиийэн-тиксэн кэлбиттэрэ буолла?! Арыгы буулаабыт алдьархайыттан быыһанан, көнөр суолга тахсыбыт киһи туһунан киинэ устар сорудахтаахтар үһү. Дьэ, көтүөккэлэһэн түһэн ыксаллаах дьон, сарсын киинэ устан, өйүүн көрдөрүөх дьон курдуктар.
Сиэн Тиитэп ыллыыр ырыатыгар этиллэрин курдук, кырдьык, киһи тохтуу түһэн олорбут олоҕун туһунан санаатын сааһыланнаҕына, ааспыт күннэр-дьыллар хараххар киинэ лиэнтэтин курдук субулла көтөллөр. Захар бу 55 сааһын туолан олорон, этэргэ дылы, бэйэтин баҕатынан даҕаны диэбит курдук, олох барахсан араас уустуктарын этинэн-хаанынан билэн кэлээхтээтэ… Сибилиҥҥи өйүнэн-санаатынан ончу атыннык олоруохтааҕа. Суох буоллаҕа, оҥостубут олоҕун аһыы ууга атастаһан көрүөх бэтэрээ өттүгэр ыспыта-тохпута, кэргэниттэн арахсыбыта, дьонун-сэргэтин кэлэппитэ…
Киинэ устар уолаттар этэллэринэн, кини олоҕор майгыннатан уһуллубут киинэ дьон өйүгэр-санаатыгар сабыдыаллаан, олохторун туһунан толкуйдуулларыгар, көнөр туһунан быһаарыналларыгар көмөлөһүөхтээх үһү. Бэрт буолуо этэ. Захар билигин сороҕор таксилаан Дьокуускай куорат автовокзалын таһынан ааһан иһэн, онно мустан батыаккалаһа сылдьар биир саастыылаахтарын, ыччаттары көрдөҕүнэ санаата түһэр. Кырдьык, сороҕор массыынаттан ойон тахсан өй угар, сүбэлиир, бэсиэдэ ааҕа түһүөн баҕарар. Бэсиэдэ буолар ээ, олус улаханнык эттэ! Дьиҥинэн, ол эрэттэр син биир кинини истэ да сорумматтарын билэр. Кини эмиэ ити автовокзал таһынан таҥас-сап, дьүһүн-бодо буолан сылдьыбыт кэмнэрдээҕэ. Биир эмэ киһи тыл быраҕан аастаҕына өссө сөбүлээбэккэ өрөлөһөөрү хаайар, сааппакка, кыбыстыбакка харчы көрдөөн турар дьон буоллахтара эбээт. Арай биирдэ ийэтэ барахсан тэҥэ саастаах кырдьаҕас «оо, бараххаттар, хайа эрэ ийэ көмүс чыычаахтара, киһи-хара буоллун диэн сыраласпыт дьоно сылдьаахтаатаххыт дии» диэбитигэр Захар сүрэҕэ хамсаан, биир өлүүгэ сылдьар доҕотторуттан тэйэн, ыскаамыйаҕа олорон ытамньыйан ылбытын өйдүүр.
Онно киниэхэ ийэтэ барахсан, ыарахан ыарыы буулаабытыттан дэлби кыччаан, кууран-хатан суорҕаҥҥа-тэллэххэ сытан, уунан туолбут уота-күөһэ суох харахтарынан ааттаһардыы-көрдөһөрдүү көрө сытара көстөн кэлбитэ.
– Сахаар, чэ соҕотоҕун кэриэтэ хаалаахтаатыҥ. Арыый этэҥҥэ эрдэхпинэ киһи-хара буолбатыҥ, кэргэҥҥин, оҕолоргун итиэннэ кыайан төнүннэрбэккин быһыылаах. Бырааттаах балтыҥ бэйэлэрэ нэһиилэ кыанан олороллорун көрө-билэ сылдьаҕын. Киһи-хара буола сатаарыый… – диэн баран улаҕа хайыһан кэбиспитэ. Уонна саҥа таһааран ытаан көхсө бөгдьөҥөлөөн барбытыгар, Захар ол кэмҥэ уоскутуох, биир тылы этиэх киһи буолуо дуо, түргэнник таһырдьаны былдьаспыта. Ол киэһэ сэлиэнньэ ханнык эрэ хочуолунайыгар тиийэн, «ийэм өлөөрү сытар…» дии-дии арыгылаан ампаалыктаммытын эрэ өйдүүр. Оо, киси да бөҕөтө эбит!
Ийэтэ барахсан ити көрсүбүт күнүн өйүүнүгэр тыаһа-ууһа суох, түүн утуйбутунан анараа дойдуга баран хаалаахтаабыта. Өрүү кур холуочук кэриэтэ сылдьан ийэтин тиһэх суолугар атаарсыбыта эрээри, балта Даайыска ытыы-ытыы кинини хомуруйбутун тулуйумуна, үгэһинэн, кыыһырбыта, өһөспүтэ буолан, өрбөх ботуоҥкатын суулуу тутаат, куораттыырдыы тэринэн тыраассаҕа тахсыбыта. Даайыс: «Сахаар, эн киһилии сылдьыбытыҥ, кэргэҥҥиттэн арахсыбатаҕыҥ буоллар, ийэбит эмискэ инсуллаан охтуо суохтаах этэ. Олоҕун тиһэх сылларыгар төбөтүн ыарыыта эн эрэ буолбуккун билэҕин дуо?!» – дии-дии айманаахтаабыта.
Ийэтэ суох буолбутун кэнниттэн төрөөбүт-үөскээбит сэлиэнньэтигэр өр буола-буола охсуллан ааһара. Дьиҥинэн, төһө да мөҕүтүннэллэр, быраата Аркадий, балта Даайыс убайдарын илдьэ олоро, көрө-истэ сатаахтыыллара. Саатар, Даайыс кэргэнэ Ылдьаа эмиэ аһыы ууну амсайарын сөбүлүүр этэ. Күтүөтүн субу-субу арыгылатан кэбиһэн балтыттан мөҕүллэрэ. Оччоҕо быраатын аахха, Аркадийдаахха, тиийэрэ. Онно кинини кийиитэ Настя үлэнэн иитэ сатаахтыыра. Тута таҥаһын-сабын сууйан-сотон, бэйэтин баанньыктаан баран, хотонноругар көмөҕө таһаараллара. Онно өр буолсу дуо, аҕыйах хонук сүөдэҥнээн баран, эмиэ сүтэн-иҥэн, өссө суохтарына дьону мунньан аһатан-сиэтэн кийиититтэн муустаах ураҕаһынан үүрүллэрэ. Оччоҕо эмиэ тыраассатыгар тахсан куораттааҕы «доҕотторун» кытта куодарыспытынан барара.
Аһыы утах барытын апчарыйбыта…
Захар аһыы ууга хайдах итинник күүскэ ылларбытын, дьиҥинэн, билбэккэ да хаалбыта. Ким итэҕэйиэй да буоллар, оскуолаҕа өрүү кылаас киэн туттар үөрэнээччитэ, барытын иилээччи-саҕалааччы, активист буолара. Спортсмен бэрдэ этэ, волейболлуура, баскетболлуура. Аҕалара Трофим Захарович сопхуоска мэлдьи биригэдьиир, дьоҥҥо-сэргэҕэ убаастанар, дьоһуннаах киһи этэ. Уола Захар 7-һи бүтэрбит сайыныгар эмискэ сүрэҕинэн ыалдьан олохтон бараахтаабыта. Онон ыал улахан оҕото Захар ийэтигэр көмө киһитэ, уҥа илиитэ буола түспүтэ. Оскуолаҕа улахан кылааска да үөрэнэ сылдьан биирдэ пиибэ, арыгы диэни амсайан аньыыга киирбэтэҕэ. Уолаттар син быыска-арыкка ону-маны боруобалыыллар быһыылаахтара. Оннук үчүгэй, холобурга сылдьар бэрээдэктээх уолга оскуолатын бүтэрээтин кытта направление биэрэннэр,