Айылҕаттан аналлаах Чугдаара Хотун. Галина Нельбисова. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Галина Нельбисова
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-4778-9
Скачать книгу
Шуркаанай учуутал, Биэрискэ үҥкүүһүт буолуохтарын баҕараллара. Вера Улан Удэтааҕы култуура институгар үөрэнэн, дьулуспут идэтин баһылаабыта. Кини билигин Кэптэни кулуубугар методист хореограбынан үлэлиир. Шура элбэх оҕолоох ыал ийэтэ буолан олорор.

      Мин оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан ордук биологияны, зоологияны, химияны сөбүлүүр этим. Оскуоланы бүтэрэрбэр аҕам миигин физкультурнайга киирдин диэн Дьокуускайга атаарбыта. Ону мин, оччоттон ыра санаа оҥостубут Аммабар тардыһан, хаһан да билбэтэх-көрбөтөх Алтаным сиригэр дьылҕам ыйбыт суолун тэлэн тиийэн кэлбитим, – Матрена ис-иһиттэн сырдаан, үөрэн олорон оҕо сааһын, оскуолатааҕы оһуордаах кэмнэрин ахтыбыта.

      АММА ЫҤЫРАР, УГУЙАР ЭТЭ…

      Оскуоланы саҥа бүтэрбит Мотя бэйэтэ да билбэтинэн, ыраах баар билбэтэх-көрбөтөх дойдутугар «күннүк сиртэн көҕөрөр, көстөр үрдүк хайалардаах, күлүмүрдүү долгуйар, устар чуумпу уулардаах» Аммаҕа куттуун-сүрдүүн курдаттыы тардыһар курдуга. Наһаа сөбүлээн истэр ырыаһыта, айылҕаттан кэрэ куоластаах Ольга Иванова ыллаан эҥээритэрин наһаа сөбүлүүрэ, ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо холбоммут Амма сардааналаах кырдалларынан хаамыан долгуйан туран баҕарара…

      Төһө даҕаны аҕатын баҕа санаатын толорбокко, туспа суолу тутуһан эрэриттэн буруйдана санаатар, Дьокуускайга «Амма оройуонун Алтаныгар СПТУ ыҥырар» диэн биллэриигэ түбэһэ түһээт, айан суолун тутан, ыра санаа оҥостубут Аммалыыр суолугар тахсыбыта. Онто баара Алтана бэттэх, Аммата ыраах буолан биэрбитэ.

      Олоҕун ыйааҕа хайдах ыйбытынан буоллаҕа эбээт, эдэркээн кыыс олоҕун суола Алтан сиригэр түстэммитинэн барбыта. Училищеҕа ветеринар-осеменатор идэтин талбыта. Эдэр киһи сиэринэн туохха барытыгар көхтөөхтүк кыттара, үҥкүүлэри тэрийсэрэ. Ол сылдьан СПТУ-га үөрэнээччилэр бары тумус туттар, батыһа сылдьар улахан уҥуохтаах, бигэ-таҕа көрүҥнээх Дима диэн уолларын кытта бэйэ- бэйэлэрин диэки уратытык көрсөр буолбуттарын чараас сүрэҕинэн сэрэйбитэ, тапталтан долгуйуу дьиктилээх иэйиилэриттэн дьол кустугар куустарбыта. Тулаайах иитиллибит Дима майгытын, олоххо сыһыанын олус сөбүлээбитэ. Уолу олоҕун тухары арыаллыыр, өйүүр истиҥ доҕор буоларга сөбүлэспитэ. «Этэҥҥэ сылдьан кэлээр, күүтүөм» диэн эрэннэрэн, Амматын өҥ буорун «кэһиилээн» аармыйаҕа атаарбыта уонна Дьокуускайга тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэнэ киирбитэ.

      Димата кэлбитин кэнниттэн ыал буолан, үс оҕолонон, үөрэҕин бүтэрэн баран, Уус Алдаҥҥа Кэптэни Даалы диэн учаастагар идэтинэн ветеринардаабыта. Ол эрээри, хомойуох иһин, биир кэмҥэ, тохсунньу-олунньу ыйдарга төрөөбүт ньирэйдэрэ укуоллаатаҕына сатаммаккалар, өлөн иһэллэрэ улаханнык соһуппуттара. Ол тоҕото, ньирэйдэр илиитин уйбатах кистэлэҥнэрэ кэлин билиннэҕэ буолуо. Онон Аммаҕа, Алтаҥҥа төннөргө быһаарыммыттара.

      Хата, СПТУ-га үлэ миэстэтэ көстөн, бастаан кастеляншанан үлэлии киирбитэ, онтон иитээччи буолбута. Олох отуора уларыйан, ыһыллыы-тоҕуллуу саҕаланан эрэр кэмэ этэ. Күүтүүлээх мааны кыыһын, эбэтин