Дьыбардаах дьылҕа. Сайдам. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Сайдам
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-4534-1
Скачать книгу
кулгаах эрэ буола олорбут, массыыната моһуоктаабытын ыһан кэбиспит таксист Ньикииппэр тыл быктарбыта.

      – Кырдьык даҕаны, тоҕо? – аны Баһылай соһуйан, сэҥээрээччи буолбута.

      – Ээ, сөбүлээбэтим, – чэй ылан испитэ буолла, килиэбин хоруоскатын эмти тутуталаан, айаҕар быраҕаттыы олордо. – Таах сибиэ зоотехник үөрэҕэр киирбит эбиппин. Бааһынайдар эрэйдээхтэр зоотехникка эрэ наадыйбаттар үһү. Бэйэлэрэ нэһиилэ олорон, хантан хамнас төлүөхтэрэй? Таах, сымыйа үөрэх эбит, – Сеня холуочугар тэптэрэн, быһаарыыта олус хабархай буолан биэрдэ. – Пахай доо, сельхозакадемияҕа үөрэммит оҕолор бары онно-манна, атыыга-тутууга үлэлииллэр. Идэлэригэр эрэ наадыйбаттар быһыылаах.

      – Үрдүк үөрэх аата үрдүк үөрэх ини, доҕоор, ама, – Баһылай үөрэҕи сирбитин сөбүлээбэтэҕин биллэрбитэ.

      – Бу уол эмиэ да сөпкө этэр эбит. Кырдьык даҕаны, зоотехникка эрэ наадыйбаттара буолуо. Ол аайы холкуос, сопхуос эстибитэ. Ол биир, икки ынахха наада үһү дуо?! – Бүөтүр уол этиитин долоҕойугар киллэрэн, ылыммыта.

      – Ээ, пахай доҕоор, онно эрэ буолбатах, таах үөрэниэххэ эрэ диэн санаалаах наһаа элбэх. Үөрэххэ да кыһанар киһи ахсааннаах, – Сеня кэпсээнэ «халыҥаан» барда. – Хата, онно ас-үөл элбэх, кыыс да кырыы кырыытынан, эрийсии диэн үрдэ суох. Хампаанньа дэлэй.

      – Нохоо, ол дойдуга үөрэммэккэ эрэ аһы, кыргыттары эккирэтэ сырыттыҥ дуо, ол? Бу аһылыкка сэргэхсийэриҥ сүрдээх эбит ээ, били, Дьоҕур эппитин кэннэ өйдөөтөххө, – Бүөтүр, дьэ, хараҕа аһыллыах, өйө чөллөрүйүөх буолла.

      – Наһаа да оннук буолбатар, – Сеня ити икки ардыгар өйдөнө оҕуста, кыһыйбычча таах мээнэ тыллары быктарбытын билиннэ, холуочугун аһаран үөһэ тыыммахтаата, уһуутаан ылла. – Оттон ону сөбүлээбэккэ төннөн кэллэҕим дии, – хайҕабыл көрдүүр кэриэтэ тылласта.

      – Дьэ, үөрэҕи сөбүлээбэтэх оҕо оччоҕо тугу гынаҕын? – Баһылай өс саҕа буолар кэриэтэ ыйытыктаах буолла.

      – Бээрэ, эһиги туох ааттаах ити уолу сордоотугут? Өйдөөх-санаалаах киһи бэйэтэ биллэҕэ, сөп буолаарай диэн дьаһаннаҕа дии, – Ньикииппэр көмүскэһээччи буолла.

      – Сөп буолан, – диэн Баһылай чахчы сөбүлээбэтэҕин биллэрдэ. – Сеня, ийэлээх аҕаҥ кэтэстэхтэрэ, сарсын элбэх үлэ күүтэр, баран сынньан, – диэн аны үүрэн турда.

      – Оҕонньор үлэтин күнэ, хачыгааркатыгар ини. Миэхэ эрэ наадыйбакка сылдьара буолуо.

      – Кэбис доҕор, инньэ диэмэ. Биһиги оҕолорго, эһиэхэ, наадыйар бөҕө буоллахпыт дии, – уол саҥатын сөбүлүү истибэтэҕин, иһигэр киллэрбэтэҕин Бүөтүр итинник биллэрбитэ. – Ийэҥ соҕотох буоллаҕына, эйигин, улахан киһини өссө күүттэҕэ дии. Ыксаа, ыксаа, Сеня. Кэпсэтии манан бүппэт. Этэҥҥэ сырыттахха көрсүө, кэпсэтиэ, арааһы ыаһахтаһыа этибит.

      – Чэ, бээ, барыым. Убайдарым тылларын истэр буоллаҕым дии, – диэн соччо сэниэтэ суохтук тылласта. Уол харахтара бытыылкаҕа хатаммыттарын өйдүү көрөн, Бүөтүр күөйэ саҥарбыта:

      – Эдэр киһи ону-маны тобоҕолоһор, туох эрэ тиийбэтин ситэрэ сатаан иһэр туһунан санааланыма, –