Онтон Дьоҕур сордоох табыллыбатаҕын, итирэн баран сиргэ охтон үлүйбүтүн туһунан Кууһума бэҕэһээ киэһэлик бэкээринэҕэ киирэ сылдьан Маарыйаттан истибитэ. Дьоҕур эдьиийэ Дьэбдьиэй сарсыарда эрдэ киирэн, үлүйбүт быраатын аһатаары, булочка көрдөспүт эбит. Онно быктаран ааспыт. Иэдээн буола сыспыт. Кууһума улаханнык дуу, кыратык дуу үлүйбүтүн ыаһыйалаһа барбатаҕа.
«Туох үчүгэй сонун буолан сарсыардаттан ырыттахпытый?!» диэн санаабыта уонна бэйэбит уолбутун кыайбакка сылдьан, «тоҕо атын киһини ырытыахпыный» диэн толкуйдаабыта. Оттон, уонна, Дьоҕур тыыннаах хаалбытыттан эгди буолан, тугу да быктарбатаҕа, саҥата суох хаалбыта.
Тыа ыалын маанылаах дьоно барахсан өссө да кэпсэтэ, олоҕу ырыҥалыы, этэҥҥэ түстүү уһуннук олоруохтара этэ. Ол эрээри олох үтүөтүн эккирэтэр баҕа санаа кымньыытын былдьаһан, сотору чэйдээн бүппүттэрэ, күннээҕи соруктарын быһаара, икки аҥыы барбыттара…
Үөрүү-көтүү, кыайыы-хотуу аргыстаах, кыһарҕан кыбытыылаах, кыаллан биэрбэт түбүктээх, ситэн испэт сиһиктээх, тобуллан сырдаабат кыһалҕалаах тыа сирин дэриэбинэлэрин игирэ оҕо курдук маарыннаһар олохторо өй-санаа, күүс-уох, сатабыл, кэрэ санаа, сырдык ыра ирээттэрин күүһүнэн салҕанар, аныгы сайдыылаах олох тардыһар уостубат ырата көмүөл мууһа күрүлүүрүн, быйаҥы үөтэр этиҥнээх ардах, сырылас куйаас, бытарҕан тымныы курдук дохсун, ахсым, ол эрээри тугу эрэ кэтэһэрдии саарбахтыыр, сылайбыт көлүүр оҕуһун айанын кэриэтэ сыылбатыйар кэмнээх.
Ол үтүөнэн үөтэр ирээккэ, хара дьай буолан, араас түктэри кэмэлдьилэр, хабыр саҥа-иҥэ, өстөһүү-саастаһыы, ордук санаһыы, хам баттаһыы кутаатын күөттүүр аһыы утах дэлэйэр, үүнэ-тэһиинэ суох барар…
Арыгы кыайбыт, аһыы утах дьаһалынан суорума суолланар, дьыбарга хам ылларар дьылҕалаах киһи соҕотох буолбатах, элбиэх да курдук. «Элбээбэтин, оннук эрэ буолбатын» диэн кичэмэ санаа үгүс киһи өйүн-санаатын кычыгылатар, ырыҥалыырга күһэйэр буолуохтаах. Ону эн, ааҕааччым, эмиэ толкуйдаа…
Дьиикэй баара…
Кыһыҥҥы ыллык суол устун ыйдаҥа түүн биир киһи хааман алтахтыыр: туора-маары үктүүр, умса да хоруйан ылаттыыр, бэрт бытааннык орҕостон турар, ол былаһын тухары тугу эрэ баллыгырыыр, арай ис хоһооно иһиллибэт, маатыралыыр саҥата тымныы салгыны сатарытан, бэрт чуолкайдык иһиллитэлээн ылаттыыр.
Эргэрэ быһыытыйбыт халыҥ бачыыҥката халтархай баҕайы бадахтаах, уҥа саннынан тыыра барбыт сарбынньаҕа тэлимнии сылдьар, камуфляжнай кууркатын сомуога тардыллыбатах, тымныыттан көмүскүүр соҕотох тимэх сон эҥээрин үүйбүт, түһэ сылдьар андаатар бэргэһэтин сотору-сотору бэрт