Арай остуолга тунаара сырдыыр
арыллыбыт сурук.
…Күөх туманы, от сиигин
күн уота көтүтэн эрэрэ.
Уоскуттан уураабытым эйигин,
төннүөм диэн эрэннэрэ.
Тарбаҕыттан туттараатын
төлө көтөн күрэнэр
дьол күлүгүн күрэҕэр
күммүн-дьылбын бараатым.
Ааҥҥар тиэрдэр уһун суолга
миигин күүтэргин ууратыаҥ.
Ыас хараҥа түүн
атын уолга
ытамньыйа эн ууратыаҥ.
Суох!
Эйигинниин эрэ сэргэ
дьол суолун сонордуоҕум.
Мин өйдөөтүм бу сиргэ
тапталтан үрдүк дьол суоҕун.
Ыраахха, ырааска суол ыйар
ыллыкчаан, ыллык курдук
ый уотугар туналыйар
ытыспар сытар сурук…
СҮТЭРСИБИТ СҮРЭХТЭР
Курас тыал алааска ыста
арахсыы араҕас өҥүн.
Атырдьах салаатыныы араҕыста
икки сүрэх бүгүн.
Сир үрдүгэр дьиримнии
Өрүү тыгыах курдуга
сүрэхтэри ситимниир
таптал сырдык кустуга.
Симэлийдэ курус кустук…
Сир киэҥ киэлитин устун
силлиэ ыһар сэбирдэхтэри.
Сүтэрсибит сүрэхтэри…
«Ааспыты анаара саныыбын…»
Ааспыты анаара саныыбын,
тугу эрэ өйдүү сатыыбын.
Тугу эрэ – истиҥтэн истиҥи —
эт кулгаахпынан истибиппин:
кыталык ыллаабыта дуу,
кыыс ытаабыта дуу…
«Сырдык дьолтон матарыма,
соҕотох хаалларан барыма!» —
мин кыталыкка сипсийтим дуу,
кыыс кэннибэр кыламмыта дуу…
Арай ардах чугаһаатаҕына,
ахтылҕан уота суоһаатаҕына
уйаҕас дууһабын уйадыта,
ыалдьар сүрэхпин ытата
дьикти дорҕоон кулгаахпар кутуллар,
ой дуораана буолан охсуллар —
кыталык кыҥкыныы ыллыыра дуу,
кыыс барахсан ытыыра дуу…
КҮҺҮҤҤҮ САНАА
Кыһыл көмүс.
Үрүҥ көмүс.
Күлүмүрдэс
дьол кыымнара!..
Үөрбүт сири үллүктүү
икки көмүс үҥкүүлүүр —
көтөҕө араҕас ардаҕа,
кыраһа маҥан кыырпаҕа.
Ханна эрэ
сырдык, кэрэ
дьол кустугар куустара
маннык көрсөн эрдэхтэрэ
тапталлаахтар куттара.
…Баҕарабын
ырыаларым —
мин сырдык ыраларым
түлэй түүн,
күннээх күнүс
дьон сүрэҕэр саҕыахтарын
кыһыл көмүс,
үрүҥ көмүс
тырымнас
таптал кыымнарын!
«Эн көрсүөҕүҥ хаһан эрэ…»
Эн көрсүөҕүҥ хаһан эрэ
сиргэ бэйэҥ аналгын —
өр көрдөөбүт дьикти, кэрэ
баар-суох дьиҥнээх тапталгын.
Төбөҕүн сылаас сирдии
кини түһэҕэ өйүөҕэ,
мөссүөнэ күннүү сырдыы
үрдүгэр төҥкөйүөҕэ.
Сааскы дохсун халаанныы
дууһаҥ