– Били киһи ардахха баттатта, аат ата тахсан баран, – Тыккаай ойоҕо си-дьүгээр олоруохтааҕар саҥарар.
– Баҕар ардах астарын, харыырын күүтэн хайа эмит ыалга киирээ олороро буолуо, самыыр ээр-сэмээр иһириктээн түһэ туран бу билигин эрэ күүһүрдэ ээ. Хата, атын тутта ини, – диэн амыдайбын Аананы кытта сээкэйи баллыгыраһабын…
Бу олордохпутуна, уҥа диэки, күн сырдыгар сардаҥаран көстөр быыс кэннигэр, биллэрик орон күөдэл-таһаа буолбут таҥаһа хамсаан кэллэ, киһи утуйа сытан уһугунна, ууку-саакы буолан мөхсүмэхтээтэ, киэҥ аҕайдык сыҥааҕырдан айгыһынна.
– Оо бу сордоох дьэ хараҕын көрдө, – Тыккаай ойоҕо, уот инниттэн хаҥас диэки остуолугар кэлэн, саҥа кээспит, хараара барбыт хоп-хойуу чэрии чэйин тимир куруускаҕа кутар, сыалаах үүтүнэн тумалыыр.
Мин ыаллар иккис уолларын Дьөрөллөөнү отой да умнан олорбуппун. Ити быыс кэннигэр күн ортото уһуктааччы – уон үһүгэр сылдьар Дьөрөллөөн урааҥхай эбит. Дьөрөллөөн муҥнаах өйүнэн отой мөлтөх. Арҕахтаах эһэ курдук уһун кыһыны быһа балаҕаныгар бүгэн баран, саас таһырдьа лаппа сылаардаҕына, сылыйдаҕына биирдэ тахсар. Тахсан да тэлгэһэтиттэн ырааппат, отунан-маһынан наар ону-маны эпчиргэлиир кэмэлдьилээх. Ардыгар ийэтин кытта үрэх күргэтигэр тиийэн таҥас сууйар кыргыттар, дьахталлар ыксаларыгар олорон, ахсымнык дьэргэһийэ устар сүүрүктээх ууну салгыбакка одуулаан аралдьыйар; сыгынньах атахтарын үрэх сөрүүн уутугар уган саатыыр үгэстээх.
Дьөрөллөөн төһө да өйүнэн мөлтөҕүн иһин, иҥэ-дьаҥа суох – киһини-сүөһүнү бадьыыстаабат, дьээбэлэммэт. Дьоһумсуйбукка дылы ардыгар сис туттан чынайан, сирэйин аһыы баҕайытык түрдэтэн, сүр оттомноохтук көрөн-истэн кылахаччыта сылдьар уол. Дьөрөллөөн хаһан да салгыбат, соруттарыыта суох толорор, дьарык оҥостубут биир сүрүн үлэлээх, ол – бурдук тардыыта. Устар уһун күнү супту ээр-сэмээр суорунатын эргитэн кыыкырдатар, лиһигирэтэр-лүһүгүрэтэр. Киһиҥ хата куруппалаппат, ыксаабакка, наллаан мэлийэр, ол олорон наар дьүүлэ-дьаабыта суох тохтообокко ыллыыр саҥнаах. Уол ырыатын истэн уһуннук тааллахха, киһи, хайдах эрэ, ураты уоскулаҥ турукка киирэн нуктаан барар… Хараххын симэн утуйар-утуйбат ыккардынан ыртаччы мичээрдээн олорон, наар Дьөрөллөөн ырыатын истиэххин баҕараҕын. Кини мэлиитин тааһын эргитэ-эргитэ, баһын төргүүлүү кээһэн олорон, ис хоһооно суох муннун анныгар киҥинэйэр