Собо төһөҕө, ханна ыыра – хайдах саас кэлэриттэн эмиэ тутулуктаах. Ол эрэн кэмэ кэллэ да айылҕата таайан син биир ыыр. Хахсаат, тымныы сааскыга ыксаан, истэҕин күөл үөһүгэр «тоҕор». Онтута түргэнник өнүйэн ситэ охсубат, собо илимҥэ тутара, тууга киирэрэ аҕыйыыр, балыгы астаан хаһааныы уһуур-тэнийэр.
Күөл балыга барыта биир кэмҥэ ыыр буолбатах. Сорох эбэ эрдэ ырбыылаан, мууһун сайҕаан дьуххалыыр, уута кэмигэр сылыйан, собото эрдэ сырыыргыыр. Оттон сорох күөл хойуоран, түгэҕэр диэри бүтэйэ тоҥон, ийэ уута кыччаан, тоҥмут мууһа халыҥа бэрдиттэн, түргэнник ситэ уулла охсон биэрбэккэ, турку бөҕөтүн түөрэҥэлэтэн, отой хойут биирдэ мууһун көбүтэр. Онон – биир күөл балыга хайыы-сах ыан бүппүтүн кэннэ, атын күөл собото саҥа ыан эрэр буолар.
Собо биир дьикти уратыта – бычыах-бычыах, хаста да төхтүрүйэн ыыра. Бастакы улахан ыам бэс ыйын саҕаланыытын эргин, үс-түөрт күн барар. Иккис ыам – «бэһин ыама» диэн ааттанааччыта, бастакы ыам кэнниттэн уонча хонук буолан баран, икки-үс эрэ күннээх. Үһүс ыам – «отун ыама» диэн ааттанааччыта, от ыйын саҥатыгар, бэрт кэмчитик, биллибэккэ-көстүбэккэ биир эмэ түүн буолан ааһар. Ону илимҥэ тутарыттан, истэҕэ тохторуттан билиэххэ сөп.
Бастакы улахан, күргүөмнээх ыам кэнниттэн, үгэс курдук тыалырар-кууһурар. Ону – айылҕа барахсан балыгын истэҕин дьалкытан, сэмээр бигээн, ыама үөскүүрүн, ситэрин түргэтэтэр дииллэр.
Собо, ордук тыһыта, ыан баран, күөл түгэҕэр, дириҥҥэ тимирэн сынньанар. Тыһы собо истэҕин сүүрдэригэр айылҕатын сиэринэн ыарыыланар, ньылбыйар. Оттон атыыра, ханнык да үгүс көтөр-сүүрэр атыырын кэриэтэ, ыам сүпсүлгэнин соччо баардылаабат. Онон тыһытын курдук уһуннук уу түгэҕэр тимирэн хаалбат. Ол да иһин