Суостаах кэм өргөһүгэр. Сыгына. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Сыгына
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-6617-9
Скачать книгу
куолаhынан саҥаран барда:

      – Табаарыстар! Арҕаа Аҕа дойду Улуу сэриитэ кытыаста умайар. Гитлер хааннаах үөрдэрэ, сиэмэх фашист аармыйата кимнэр кимэн иhэр. Биhиги саллааттарбыт кыырыктаах кыргыhыыга үгүс хаан тохтуулаах силлиэрбит сэриигэ хорсуннук-хоодуоттук охсуhаллар.

      Оттон биhиги манна сэриини дaҕaha сабардаабыт суту кытта эрдээхтик, күүспүт кыайарынан, эрийсэ сатыыбыт. Холкуоспут сүөhүтүн барытын миэстэҕэ кыстатар кыах ончу суох. Райком ыйааҕын ылынан, баар cүөhү ахсаанын энчирэппэт, аҕыйаппат yypaaҕap олоҕуран, дьэ хайдах дьаhанан сүөhүбүтүн этэҥҥэ кыстатабыт диэн сүбэлэhэ муhуннубут. Бириэмэ ыгым, үлэ үгүс. Райком ити үлэбитигэр тэрийэр дьоҕурдаах хоту дойдубут ыраах оройуоннарынан сылдьан үлэ бөҕөтүн үлэлээбит, сырыы бөҕөнү сылдьыбыт Сергей Сидорович Омуковы анаан ыытта. Кини кэллэ кэлээт, быhайын фермаларбытын кэрийэн сүөhүлэрбитин, сылгыларбытын көрбүтэ. Нэhилиэкпит сирин-уотун барытын чинчийбитэ. Кини туох түмүккэ кэлбитин, туох этиилээҕин истиэҕиҥ. Баhаалыста, Сергей Сидорович.

      – Табаарыстар! Кырдьык, кытаанах өтөр көрсүллүбэтэх кыhын иhэр. Эhиги элбэх сүөhүлээх-сылгылаах холкуоскут. От ончу кыра. Сайын үс биригээдэ тэринэн, өрүс эҥээрдээх оройуон икки ыраах нэhилиэгэр уонна биир үүнүүлээх үрэхтээх бэйэбит сирбититтэн-уоппутуттан салгыы сытар кырыы нэhилиэккэ оттоотубут. Элбэх сүүрүү-көтүү, кэлии-барыы, көрдөhүү түмүгүнэн биэрбит сирдэрин олох тыатын саҕатыттан сири кырсынан биир салаа оту хаалларбакка оттоотубут. Билигин биригээдэлэр cүөhү кыстыан сөптөөх хотонун өрөмүөннүү, тута сылдьаллар. Тараҕай нэhилиэгин Өргөстөөҕөр сылгылары кыстатыахпыт, сорох сылгылары бэйэбит үрэхпитигэр дэстибит. Онно миэстэлэргэ хаhаа-кыбыы тутулла сылдьар. Онтон атын икки сиргэ субай сүөhүнү, ыанньыгы үүрүөххэ наада. Ферма сэбиэдиссэйэ Исээкэбинэ, көhүөхтээх сүөhүлэри аттара сырыт. Оттон сылгылары Киргиэлэй Испирдиэнэбис дьаhайар ини.

      – Быhайын райком дьаhалынан үс биригээдэ тэрийэн оттоппуппут абыраллаах эбит. Оттон тыыран-аттаран көрүөхпүт. Алаастар аанньа от биэрбэтилэр, үрэхтэр да ортону быдан кыайбаттык үүннүлэр. Ити үс көс сүөhүттэн орпутун үксүн үрэхтэрбитигэр кыстатыаҕыҥ. Хаалар сылгылары эмиэ онно. От олох кырыымчык. Эрдэттэн ханна эмит эбилик дулҕалаан, былах быhан хаhаанан кэбиhиэҕиҥ. Урут быспыппыт да буоллар, баҕар ханна эрэ орпута буолуо. Хатыҥ лабаатын син элбэх сиргэ сиилэстээбиппит, ол улахан көмө буолуо, – Киргиэлэй Испирдиэнэбис-Торгуй олорунан кэбистэ.

      – Чэ, ити курдук дьаhаныаҕыҥ. Өссө биирдэ суоттанан көрүҥ. Хас сүөhүнү, сылгыны ханна кыстата туруорарбытын испииhэктээҥ. Хас ферма, сылгы хаhаайыстыбата төhө оттооҕун, сиилэстээҕин, хомустааҕын, былахтааҕын өссө ханна xahaac туохтааҕын учуоттааҥ- ҥыт, Исээкэбинэ, Киргиэлэй Испирдиэнэбис, миэхэ түhэриҥ. Ону өссө төгүл бэрэбиэркэлээн, ааҕынан көрөн баран, Сергей Сидорович биhикки райкомҥа араапар суруйуохпут, – Варвара Михайловна мунчаарбыт бэйэтэ арыый сымнаабыт көрүҥнэннэ. – Уонна өссө биир этиилээхпин. Үрэхтэр күөллэригэр муҥха тэрийэн, дьону быыhыахха