Массыынаҕын, даачаҕын,
Малгын-салгын хаҥатаҕын…
Мин бүгүн
Биир бэркэ билэр атаспыттан,
Бэйэм да өйдөөбөккө,
Дьиибэтик тэһи астаран,
Итинник холустук ыйыттым.
Оо, өскө барар быатыгар
Эмиэ айыыны оҥоһуннум,
Эмиэ алҕаһы саҥардым.
«Мээнэ, аһаҕас айахтааххын,
Бэйи, тылгыттан ыйыахтара!..» – диэн,
Ийэм эрэйдээх былыр
Итини билэн, бадаҕа,
Эппит эбит буоллаҕа…
ТҮҮН
(Хараҥаттан киһи саҥата)
«…Ханнык эрэ бэрэпиэссэр,
Ханнык эрэ этэ-сэлээр
Ханна эрэ мунньахтааннар, —
Хоһооннорбун, ырыаларбын
Кутаалаах уот тылларынан
Хоруотаабыттар үһү диэҥҥин, —
Утуйбат буола уолуһуйдуҥ,
Аһаабат буола аһааҕырдыҥ…
Өйдөөҕү да акаарыны,
Үчүгэйи да куһаҕаны —
Барыбытын манньытаары
Муҥу көрөр буоллаххына,
Суруйааччы да аатырарыҥ
Солуута суохтуҥу буолаарай?
Хорооҥҥо ууну киллэрбэт,
Күөлгэ күнү күллэрбэт,
Самыыртан, силбиктэн, хаартан,
Сылаастан, тымныыттан атын:
Хара хапсыыр буоллаххына —
Халлааҥҥа хардаҕастаныма.
Эн, хата, миигин иһит аны —
Уот курдук орто ааҕааччыны:
Алааска от оҕустарар,
Ыстаныакка тимир кыстарар,
Ырыаны, үлэни, иэйиини
Аргыс оҥостор киһини!»
ОЛОҤХО ДОЙДУТА
Хараҥа хаардар
Хаһыытаһа түһэллэр,
Үөннээх өксүөннэр
Үөгүлэһэ үллүктүүллэр,
Саһархай самыырдар
Сарылаһа саккырыыллар…
ӨЛӨРҮМЭҤ
Өрүстэри өлөрүмэҥ, —
Уутун таҥнары сүүрдүмэҥ.
Халааннаабат өрүс диэн
Өрүс буолар үһү дуо?
Оҕоломмот дьахтар диэн
Дьахтар ааттаах үһү дуо?..
КУОБАХ ҮТҮЛҮК
(Поэма)
1
САЛЛААТ
Мы не от старости умрем, от старых ран умрем.
Якутскай куоратым
Тохсунньу ыйын
Туманыгар чачайа,
Санаабар ыксаан,
Саппай уопсан
Салларыйан истэхпинэ,
Суханов завхоз
Санныга охсон ааста.
Санныга охсон ааста,
Санаабын аста, —
Куруутун уһулбатах
Куобах үтүлүгүнэн…
«Һатана уола»,
«Һуой», бу тугу биттэнэн,
Суһуку хараҥаҕа
Санаата көннөҕөй,
Иһигэр туох киирэн,
Имнэнэн аастаҕай?..
Киһибит аны, өстүбэһи,
Кыратык пиибэ иһэн,
«Кыыла туран», «үөһэ тэстэн»,
Көнньүөрэн иһэр
Киэһэтэ эбитээ?..
Эн кинини этэҥҥэ,
Иэйэ сылдьарын
Бу муҥур үйэҕэр
Бэрт дэҥҥэ көрсүөҕүҥ.
Бу