Эн миэхэ соҕотоххун. Галина Нельбисова. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Галина Нельбисова
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-5023-9
Скачать книгу
олорор. Онон, хотуой, күлүккэр имнэниэхтээххин. «Таптыыбын-таптаабаппын» диэбит курдук ромашка сэбирдэхтэрин ааҕыммыта буолан сэрэнэ-сэрбэҥнии сылдьыма. Дьэ олоҕун оҥостоору дьаакырын түһэриммит кэмигэр эйигин көрсө түстэҕэ. Ону даҕаны эйиэхэ кинигэ оҥоттороору кэлэн биэрдэ… Ити киһигин ханна эрэ оһуокайга дуу, ностальжи биэчэригэр дуу илдьэн туруор эрэ, дьахталлар аҕыйах мүнүүтэ иһигэр уҥа-хаҥас тардыалаһан барыахтара. Мэлдьи кэргэннээх олорбут буолаҥҥын, демография хайдаҕын билээхтээбэккин. Сатана кыыһа баара, оччоҕо ончу да Милалыын билиһиннэрбэккэҕин. Мила эмиэ олох олоруон наада. Билэбин, кини наһаа соҕотохсуйар буолла. Эн биһиккигэ эппэт, атын дьүөгэлэрин кытта онно-манна ностальжига тиийэн хаалбыт буолар. Аны саҥарбаккын… Чэ, дууһаҥ түгэҕэр Никодимычкын сирбэккин. Милаҕа биэрбэккэ баара диэтэххэ, тыыммат буолан хаалла. Маладьыас, дьолуҥ – бэйэҥ илиигэр! – Тамара кутар-симэр, тохтоло суох куолулуур.

      – Уоскуй, чэйгин ис. Бириэмэ көрдөрөн иһиэ, хайдах туох буоларбытын. Син биир эдьиийдэрбин кытта сүбэлэһиэхтээхпин. Тугу да эппэккэ көһөн хаалбат буоллаҕым. Уонна саамай куттанарым – уолбуттан… «Папа буллум» диибин дуо. Оо дьэ, хайдах эрэ барыта, – Ася куукуна аанын сабан кэбистэ.

      – Дьиэҕит дэлби эргэрдэ, кыһын тымныйар ахан. Соҕотох үлэһит хаһан саҥа дьиэ оҥостуоххунуй? Аны уолгун атаҕар туруоруоххун наада. Никодимович сиргэ сыппат «вариант». Үөһэ тыына олорума. Ырааҕы, кэскиллээҕи ыралыыр куолута. Эдьиийдэриҥ, эн оннугун булларгын, үөрүөхтэрэ эрэ. Истэригэр ону баҕарар буолуохтаахтар, – Тамара чаһытын көрүнээт, сулбу ойон тураат, тахсан барда.

      Ася, остуолуттан турбакка, үүттээх чэйин сыпсырыйа-сыпсырыйа арааһы аттаран саныы олордо.

      – Ийээ, эмиэ элбэх саҥалаах Тамараҥ кэлэн барда дуо? Ити кини саҥатыттан дьиэтээҕи дьоно сылайаллара буолуо дуо? Дэлби мэһэйдэттим. Эчи, саҥата улаханы-ын, – Айаал чааскытыгар морс куттар.

      – Ол истиэнэ нөҥүө эйиэхэ иһиллэр дуо? – Ася кэпсэтиибитин иһиттэҕэ диэн ыксыы санаата.

      – Чуолкай иһиллибэтэр да, күлэрэ улахана бэрт. Наһаа дьиктитик тэһэ баран күлэр түөтэ дии.

      – Майгыта буоллаҕа дии, Айаалчыак. Дьоммут көһөн кэлэ иликтэринэ, Элгээҥҥэ баран кэлбит киһи. Туох дии саныыгын? Мантан инньэ отоннуо да этибит, – Ася остуолун хомуйардыы тэриннэ.

      – Соторутааҕыта онтон кэлбитим дии, – Айаал тыаҕа барыан баҕарбата сирэйигэр-хараҕар көстөр.

      – Алялаах манна көһөн кэллэхтэринэ, Элгээҥҥэ баҕарбыппыт да иһин элбэхтик барбаппыт буолуо.

      – Дьээдьэ Клим куоракка кэлэн хайдах сылдьара буолуой? – Айаал ийэтин диэки ыйытардыы көрдө. Оннооҕор Айаал өйүгэр-санаатыгар күтүөтэ Клим олус иһэрэ хаалан хаалбыт, эрдэттэн дьиксинэр.

      Оо дьэ, кырдьык, Клим бу өссө дьалхааннаах, киин сиргэ кэлэн, хайдах оннун булар?! Аликка эрэйдэнэрэ буолуо ээ. Тайыыска сөбүлээбэтэҕэ, сэргээбэтэҕэ сөп да курдук.

* * *

      – Ок-сиэ, эмиэ «дозаҕын» ылан кэлээхтээбиккин дуу. Ходуһаҕар бара сылдьыах буолтуҥ