Учуутал. Аайа. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Аайа
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-6771-8
Скачать книгу
икки илиитин даллатан, өрө чаҕаарыйа көрсөрө. Арыый улаатан иһэн аҕатын уонна эдьиийдээх убайын илиитин иминэн бигээн көрөн, балачча өр чинчийэн, тэһиппэккэ билэр буолбута.

      Саалаҕа тэлгэммит көбүөргэ олорон дьоно тугунан дьарыктаналларын истэрэ. Хоско иистэнэр массыына тыаһыыр, ити ийэтэ таҥас тигэр, саалаҕа эдьиийдээх убайа тэлэбиисэр көрөллөр. Аҕата таһырдьа мас хайытар, эркин нөҥүө сүгэ «дор-дор» тыаһыыр. Уолчаан итинник ким ханна сылдьарын, тугу гынарын барытын билэрэ. Төлөпүөн эрэ тыаһаатар олус үөрэрэ:

      – Алло-аллуо кэллэ! – диэн үөгүлүү түһэрэ.

      Саалаҕа ким да суох буоллаҕына, тура эккирээн эркини кыйа туруоруллубут ыскааптарынан туумбаҕа хааман тиийэн, туруупканы ылара:

      – Аллоо! Маама (эбэтэр аҕам, убай) паай, – диирэ. – Маамуоо!

      Убайдаах эдьиийэ «Лего» диэн оонньуурдаахтар. Ону самсаан-сааһылаан, арааһы оҥорон таһаараллар. Аттыларыгар лэҥкэллэн олорон Ньургун барытын истэр, үөрдэхтэринэ тэҥҥэ үөрэр-көтөр, тутан-хабан көрөр. Убайдаах эдьиийэ оонньоон бүттэллэр эрэ, Ньургуну иҥнэн охтуо эбэтэр бытархайын айаҕар уктан харыа диэннэр, ону барытын үөһэ уураллар.

      Арай биирдэ, тоҕо эрэ хомуйбакка барбыттарын уолчаан булан ылла. Кыһыны быһа илдьэ сылдьыбыт Эһэ Миискэ, Сунаакы ат, Сыылба дьуос курдук сымнаҕас оонньуурдарыгар төрүт кыһаллыбата. Абылыыр дьиктилээх пластмасс кэрчиктэри илиитин иминэн өөр-өр үөрэттэ, чинчийдэ. Сытырҕалаата, салаан ылла, тииһинэн ыстаата, бэл, кулгааҕар даҕайан, иһиллээн көрдө. Хайаҕастарыгар тарбаҕын укта, кэрдиистэрин имэрийбэхтээтэ. Онтон муннун анныгар хоһооно суох ботугуруу-ботугуруу, тугу эрэ бооччойон сыһаҕастаста. Ити курдук кини «Легонан» үлүһүйбүтэ. Иккилии-үстүү кэрчиги самсыы тутан, арааһы оҥороро уонна олору убайын үтүктэн, «массыына», «пиип-пиип» диэн ааттаталыыра. Уолларын дьарыгын дьоно бэркэ биһирээбиттэрэ, киниэхэ анаан бөдөҥ матырыйааллардаах «Легоны» ылан биэрбиттэрэ.

      Биир киэһэ үгэһинэн саалаҕа «Леготын» хомуйа олорон, тэлэбиисэргэ оҕолорго аналлаах сахалыы биэриини тартаран истибитэ.

      – Ээчээ, туох сонуннааххын? – Бээчэ уол ыйытар.

      – Суох, эн кэпсээ, – диир Ээчэ кыыс.

      Салгыы ырыа ыллаатылар. Ол кэмҥэ аҕата кэлэн атын ханаалы холбоору гыммытыгар, Ньургун сарылыы түспүтэ:

      – Араарыма!

      Биэрии бүтүөр диэри саҥата суох тэлэбиисэр иннигэр олордо. Киэһэ ийэтэ утутаары сырыттаҕына, ыллаан чаҕаарыйда:

      Киэһэ буолан эн биһи

      Нухарыйар кэммитигэр

      Ээчэ, Бээчэ доҕордоох

      Тиийэн кэллэ «Биһикчээн»…

      «Биһик» диэн син биир «орон» диэн буоларын уонна онно утуйулларын Ньургун билэрэ. Күн уһунун кини утуйар кэминэн быһаарара. Ийэтэ уһугуннарарыгар: «Сарсыарда буолла», – диир. Оччоҕуна Ньургун суунан-тараанан, күөрчэхтээх килиэбин эбэтэр хааһытын сиэн баран саалаҕа олорон оонньуур. Ол кэмҥэ ийэтэ хотонугар тахсар, бүтэн киирдэҕинэ, хортуоппуйдаах дуу, мокоруоннаах дуу соркуой буһаран аһатар, ону «күнүскү аһылык» эбэтэр «эбиэт» диэн ааттыыр. Сотору убайа оскуолаттан кэлэр. Онтон эмиэ оонньуу түспүтүн уонна өссө биирдэ аһаабытын кэнниттэн, убайа Сардаананы оҕо саадыттан аҕалар.

      Ийэтэ эмиэ хотонтон киирбитин, аҕата үлэтиттэн кэлбитин кэннэ дьэ бука бары остуол тула олорон аһыыллар. Эттээх миин иһэллэр. Ол кэнниттэн балачча оонньуу түспүт кэннэ «киэһэ буолла» диэннэр утуйаллар. Ньургун тэлэбиисэргэ истибит биһикчээн туһунан ырыатын «утуйарга ыллыыр ырыалара эбит», – диэн түмүктээбитэ.

      Ити кэмтэн ыла ийэтэ бырагырааманан көрөн, тэлэбиисэргэ уонна араадьыйаҕа кыра оҕолорго аналлаах сахалыы биэриилэри холбуур буолбута. Онтон истэн уонна эдьиийэ Сардаана оҕо саадыгар үөрэппит хоһооннорун ааҕарын үтүктэн, уол аҕыйах хоһоону билбитэ. Ордук Эһэ Миискэ туһунан хоһоону сөбүлээбитэ уонна ийэтигэр ааҕан иһитиннэрэрэ:

      Эһэ Миискээ, Эһэ Миискээ (уоһун толлоччу туттар),

      Саллайбыт төбөлөөх (төбөтүн уҥа-хаҥас кыҥнатар),

      Илиитинэн тас-тас (ытыһын таһынар),

      Атаҕынан топ-топ (муостаҕа тэпсэҥниир).

      – Ньии, оҕом сыыһын да! – ийэтэ сыллаан ылар.

      Сайын кэлбитэ. Ньургун таһырдьа тахсан, араас тыас-уус, сыт-сымар элбэҕин сөхпүтэ. Быыстала суох бирилиир-ньирилиир, тиҥийэр-таҥыйар тыастан, онуоха эбии муннуга саба биэрэр туох эрэ ураты сытыттан өй-мэй баран, дьиэтигэр төттөрү киирбитэ.

      Саас, харалдьык тахсыбытын кэннэ, ийэтэ таҥыннаран салгын сиэтэ таһаарар этэ да, дьиэ таһа итинник оргуйан-ньиргийэн олорорун тоҕо эрэ өйдөөбөт эбит. Арай, үөһэттэн чаллыргыыр тыас баарын ийэтэ:

      – Һыллыа, ити дьиэ үрдүттэн таммах түһэр, кыһыны быһа турбут хаар ууллар, – диэбитэ итиэннэ туох эрэ инчэҕэй уонна тымныы баҕайыны туттарбыта.

      Итинэн уолчаан тымныы өссө инчэҕэй буолар эбитин өйдөөбүтэ. Ол иннинэ «тымныы» диэҥҥэ хараҥаны уонна муннугу дьүөрэлэһиннэрэрэ. «Мэниктиир, улахан дьон тылын истибэт оҕону муннукка туруораллар, онно тымныы уонна хараҥа», – диэн эдьиийэ эппитэ. Оттон итиини, сылааһы оттуллубут оһоххо тэҥниирэ. Таһырдьаттан киирэр аан уонна дьиэ муннуга тымныынан аҥылыйар