Сүдү киһи Багдарыын Сүлбэ. Л. В. Иванова. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Л. В. Иванова
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-6863-0
Скачать книгу
матырыйаалы хомуйан, ырытан нууччалар кэлиэхтэрин иннинэ Бүлүүгэ (Ньурбаҕа) төрүт дойдуларыттан, Орто Ленаттан, бордоҥнор өбүгэлэрэ Түүлээх Түҥүрдээх Түлүөн Ойуун бастакы кэлбит эбит диэн быһаарбыт.

      Сэһэҥҥэ кэпсэнэринэн, Сиэллээх Өһүргүттэн Сүлэ Багдарыын, киниттэн Онуку, Онукуттан Быырта төрөөбүт дэнэр. 1782 с. ревизскэй сказкаҕа Быырта оҕолоро суруллубуттар. Быырта эһэтэ, Оноку аҕата, Сүлэ Багдарыын 1648 с. дьаһаах төлөөбүтүн туһунан суруйан турабыт. Ол аата кини 1620 с. диэки төрөөбүт буолуон сөп. Бука сааһын лаппа сиппит, баай-дуол олохтоох киһи буолан, 10 киис тириитин туттардаҕа. Үһүйээн быһыытынан, Өһүргүлээх кырдьа барыахтарыгар диэри оҕоломмокко олорбуттар. Дьокуускайтан сылдьар Хачыкаат Ойуун айыыһыт тардан икки уолламмыттар – Чокуур уонна Сүлэ. Дьаһааҕы хомуйбуту эридьиэстиир кинигэҕэ Чакур, Сюля Осюргуевтар бааллара итини бигэргэтэр. Онон сааһыран баран оҕоломмуттарыттан сэдиптээтэххэ, Өһүргү 1580 с. диэки төрөөбүт буолуон сөп. Оччотугар Түлүөн Ойуун ХVI үйэ бүтүүтүн диэки Ньурба сирин булбут буолуохтаах. Ньурба сээркээн сэһэнньитэ Иван Алексеевич Алексеев (1882 с.т.) Быырта биир уолун Муҥур Илии Буолкап диэн суруйтарбыта ити сабаҕалааһыны бигэргэтэр курдук.

      Бу кэрчиги түмүктээн суруйдахха, Түлүөн Ойуун ити кэмнэргэ өлбүт быһыылаах, аата докумуоннарга ахтыллыбат, ол оннугар түөрт уолун, алта сиэнин аата суруллан үйэтитиллибит. М.С. Иванов-Багдарыын Сүлбэ Одьулуун аҕатын ууһугар киирсэр. Бу аҕа ууһун төрүттээбит киһинэн Быырта иккис уола Белкани буолар. Кини ийэтэ кимэ биллибэт, сэһэҥҥэ Одьулуун ойоҕуттан уола диэн буолар, онон кини ыччаттарын Одьулуун аҕатын ууһа диэн ааттыыллар. Мантан аллара Багдарыын Сүлбэ түгэх өбүгэтин Быырта уола Белкани ыччаттарын эрэ эридьиэстиибит.

      Белкани Быттин (1735 с.т.) сүрэхтэнэн Павел Алексеев диэн ааттаммыт. Кэргэнэ Өлүөхүмэттэн Андрей Чохин кинээстиир Наахара буолаһыттан Халжир Бархантуров кыыһа Үстээх-Ксения Антонова (1744 с.т.). Павеллаах биэс уоллаахтар: Барбах-Павел (1761–1841 сс.), Мундукан-Павел (1763–1840 сс.), Сенчура (1770–1785 сс.), Иван (1776–1841 сс.), Федот (1781 с.т.), кыргыттардаахтара биллибэт.

      Иккис уол Мундукан-Павел кэргэнэ Хаарчаан-Марья (1776 с.т., Дьаархантан Мардыс Хачанов кыыһа), оҕолоро: Батаран-Павел (1792 с.т.), Павел (1799 с.т.), Марья (1800 с.т.), Оксана (1806 с.т.), Домна (1811 с.т.).

      Сенчура эдэр сааһыгар өлбүт, киниттэн ыччат суох.

      Төрдүс уол Иван (1776–1841 сс.) дьоҥҥо биллэр аата «Ааттаах киһи Басхардыыр Уйбаан» диэн. Сэһэҥҥэ кини аҕата Уоһа суох Уоһурап – Быырта Одьулуун ойоҕуттан уола. Оччотугар Белкани (Мюлькяне)-Павел Алексеев биир аата – Уоһа суох Уоһурап диэн буолан таҕыста. Уоһа сирэҕэс («заячья губа») буолан итинник ааттаммыта үһү. Киниттэн Одьулуун аҕатын ууһа саҕаламмыт. Басхардыыр Уйбаан кэргэнэ Ирина (1782 с.т.) диэн ааттааҕа эрэ биллэр. Оҕолоро: Савва (1811 с.т.), Евсей (1816 с.т.), Евсей (1822 с.т.), Егор (1827 с.т.).

      Басхардыыр иккис уолун Евсейин (1816–1891 сс.) кэргэнэ Екатерина (1815 с.т.), оҕолоро: Филипп (1844 с.т.), Федор (1845 с.т.), Константин (1849 с.т.), Петр (1856 с.т.), Дарья (1855 с.т.), Егор-Такынай Уус (1858–1936 сс.), Павел-Хаттаҥныыр Уус (1866 с.т.).

      1917 с. биэрэпискэ Федор Евсеевы тимир ууһа диэн суруйбуттар. Кэргэнин сааһа 63-һэ, 12 саастаах ииттэр кыыстаахтара