Эйигинэ суох. Степан Марков. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Степан Марков
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-2625-8
Скачать книгу
интэриэһиргээн ааҕааччылар элбэхтэрэ да, ол туһунан кэпсэтии дьахталлар ортолоругар таҕыстаҕына, дэриэбинэҕэ баар сааһырбыт, соҕотох сылдьар кыргыттар хайаан да онно ахтыллан ылар буолаллара. Итини Саргы билэр. Оччотооҕуга, билиҥҥи курдук, хас хаһыат аайы эр-ойох билсиһиитин туһунан биллэриилэр тахсыбаттара. Ити кыбыстыылаах, бэйэни түһэринэр быһыы курдук көстөрө, бүтүн норуот ааҕар хаһыатыгар эр-ойох көрдөөн биллэрии биэрэр диэн, ол кэминээҕи сиэргэ-майгыга, өйгө-санааҕа олох да баппат этэ.

      Оттон былыр биһиги өбүгэлэрбит үксүн дуруускалаһыы көмөтүнэн ыал буолан эйэлээхтик олороллоро, оҕо-уруу тэнитэн баччаҕа диэри тиийэн кэллэхпит дии. Билигин атын кэм.

      Саргы биири өйдөөн хаалбытын олох умнубат: оччотооҕу кэмҥэ дойдуга дьон олоҕун таһыма балачча үрдүк эрдэҕинэ, үлэлиир-хамсыыр эрэ киһи соҕуруу улахан куораттарынан, союзнай республикаларынан сынньанан, күүлэйдээн, мал-сал, кэһии-тутуу аҕалан дьоннорун үөрдэрэ. Саргы таайа кэргэнинээн биир сайын Прибалтика куораттарынан күүлэйдээн кэлбиттэрэ, онно кинилэргэ аҕалбыт дьоҕус кэһиилэрин суулаабыт хаһыаттарын арыйан көрбүтэ, бүтүн балаһаҕа нууччалыы тылынан билсиһии биллэриилэрэ бэриллибиттэр этэ, онно дьон ааттара-суоллара, төлөпүөннэрэ аһаҕастык сурулла, ыйылла сылдьарын көрөн олус сөхпүтэ, хайдах манныгый, киһи саатыах дьыалата буолбатах дуо дии санаабыттааҕа.

* * *

      Баҕар сорох ааҕааччы этиэҕэ: «Улахан эбит, суругу суруйуохтара даҕаны, суругу тутан ааҕыахтара даҕаны. Доруобай, үөрэхтээх, үлэлиир, эдэр, кыраһыабай кыыс-дьахтарга билигин да оннук хойут буолбатах ээ, олоҕун хайдах баҕарар сөбүлүүрүнэн көрөн оҥостуоҕун, ханнык эрэ быраабын быстарбыт билбэт киһититтэн сурук тутан мунчааран бэйэтигэр кыһалҕа оҥосто сатыыра миигин интэриэһиргэппэт». Өссө эбэн: «Бу барыта оҥорон көрүү, ойуулаан суруйуу буолбатах дуо?!» – диэн саныаҕа.

      Чэ буоллун, этээччи эттэҕинэ, саҥарааччы саҥардаҕына эмиэ да сөпкө дылы эбит да…

      Ол эрээри… Бэйи эрэ… Бу орто туруу бараан дойду дьоллоох дуу, «эрэйдээх» дуу олоҕор киһи барахсан араас суол дьылҕалаах.

      Чэ, онон ылыстым да табылыннын-табыллыбатын, эн дьүүлүҥ буолуоҕа, ситэри кинилэр инники дьылҕаларын туһунан судургу тылынан-өһүнэн кэпсээн-сэһэргээн көрүүм дуу… Оттон табылыннаҕына – баҕа санаам туолла диэн үөрүөм.

* * *

      Саргы соҕотох ийэҕэ иитиллэн улааппыта. Ийэтэ, син бары ийэлэр курдук, оҕотун туһугар, толору дьиэ кэргэннээх, дьоллоох ыал оҕолоруттан итэҕэс көрбөтөҕө-ииппэтэҕэ. Аҕалара олох эрдэ, кыыс кыра эрдэҕинэ, киһини өйдүүр-өйдөөбөт сааһыгар, олохтон ыалдьан барбыта. Оччотооҕуга Балааҕыйа 25-тээх эдэр дьахтар этэ. Эргэ тахсан олоҕун саҥалыы оҥостуон сөп этэ да, оҕотун туһугар уонна кэргэнигэр маҥнайгы ыраас тапталын кэриэстээн, кыыһынаан бэйэлэрэ олороллорун талбыта. Балааҕыйа маҥнай утаа сопхуос араас үлэлэригэр, онтон кэлин үксүн фермаҕа сүөһү көрүүтүгэр үлэлээн испитэ. Сопхуос салалтата эдэр, сүрэхтээх-бэлэстээх үлэһити биир сыллаах