Саргы ити сонуну соһуйа иһиттэ. Кини кимтэн да сурук кэтэспэт, кэтэһиэх айылаах, суруйуох киһитэ да, дьүөгэтэ да суохха дылы дии. Бастаан оскуоланы бүтэрдэҕин утаа, үөрэнэ-үлэлии барбыт дьүөгэлэрин кытта суруйсар, билсиһэр буолара. Ол ырааттаҕа дии, күн-дьыл ааһар тумана, үрэр тыала уларыттаҕа, билигин онтон үчүгэй санаа, өйдөбүл эрэ хааллаҕа.
Түргэнник таҥаһын-сабын уларыттан, суунан-тараанан баран, сурук кимтэн кэлбитин билиэн баҕарар күүһэ баһыйан, хоһугар киирэн, оронун үрдүгэр сытар суругу сэрэммиттии ылла. Сурук чап-чарааһа илиитигэр билиннэ. Ким суруйдаҕай? Бытархай, иҥнэри түспүт буочардаах. Маннык буочардаах киһини кини билбэт ээ. Итэҕэйбэккэ аадырыһын көрбүтэ, кырдьык киниэхэ эбит. Оттон төннөр аадырыһа эмиэ киһи тута өйдүү охсубат, дьикти баҕайы: Үөһээ Бэстээх, п/я ИК-2 уонна хас да сыыппаралар кэккэлэспиттэр, аата-суола суох. Ким миигин билэн ити суруйарый, оттон мин кинини билбэппин дии… Сэрэнэн кэмбиэр ойоҕоһун хайа тардан бүк тутуллубут чараас лииһи ороон арыйа тардан көрө түспүтэ, эмиэ аадырыһын суруйбут буочар кып-кырылаччы ыраас лиискэ оҕуруо курдук тиһиллибит. Саргы суругу ааҕан барда:
«Саргылаана, миигиттэн эҕэрдэтэ тут!
Бу суругу тутан эн, бука, соһуйдаҕыҥ, хантан билбэт киһим миигин билэн-көрөн суруйарый диэн, кыыһыра саныырыҥ да сөптөөх буолуо. Ити туһунан кэлин, өскөтүн суругунан биһиги билсиһэр дьылҕалаах буоллахпытына, барытын сиһилии быһааран кэпсиэм уонна ону эрэннэрэбин.
Маҥнай суруйарым быһыытынан, бэйэм туспунан олох кылгастык билиһиннэрдэххэ маннык. Мин киин улуустартан биирдэстэриттэн сылдьабын. Сааһым 32. Бачча сааспар диэри кэргэннэммэтэҕим, эдэр киһи сиэринэн үлэлии-хамсыы сылдьыбытым. Маннык дьылҕаланыахпын, манна түбэһиэм диэн түүлбэр түһээн да баттаппат этим. Алҕас дьыалаҕа түбэһэн бу хаайыыны булбутум сыл аҥаарыттан орто. Тугу да кистээбэккэ эттэххэ, үс сылга түбэспитим. Этэҥҥэ буоллаҕына, күн-дьыл түргэнник ааһыан эрэнэбин.
Бука диэн эн миигин баалаама дуу, хаайыылаах киһи суруйар диэн, төһө да билигин кэмсиммитим иһин, оҥоһуллан, буолан хаалбыты тута сото охсор, ыраастанар кыаллыбатын билэбин, болдьоммут сылларбынан аньыыбын-харабын боруостаныам турдаҕа.
Чэ, тугу элбэҕи лабаҥхалыахпыный… Соҕотох биири көрдөһөбүн. Өһүргэммэт, кыыһырбат буоллаххына, аҕыйах да тыллаах суругунан хардардаргын, мин үөрүөм эрэ этэ, тыйыс олоҕум, чуҥкуйбут, санаарҕаабыт санаам эмиэ ханнык эрэ эрэннэрэр сылаас тыынынан биллиэ этэ.
Эҕэрдэни кытта суругу кэтэһэ хааллым. Аадырыһым кэмбиэргэ.
Петров Никандр Иванович».
Саргы суругу хаста да элэҥнэтэн хос-хос аахта. Хаайыыга сытар киһи киниэхэ суруйбут, билсиһиэх, суруйсуох диэн… Хайдах эрэ кыыһырыах уонна бу суруктан сиргэниэх, кэлэйиэх, киэр илгиэх санааҕа кэллэ. Ол эрээри туттунна. Хаһыаттар тиһэх сирэйдэригэр билсиһии рубрикаҕа кыргыттар, дьахталлар биллэрии биэрдэхтэринэ, хаайыыга олорор уонна онно урут олоро сылдьыбыт дьон суруйбаккытыгар көрдөһөбүт диэн быһаарыылаах буолалларын санаан кэллэ. Оттон кини ханнык да хаһыакка билсиһээри биллэрии биэрбэтэҕэ эбээт, онтон булан ылан сурук ыыппыт диэҕин. Итиэннэ дьэ, бу сурук тутта дии. Дьиибэ баҕайы.
Хоһуттан тахсан, илиитин суунан куухунаҕа киирбитэ, ийэтэ миинин тэриэлкэлэргэ кутуталаан кэтэһэн олороро.
– Мииммит эмиэ сойдо быһыылаах, үлэҕэр өр баҕайы буоллуҥ дии. Ити кимтэн сурук кэлбитий? – кырдьаҕас киһи кыыһа дьүөгэлэриттэн сурук туппута буолуо дии санаатар да, өскүөрүтүн кэпсэтиини саҕалаан ыйытар.
– Ээ, биир дьүөгэм куораттан суруйбут… ийээ, аны сурук кэллэҕинэ, итинник ууран иһэр буолаар дуу… – диэн кэбистэ, мантан ыла сурук кэлэ туруохтааҕын курдук. Эппититтэн бэйэтэ да соһуйан хаалла, итинник тахсан хаалла дии.
– Уурумнабын, ханна гыныахпыный… Ити сурук кэлбит аадырыһын соччо өйдөөбөтүм ээ, тоойуом, эмиэ да улахан буукубалар, эмиэ да сыыппаралар… Уулусса да диэн чуолкай суруллубутун көрбөтүм дуу, хайдах дуу?
Саргы итиннэ хоруйдаан тугу да саҥарбата. Ити аата ийэтэ кэмбиэри сирийэ көрө, кимтэн кэлбитин билэ сатаабыт эбит буоллаҕа.
– Ийээ, бүгүн биһиэхэ библиотекабытыгар сонун бөҕө баар, – диэн Саргы куолутунан киэһэ аһылыктарыгар ону-маны куруук кэпсэтэллэрин курдук, туппут суругун салгыы ырыппакка, бука, дьэ, дьүөгэҥ туох сонуну суруйбутуй диэн ыйытыыттан куотан, күннээҕи сонуннарга салайан кэбистэ.
Сурук кэлбитэ хас да хонно. Маҥнай утаа кыыһырыах буолан иһэн, хас билбэт киһим, өссө хаайыылаах буола-буола, кимтэн эрэ мин аадырыспын билэн суруйдаҕын аайы «ньиэрбэбин алдьата» сырыттахпыный диэн, бэйэтин уоскутуна санаата. Кырдьык да оннук ээ. Кини бу 30 сааһыгар диэри дьон тэҥинэн олоҕун оҥосто илик. Кырдьаҕас ийэтин кытта бииргэ олордохторо. Ол тухары уолаттартан сурук тутта ини, туппата ини, билсиэх, ыал да буолуох диир