Сүргэ көтөҕүү. Санааны кынаттыыр хоһооннор. Группа авторов. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Группа авторов
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-4540-2
Скачать книгу
суоҕа

      оччоҕо

      Кэс тыл кэһиллиитэ,

      Оннук охсуулаах

      буолуо суоҕа

      Олох да

      огдолуйуута.

      Санаабытыҥ барыта

      Сатанан иһэригэр

      саараныма,

      Күнүм мэлдьи

      күлүмүрдүү туруо диэн

      көһүтүмэ.

      Оччоҕо

      Хайа да сибиэн

      Сэрэппэккэ эрэ

      ситэн кэлэн

      сиэ суоҕа,

      Ханнык да ситим

      Хаһыытаппытынан ылан

      быһа барыа суоҕа,

      Хараххын саатаппыт

      Хаарыан сулуһуҥ

      Халлааныҥ оройуттан

      Халбарыйан барара

      Хараастыылаах

      буолуо суоҕа.

      Кэтэһимэ олохтон

      Кэрэни эрэ.

      Савва Тарасов

      Олохтон эрэйимэ олус элбэҕи.

      Оонньуурдаах харыйа курдук кини.

      Күлүмүнэн көрсөр көргө кэлэри

      Күн сирэ барыта маннык диирдии.

      Ол харыйа аттыгар сылдьардыы санаа,

      Кэрэ оонньуурдарын кэрэхсээ, баҕар.

      Биири эмэ тал бэйэҕэр, атыны – анаа

      Билэр да, билбэт да дьоҥҥор барыларыгар.

      Үлтүрүйүөхтэрэ сорох оонньуурдар.

      Үйэтэ суохтар кинилэр, үчүгэйдэрин иһин.

      Үрдүктэн көөчүктүөхтэрэ, оттон атыттар —

      Үтүмэх да маһынан тиийбэккин.

      Баар буолаллар маннык киэһэлэргэ

      Баламат соҕус дьон урдустара —

      Тардыһа сылдьар тардыахтаах илиилэрэ

      Тарбачыһа, суохха да уунуохтара.

      Ким эрэ ылыа үчүгэйгэ үлүмнэһэн,

      Хаалыахтааҕар диэн ким эрэ хаһааныа:

      Бу сиргэ букатын кэллим дэнииттэн

      Буорга сирэйин анньан туран муҥнаныа.

      Тиксиэ дуо, биир эмэ эйиэхэ?

      Ол туһунан эрдэлээн этэр уустук.

      Былдьаһан, умса-төннө түһүмүөххэ,

      Туох тиксэр – им-ньим күүтэр ордук.

      Эрэйимэ олус элбэҕи олохтон,

      Эрэнэбин сөптөөҕүнэн хардарыаҕа.

      Баҕар, ыйытыахтара: «Эн… оттон

      Оонньуур аҕалбытыҥ дуо бу харыйаҕа?»

      Киһиэхэ кыра наада

      Леонид Попов

      Баараҕай баай хара тыаттан

      Баара эрэ мин ыллым ытыспар

      Күп-күөх быыкаайык туорааҕы.

      Күп-күөх үчүгэй баҕайы! —

      Уонна, оҕолоор,

      «Оо, өлбөтөх киһи!» дии санаатым.

      Улуу өрүс уйгулаах уутуттан

      Омуртум мин омурдуу ууну,

      Утахпын ханнарда даҕаны,

      Олус да минньигэс баҕайы!

      Уонна, оҕолоор,

      «Оо, өлбөтөх киһи!» дии санаатым.

      Эргиччи көрөр күн анныттан,

      Эргийэ хамсыыр Сир буоруттан

      Миэхэ диэн бэрт кыра наада,

      Бэрт кыра, дуона суох наада!

      Оччоҕо, оҕолоор,

      Уһуннук да уһуннук олоруом!

      Суоһааны

      Ким эмэ этиэ дуо

      Дьол диэн тугун?

      Чороон от сэбирдэҕэр

      Сиик таммаҕа кылбачыйар.

      Ол уҥуор атахха

      Кэбиһиилээх от турар.

      Санаам сырдыыр. Куруйар.

      Ол бадаҕа эмиэ

      Дьол буоллаҕа бэйэтэ.

      Сардаана Амгинская

      Сүрэҕиҥ