Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч.. Татьяна Поскачина. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Татьяна Поскачина
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-6371-0
Скачать книгу
аһаран биэрээт, өттүктээн түһэрдэ уонна, ойон туран, уҥа илиитигэр быһах туппут Марат хаһыытыы-хаһыытыы сүүрэн иһэрин түөскэ тэптэ. Сууллан түспүтүгэр илиитин атаҕынан хам үктээн баран биилээҕин былдьаан ылла. Бу барыта кыл түгэнин иһигэр буолла. Иирбиттии саба түһэ сатыыр итирик ыччаттары, хата, чугас сылдьыбыт эр дьон саба сырсан кэлэннэр оҥкумалларыттан ылан тэйиччи илдьэтэлээтилэр. Мин маҥнай уолуйбутум ааһа быһыытыйда. Батас сирэйин-хараҕын одуулаһабын: аллараа уоһа сүр улаханнык хайдан хаалбытыттан хаан оҕуолуу сылдьар.

      – Батас, хайдаххыный?

      – Үчүгэйбин, куттаныма, – тойон эрбэҕинэн уоһун сэрэнэн соттумахтаан ыла-ыла, миигин уоскутаары мичээрдии сатаата, онтон бэйэтэ-бэйэтиттэн ыйытардыы саҥа аллайда. – Туох буолбут дьонноруй?

      – Максим Дьөгүөрэбис, хайа, туох буола сылдьаҕытый? – үрүҥ кыл сэлээппэтин оройугар кэппит Бүөт Бөтүрүөбүс диэн маҥан сулардыы бытыктаах саастаах киһи килиэп ылар сиэккэ суумкатын суулуу туппутунан мөҕүөх-этиэх курдук субу тиийэн кэллэ. – Эдэр дьон эрээри күрүлүүр күн ортото охсуһа сылдьаҕыт!

      – Максим Дьөгүөрэбис саҕалаабыта буолуо диэн күргүйдүүгүн дуо? Ол баппат уолга Мараакка баран айдаар! Ибис-итирик буолбат дуо?! Өссө быһахтаммыт буола-буола! – атыыһыт Аанчык ийэтэ Огдооччуйа эмээхсин алтахтаан кэлэн Бөтүрүөбүһү саба саҥаран кэбистэ. – Үчүгэйгин дуо, Махсыым?

      – …аа, үчүгэйбин, – Батас Максим буолбатахпын диэн быһаарыан саараата быһыылаах, судургутук хардаран кэбистэ.

      – Хата, киһитэ эн буолан иннилэрин ыллаҕыҥ. Атын киһи түбэспитэ буоллар ити баҕайы өлөрөр дуу, өһөрөр дуу? Киһи үтүөнү кэтэспэт киһитэ.

      Огдооччуйа эмээхсин мөҕүттэ-мөҕүттэ мустан турар дьахталлар диэки барда.

      – Максим Егорович, дорообо. Дорообо, Даша, – оскуола дириэктэрэ Пелагея Романовна, кэтит кытыылаах соломо сэлээппэтин көннөстө-көннөстө, чугаһаан кэллэ. – Хайа, туох араллаана буоллай?

      – Ээ, мин Максим буолбатахпын, кини быраатабын, – Батас мин диэки көрөн ылаат, соруйан бары истэллэрин курдук улаханнык хардарда.

      – Аа? – Пелагея Романовна тугу да өйдөөбөтөхтүү Батас биһиккини эр-биир көрүтэлээтэ.

      – Бу Батас – Максим игирэтин аҥаара, – бу тухары саҥата суох турбут бэйэм быһааран биэрдим.

      – Ээ, дуо? – дириэктэр эрэ буолбакка, бу кэпсэтиини истибит мустан турар дьон-сэргэ уолу баһыттан атаҕар диэри сыныйан көрдүлэр. Ким эрэ эрдэттэн билбит буолан, эбии быһааран, кэпсээн ситэрээччи буолла.

      Батас биһикки маҕаһыынтан килиэппитин ылаат дьиэлээри, бу дьонтон тэскилии охсоору тиэтэйдибит.

      Атыыласпыт уонча килиэппитин куулга уган, матасыыкылбытын мэҥэстэн дьиэлээтибит. Ол эрэ кэннэ, чуумпуга олорон, туох буолбутун Батастан сурастым.

      – Артуркалаах Буоба маҕаһыын кэннигэр чыычаах уйата баар диэннэр, ону көрө барбыппыт. Онно суулла сытар мас үрдүгэр дьон арыгылыы олороро. Биһиги кинилэргэ эрэ наадыйбакка, кимнээх эрэ оҥорбут уйаларын көрүтэлии сылдьыбыппыт.