Өр-өтөр гыммакка, айаннаан тиийдибит. «Пещералара» диэн кыракый балаҕан эбит. Онно дьиибэ уолаттары көрдүм. Үүт-үкчү «чудовище» курдук хап-хара баттахтаахтар, харахтаахтар. Саамай соһуйбутум – уолаттар кыралыын-улаханныын бары хаамса сылдьаллара. Кинилэр бэйэлэрин сиэстэрэлэрин «ийэ» диэн ааттыыллар. Ийэ диэн сибэкки ойуулаах халааттаах, улахан истээх буолар эбит. Бу дьиэ иһигэр бары бэйэ-бэйэлэрин кытта мин өйдөөбөт тылбынан кэпсэтэллэр. Маннааҕы уолаттар миэхэ чугаһаабакка эрэ онтон-мантан быгыалаан көрөллөр. Арай, түөһүгэр иилиллибит, дьүһүнэ көстүбэт буолбут бэчиэнньэлээх маарылланы айаҕар тобус-толору болточчу уоппут, сыыҥ-сыраан аллыбыт кыра уолларын сыт-сымар буолбут дьааһыкка уган баран, барылыы-барылыы дьиэни биир гына анньа сылдьаннар аттыбынан аастылар да, миэхэ кыһамматылар. Өскөтүн мин сип-сибилигин үрүҥ палаатабар баар буола түстэрбин, күөх харахтаах уолаттарым уонна сиэстэрэлэрим үөрэн хаһыытаһыа этилэр, күлүү-үөрүү, кэпсэтии-ипсэтии муҥура суох буолуо этэ. Оттон бу дьиҥнээх төрөөбүт дьиэбэр кэлбит ааттаахпын да, онтон ким эмэ үөрбүтэ-көппүтэ көстүбэт. Дьэ, дьиибэ!
Чочумча буолаат, олус минньигэстик аһаттылар. Сылгы этин сиэппит эбиттэр. «Миигин аҕалбыт ат эрэйдээҕи сии охсубут буоллахпыт дуу, эчи түргэнин!» – диэн соһуйдум.
Саҥаларын-иҥэлэрин төһө да өйдөөбөтөрбүн, бу ыалга син олоруохпун сөп эбит. Саамай үчүгэйэ диэн, тириигэ суулаабакка, ороҥҥо, тэллэххэ сытыардылар.
Эр киһини урут хаһан да көрбөтөх буоламмын, аҕабыттан син биир толлорум. Онно эбии аҕам үрдүк уҥуохтааҕа, улахан көрүҥнээҕэ. Көрөрө-истэрэ киһи дьиксиниэх курдуга. Кини тас көрүҥүнэн индеецтэр биис уустарын баһылыгын санатара. «Сыновья Большой Медведицы», «Чингачгук – Большой Змей», «Золотой каньон» диэн киинэлэргэ сүрүн оруолу оонньуур Гойко Митиһи билэр буоллаххыт дии? «Сахаҕа» үчүгэй уол, ээ? Ити мин аҕам «игирэтин аҥаара» ээ!
Бу дьиэ үтүө-мааны киһитэ – ийэбит сарсыарда аайы, биһигини аһатаат, «биис ууһун баһылыгын» кытта ханна эрэ «трудодень» диэҥҥэ барара. Киэһэ кэлээт да, оһох үрдүгэр иһити-хомуоһу талыгыратара. Сотору буолаат, минньигэс ас сыта дьиэни толороро. Ийэбит сүрдээх үөрүнньэҥ майгылааҕа. Сибэкки арааһын үүннэрэрэ, хас биирдии тыллыбыт сибэккиттэн үөрэрэ. Кыракый балаҕаммыт иһэ хаһан да хагдарыйбат, куруук чээл күөх буолара. Ийэм куруук ырыа аргыстааҕа. Санаабар мин кэлбиппиттэн үөрэн ыллыырга дылыта. Кырдьык да оннук диэх курдук, хам-түм кини гражданскай сэрии кэминээҕи нууччалыы ырыалары ыллыыра. Ийэм күнтэн-күн