Ситтэрбэти ситээри…. Михаил Иванов-Чуона Мэхээлэ. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Михаил Иванов-Чуона Мэхээлэ
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-4992-9
Скачать книгу
кыымнарын сүтэрбит көмүлүөк онно, дьыл-хонук ардаҕа суурайбыт дьон-сэргэ суолун омооно ааспыт кэм туманыгар суураллан өлүктүйбүт буоллахтарына, арай «ааспыт кэм им-дьим кэрэһитэ – тэлгэһэ сэргэтэ» билигин да саҥата суох поэт дууһатыгар элбэҕи кэпсиир. «Наҕыллык мин диэки иэҕэйэн» диэн бу кыра этии дириҥ суолталанан тахсар – сэргэ хойдубут салгыны силэйэн кэлбит уолугар сыста түһэн, кэпсээн барар. «Бар дьон ыарахан да кэмин билэн, умнаһа харах уутунан хайыта суураллыбыт», «дьон-сэргэ баай-талым олоҕор Дьөһөгөй маанылаах оҕотун хонноҕун сылааһыгар туппут» сэргэ барахсан, билигин алаас-алаас аайы им-дьим иһийэн туран, оо, элбэҕи да санатар, кэпсиир буоллаҕа. Ону «сайдыылаах» олох хаҕыс тыала тоҥорботох, ириэнэх уйулҕалаах эрэ киһи истэр-билэр…

      Поэма тыла-өһө сааһыламмыта, чиҥэ ааҕыллымтыа оҥорор. Тылынан ойуулааһын киһини өссө умсугутар, сэргэ турар алааһыгар, ол аата өбүгэ тыынын эйгэтигэр киллэрэр:

      «Былыргы өтөххө кэлэммин

      Хойдубут чуумпуну аймаатым,

      Аастыйбыт салгыны ыймахтаан

      Хас да сүүс саастаахтыы сананным».

      Дьон-сэргэ биллибэтэҕэ ыраатан, салгын «хойдубут», бэл, «аастыйбыт», сэргэлээх былыргы тэлгэһэ эйгэтин салгына хойдон-хойдон, таастыйан, киһи санаатын да утаҕа кыайан киирбэт буолбата буоллар дии саныыгын… Поэт дууһалаах киһи «үйэлэр быылларын оймоон, ситтэрбэт номоҕу сырсар».

      «Очуостуу дьиппиэрбит сыллартан

      Кырыарбыт илдьити мин туттум», —

      диэн поэт эппитэ – аастыйбыт салгын анараа өттүттэн «айаннаан» кэлбит кырыарбыт «илдьити» ааҕааччыга чугаһатан, киһи хараҕар илэ көстөн кэлэрдии оҥорор. Бу – санаа күүһүн тылынан киһи уйулҕатыгар тиэрдии күүһэ!

      «Кыргыһыы сэмнэҕин санатар

      Кыа хаанныы кытарар эмэхтэр

      Кыдыйсар кыдьыктаах сахтартан

      Кырыыстаах үйэни кэпсииллэр»,

      – диэн, кырыыстаах кыргыс үйэтин хартыынатын бу түөрт строка ууран биэрэр.

      «Арай дьон хаалларбыт мэҥэтэ

      Тэлгэһэ сэргэтэ тураахтыыр —

      Ааспыт кэм им-дьим кэрэһитэ

      Саҥата суох элбэҕи кэпсиир».

      Поэт сэргэ уобараһын инникилээх, кэскиллээх оҥорор. «Былыргы быраман дьыллартан күн тохтуур биир ытык күнүгэр», ол аата ыһыах күн, «Аар Кудук Чэрчи Мас чыпчаалын үөһээҥҥи айыылар булаллар». «Урааҥхай олоҕо ойууламмыт сиэдэрэй оһуордаах сэргэ» таһыгар сылгылар кистииллэр, халлааҥҥа тойон кыыл элиэтиир. Ол эрэн «арҕааҥҥы аргыарга үрдэрэн, дохсуннук айанныыр олох эрдиитэ суох оҥочо курдук дагдаҥныыр», туох да тохтоппот тэтимнээх олох айаныгар «быыппастар маҥан ат миҥэлээх алаас сайыһан далбаатыыр». Олох тэтимин дохсун долгунугар, алаас, сэргэҕэ баайыллыбыт Дьөһөгөй оҕото көмүскэл, харысхал буолуохтара диэн поэт сырдык, эрэл санааны саҕар.

      Чуона Мэхээлэ бу ахтыллыбыт икки поэмата, чахчы да, сахалыы тыыннаах ааҕааччы кутун-сүрүн тутуох, киһи өйүн-санаатын долгутуох, элбэҕи толкуйдатыах айымньылар. Дойдуга, олоххо тапталы өрө туппут, ону уус-уран тыл күүһүнэн