Аанньаллар. Айсана. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Айсана
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-4178-7
Скачать книгу
кыараҕаhын аҕынна. Саамай сөхпүтэ диэн уу кырыымчыга. Арай наар ыалдьыттатар профессора дьиэтигэр ыҥырбыт. Эмиэ аhаан-сиэн, кэпсэтэн-ипсэтэн киэhэ утуйуу буолбут. Сардаана үгэhинэн суунаары ванна сураспыт. Дьиэлээх киhи бэрт өр бэлэмнээбит, Сардаананы ыҥырбыт. Сардаана суунан бүттэҕинэ, ууну хайдах ыытарын, ваннаны тугунан сайҕыырын ыйыппыт. Киhитэ ыксаабыт, илиитинэн сапсыммыт: «Ууну отой тохпоккун, ити ууга эн кэннигиттэн мин, кэргэним, оҕолорум суунуохпут», – диэбит. Сардаана кини сууммут уутугар дьон суунуохтааҕын истэн сүрэҕэ тохтуу сыспыт, суунартан атыыр аккаас биэрбит.

      Били Дьоппуон сирэ сайдыылаах дойду диэн ордугургуу саныырбыт симэлийэн барда. Аата, салгынныын-уулуун, сирдиин-халлаанныын, астыын-үөллүүн – бары-барыта кэмчи дойдута буолан таҕыста. Онно холоотоххо, биhиги Сахабыт сирэ нэлэhийэн киэҥэ-куоҥа, салгына ырааhа, уута дэлэйэ, сирин баайа элбэҕэ! Сайыннахпыт аатыран, баары харыстаабакка, барыны бары ыhан-тоҕон, алдьатан-кээhэтэн, хата кэнэҕэски ыччаттарбытыгар туох да хаалыа суох. Эмиэ атын омук курдук от-мас аhылыктанан, салгыннарын атыылаhан тыынар, күөх халлаан диэни билбэт, ууну харыстаан дуоhуйа испэт кэрэгэй дьылҕаланыахтара дии санаатахха тоҕо баҕас ынырыгай?!

      Аhаан бүтэн, аны ыалдьыппытын тугунан аралдьытабыт диэн моhуок буолла. Хата Даниил мууhун үлэтин бүтэрэн эрдэ кэлэн абыраата. Бэрт өр суол туhунан тугу эрэ балкыстылар. Даниил ойон туран, суол инженеригэр өрүhү туоруур кыhыҥҥы суолу көрдөрүөххэ диэн этии киллэрдэ.

      Үөрэ-көтө хомунан дьиэбититтэн быhа гаражпытыгар тахсан «Марк-II» массыынабытыгар олордубут.

      Дьоппуоммут массыынаны көрөн үөрдэ:

      – Тойота, тойота! Дьапан, Дьапан! – диэмэхтээтэ.

      Абалаах да баҕайы, доҕор онтон! Биhиги Дьоппуон сиригэр тиийдэхпитинэ, Саха сирэ тугу оҥорон таhаарбытын көрөн хаһан үөрэбит!? Кыhыылаах баҕайы. Бары-барыта баар уонна туох да оҥоhуллубат…

      Түргэнник сырылатан тиийэн, Хатастан Павловскайдыыр хайысханан өрүс мууhун халыҥатан уу ыстара сылдьалларын көрдүбүт-иhиттибит. Акакамурабыт видеокамератын араарбат, бары-барыта киниэхэ сонуна сүрдээх быhыылаах.

      Төннөн иhэн, өрүс төбүлэҕэр муус ыла сылдьар дьону көрөн дьиктиргээтэ.

      – Тоҕо мууhу алдьаталларый? Ити кутталлаах эбээт! – диэтэ.

      Тохтоон, кыhын иhэр уубут маннык бэлэмнэнэрин кэпсээтибит. Дьэ өйдөөтө, эhиги дьиэҕит аттыгар муустар бааллар этэ диэн. Дистиллированнай уу уонна эмиэ экология диэн буолла. Олус үлэhит дьон аатырдыбыт.

      Видеокамералаах кус-хаас тойугун түhэрбит дьону көрөн, баҕыырынан муус хостуу сылдьар үлэ таҥастаах уол биhиэхэ чугаhаата, туох дьоммутун сураста.

      – Ээ, дьоппуон ыалдьыппытын саарата сылдьабыт, – диэтим.

      – Дьиҥнээх дьоппуон дуо? Тоҕо дьоппуоннуу саҥарбат? – уолбут мичээрдээтэ, хоруолук бэргэhэтин өрө аста.

      – Ха, дьиҥнээх буолумуна, тылбаасчыта английскайдыы быhаарсар. Дьоппуоннуу билэр тылбаасчыт булбатахтар быhыылаах.

      Уолбут тоҥхоҥноото, дьоппуоннуу тылынан тугу эрэ этэн субурутта.