Сүрэххэ сөҥмүт сулустар. Анна Андросова. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Анна Андросова
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-3610-3
Скачать книгу
в дальних камерах девчата

      Проклинали молодость свою,

      Где-то и когда-то говорили,

      Говорили ласково «люблю»…

      Манна ким кэлэрэ-барара сонун буолбатах. Хааһы курдук. Биир күн Красноярскайтан этап кэллэ. Бүөккэ идэтинэн уруһуйдуу олорбута. Бу дьон ортотугар биир сахалыы хаптаҕай дьүһүннээх, бэрт сытыы-хотуу сирэйдээх-харахтаах, чолбоодуччу көрбүт саас ортолоох киһи кэлистэ. Киирээт, уруурҕуу көрдөҕө буолуо, хараҕа Бүөккэҕэ хатанна. Чугаһаан хайа омук буоларын ыйыталаста. Тувинец эбит, дойдутуттан уонча сыллааҕыта хаайыы эҥээрдэнэн барбыт. Болдьоҕун бүтэрэн иһэн, биир сүөһүнү быһахтаан, эбии биэс сылы ылан, кытаанах режимнээх зонаҕа баран иһэрин блатнойдар идэлэринэн төттөрү-таары хаама сылдьан кэпсээн дьон болҕомтотун тарта. Ол эрээри… Ол эрээри кинилэри кытта кэлсибит, тартаран саҥарар киһи тувинец сабыс-саҥа механическай бириитибэлээҕин каптёркаҕа туттарбытын Амеляҕа сибис гыммытын Бүөккэ уруһуйдуу олорон иһиттэ. Уопсай балаһыанньаҕа олорооччулар төбөлөрүн холбоон бэрт өр сүбэлэстилэр. Онтон тувинеһы ыҥыран, бэрт ыраахтан саҕалаан кэпсэтиини бириитибэҕэ эргитэн аҕаллылар. Бириитибэ манна наадатын, онон ыларга модьуйдулар. Тувинец «биэрбэппин» диэн турда. «Бэйэбэр наада, хаайыы суруллубатах сокуонунан эһиги ыччаттан күүскүтүнэн күһэйэн ылар быраапкыт суох», – диэн бэйэлэригэр понятие толкайдаата.

      Дьон ымсыы санаата көптөҕүнэ, сүрдээх суол буолар эбит. Арахсар аат диэн суох. Бары түүрэйдээн түһэриэх да курдук буоллулар. Тувинец ыксаата, соҕотоҕо да бэрт. Көмө эрэйэрдии, Бүөккэ диэки көрүтэлээтэ. Бүөккэ, хайыыр да кыаҕа суох буолан, хараҕын кистээтэ. Тувинец муҥур уһукка тиийэн сөбүлэстэ. Санаата түспүт.

      Обургулар сайабылыанньа суруйтара охсон ылан надзирательга биэрдилэр. Дьыала үчүгэйдик түмүктэммитин чифиринэн бэлиэтээтилэр.

      Эбиэккэ диэри туох да биллибэтэ. Амеляҕа илин-кэлин түһээччилэр ааны тоҥсуйан лигийдилэр. Надзиратель кэлэн ас биэрэр чуолҕаны арыйда.

      – Бритву давай, начальник!

      – Не положено! – чуолҕаны сабан кэбистэ.

      Дьэ, доҕоор, маны эрэ күүппүт курдук, буолан аҕай турдулар ээ. Аан алдьанарыгар тиийдэ. Эппиэттээх дьуһуурунай кэллэ. Киһи өйдүүр гына быһааран биэрбитин, истэр кэлиэ дуо… Түрмэ тойонун модьуйдулар.

      – Тойон суох, – эппиэт судургу.

      Бүөккэ, дьэ, уоскуйаллар ини дии санаабыта… Ыҥырыа уйата тоҕо тардылынна. «Голодовка» биллэрэбит диэн турдулар.

      – Пожалуйста, ваше право, – баҕар, эн өл даҕаны, онно эрэ кыһамматтыы, надзиратель бэрт холкутук эппиэттиир. Хата, кумааҕы биэрэн, аччыктааһыны биллэрбиттэрин туһунан сайабылыанньа ылан барда.

      Үөхсүү кытаанаҕа. Хаамыра бириитибэнэн итэҕэстийэн олорбутун курдук буолла.

      Эбиэти, киэһээҥҥи аһылыгы ылбатылар. Куртах сыыйа курулуйан барда, бары сууланан эрдэ сытынан кэбистилэр.

      Тувинец санаата көнньүөрбүт. Хаан тардыһан сахаларга кэлэн тумустары дэлби үөҕэр. Сотору-сотору «дойдубар эбитим буоллар» диэмэхтиир.

      Биир хонук ааста. Прогулкаҕа