Алыһардаах Аана. Коллектив авторов. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Коллектив авторов
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-5781-8
Скачать книгу
этибит. Бу Хапчыл Эбэтигэр былыр тоҥус биистэрэ олорбуттара үһү. Сайын үгэннээн турдаҕына маҥан буур табаларынан толоону туораан таҕыстахтарына маҥан таба от күөҕэ өҥнөнөн хаалара үһү. Оннук нүөл сүмэһиннээх оттооҕо дииллэр.

      Туймаадаҕа нууччалар кэлэллэрин саҕана Тыгын тойон биир хоһуун сэрииһитэ Луоҕа Боотур аймахтарын уонна сэриигэ илдьэ сылдьар бөҕөстөрүн илдьэ кэлэн, маннааҕы тоҥустары кыайан, Бүлүү өрүһүн уҥуор үүрэн баран, олохсуйбута үһү. Ол Луоҕа Боотур олохсуйбут сирэ Эбэ ортотугар турар үрдүк булгунньах буолар. Кини бу булгунньаҕы өстөөх киирэн иһэрин ыраахтан көрөргө табыгастаах диэн талан олохсуйбута дииллэр.

      Кинилэр булгунньахха олорон кураахтаах ох сааларынан сыал ыта оонньууллара үһү. Ити булгунньахтан ыппыт охторо икки биэрэстэлээх сиргэ турар баай тиити ортотунан холобурдаах хайа көтөн тахсан баран, кыбыллан турарын мин ийэм уонна кини саастыылаахтара көрөрбүт диэн кэпсииллэрэ. Кэлин ити тиит нөҥүө-маҥаа икки өттүнэн дьабата эрэ ордон турарын, иккис кылааска үөрэнээри ийэбин кытта баран иһэн мин эмиэ көрбүтүм.

      Эбэҕэ Луоҕа Боотур төһө өр олорбутун, тугунан дьарыктаммытын туһунан кэпсээни мин истибэтэҕим. Ол эрээри Эбэ көрдүгэн күөллэрин тула элбэх өтөх, былыргы араҥастаах киһи уҥуохтара баалларын аттаран толкуйдаатахха, ити Луоҕа Боотуру кытта кэлсибит сахалар I уонна II Лүүчүннэр төрүттэрэ буолбатахтара буолуо дуо диэн санааҕа кэлэҕин.

С.П. Егоров

      Лүүчүннэр үйэлэр аҥааттар аартыктарынан. – Дьокуускай: Бичик, 2003. – С. 327–331.

      Нэлчэкэ уонна Михаил Жирков ыччаттара

      «Колониальная политика Московского государства в Якутии XVII в. Сборник архивных документов» (Л.,1936) кинигэ 216-с лииһигэр 1685 сыллаахха Михаил Жирков диэн хаһаах, Лүүчүн буолаһын киһитэ, Курчега Селбуков ойоҕун Нелчаканы уон сүөһүгэ атыылаһан ылбытын туһунан суруллубут. Кини 1687 сыллаахха Дьокуускайга бойобуода М.О. Кровковка суруйбут суругар өссө дьахтар сүрэхтэниэн баҕарар диэбит («И ныне та женка крестится волею»). Дьахтар эрэ да, уруулара да үҥсүө суох буоллулар диэн эбии суруйбут.

      Аны туран, Р.К. Маак 1854 сыллаахха Бүлүү умнаһынан айаннаан сылдьыбытын түмүгүнэн «Вилюйский округ Якутской области» кинигэ оҥорон таһаарбыта. Ити уһулуччулаах натуралист, айанньыт биһиги нэһилиэкпит сорох сирдэринэн сылдьан ааспытын туһунан бэлиэтээһиннэриттэн биир түгэни Багдарыын Сүлбэ «Жирков аҕатын ууһун төрдө буолуо дуо?» диэн суруйуутугар таһаартарбыта («Киин куорат». 07.02.2003). Онтон быһа тутан ааҕыаҕыҥ.

      «Р.К. Маак Орто Бүлүү улууһугар Түөк күөл кытыытыгар турар дьахтар араҥаһын көрбүт, чинчийбит, ойуулаабыт. Олохтоохтор, быһа холуйан, 150-ча сыллааҕыта араҥаска ууруллубут дьахтар диэбиттэр. Ол аата 1700 сыллааҕыта эргин.

      Сорох дьон дьахтар аата Ураҕас диэн эбит үһү, бадаҕа, диэбиттэр («некоторые предполагалм»).

      Дьахтар тоҥхойо кырдьыар диэри олорбут («до глубокой старости»), Лүүчүн ууһун (нэһилиэгин) төрдө буолбут. Сүрэхтэммэтэх уонна оҕото барыта нуучча хаһааҕыттан диэбиттэр