– Инна, олох оҥоһуута, ыйааххыт буоллаҕа. Хайдаҕын да иһин эн дьиҥнээх тапталы, улахан тапталы биллэҕиҥ. Мин урут да эппитим дии, оннооҕор биһиги, чугас дьүөгэлэриҥ, эйиэхэ кэлэн ааспыт дьолунан дьоллонон олоробут. Бу орто дойдуга таптал баар эбит ээ дэһэбит. Дьиҥнээхтик таптаабыт эр киһини илэ биллэхпит, ол тапталтан эн хайдахтаах курдук кыыс оҕолуу иккистээн тыллыбыккын, тупсуоххунан тупсубуккун көрдөхпүт. Билигин биһиги эмиэ эрэллээхтик, улаханнык таптал баар дэһэбит, – диэбитэ Ася.
Инна, дириҥник үөһэ тыынан кэбиһэ-кэбиһэ, альбомун түөһүгэр хам кууһан оттуллубут оһох иннигэр олорунан кэбистэ. Таһырдьа эмиэ күһүҥҥү ардах түһэн сабыгыратан барда…
Кыыс кырдалыгар
Оо, дойдум барахсан, күндүгүн даҕаны! Салгынныын, сыттыын-сымардыын сүрэҕи-быары ортотунан киирэн тоҕо баҕас үчүгэйэй! Уулусса тоҕойун аайы тохтоон кэпсэтэр биир дойдулаахтарым, били оруобуна Исай Брызгалов ырыатыгар ылланарыныы, ийэ, аҕа курдук чугаскыт. Сыл-хонук баттаан эһиги кырдьыбыккытынан көрдөххө, күн-дьыл да барбыт, ол аата саас да ырааппыт буоллаҕа».
Светлана Николаевна өрүс кытылын устун аргыый хааман иһэн ыскамыайкаҕа кэлэн олордо. Ыскамыайка эрэйдээх эмиэ кырдьаахтаабыт. Эмиэ бэйэтэ туспа олох кэрэһитэ турдаҕа эбээт. Төһөлөөх эдэр паараны олордон, көрсүһүннэрэн, арааран ааспыта буолуой? Светлана Николаевна ыскамыайкаҕа олорон эбэтин саҥа көрөр киһилии одуулаата. Кырдьык, уруккута буолбатах, хайдах эрэ бүүс-бүтүннүү өлбөөдүйбүт, соҥуорбут көрүҥнэммит. Урут… оо, кэрэ да көстүүлээх этэ… Светлана Николаевна хараҕын симэн ылла. Эбэ уута ып-ыраас, дьэп-дьэҥкир буолара, мэктиэтигэр уу түгэҕэр уста сылдьар балыктар курдаттыы көстөллөрө. Биэрэгэр чыычаах арааһа мустан ыллыыра, үп-үрүҥ хоптолор уу кырсын үрдүнэн талбаара көтөллөрө. Оттон киэһэ чуумпуга налыйан-наскыйан, аргыый мөлбөйө устан эмиэ киһи тылынан сатаан эппэт кэрэ көстүүлэнэрэ. Светлана оҕо сылдьан уу баһа киирэн баран күөххэ сууламмыт өрүс уҥуоргу өттүн, ыраах көстөр хайалары одуулаан кытылга өөр-өр таалан олороро. Ол кэмҥэ үөрүү-көтүү, сырдык санаа эрэ аргыстаах, олоҕу билэ илик туҥуй кыыс оҕо этэ буоллаҕа. Оттон билигин эбэтэ барахсан элбэҕи да эргитэ санатар…
Светлана Николаевна хоту диэкиттэн сөрүүн тыал үрбүтүгэр хайдах эрэ дьагдьайа быһыытыйан эмискэ ойон турда: «Бэйи, дьиэҕэ барыахха. Эдьиийим аах сүтэриэхтэрэ». Уонна бу киэһэ хайаан да Ларисаҕа төлөппүөннүөхтээх, дьүөгэтэ улуус кииниттэн бүгүн кэлиэхтээх. Дьэ долгутуулаах көрсүһүү күүтэр!
Эдьиийин аахха кэлбитэ – бары утуйаары оннуларын булан эрэллэр. Күнү быһа окко, оҕуруокка, үлэҕэ эриллибит дьон эрдэ сыталлар, сарсыарда эрдэ туран тарҕаһыахтара турдаҕа. Светлана утуйа иликтэринэ дьүөгэтигэр төлөппүөннүү охсорго быһаарынна.
– Алло, дорооболоруҥ. Сергеевтэр дуо? Оҕолор, маамаҕыт кэллэ дуо? – Светлана Николаевна дьүөгэтин куолаһын истэриттэн долгуйан барда.
– Кэлбитэ. Эн тетя Светаҕын дуо? – кыра уол куолаһа чаҕаарар.
– Даа-даа, түргэнник ыҥыр, тоҕойум.
– Хотуой, Сибиэтэ, бирибиэт! Куоласкын истэр күннээх эбиппин ээ.
– Привет,