– Оһо, уол күннээбит дии. Сэмэнчиктээҕи кытта сылдьыма диэн атыыластаҕа дии. Биһиги да бэлисипиэт тэбиэхпитин баҕарабыт. Дьэ, бултаһар буоллахпыт.
– Хата, «Мерида», «Маунтинбайк» бэлисипиэти атыыласпа тах дии, – уолаттар күлсэллэр. – Уйбаанчык, хайдах эмэ гы нан сарсын баччаҕа Баанньысканы пааркаҕа ыҥыраар эрэ. Көрүө этибит буоллаҕа. Хайа, Уйбаанчык, онтон эн табах таппаккын дуо?
– Суох. Эбэм оччоҕо сэрэйэр буоллаҕа. Баанньыска мии гин итэҕэйбэт. Ийэтэ уонна ханна да ыыппат. Кэпсэтэрин кэпсэтиэм… – уол дьоһумсуйа туттар.
– Уолаттар, хаартылаабаппыт дуо? – Сэмэнчик тыл кө төхпүтүгэр өрө көтө түһэллэр. Сиэбиттэн тырытта сатаан баран илдьирийбит хаартыны үөрүйэх баҕайытык «тыыр-таар» тыаһатан киирэн барар.
Ити кэмҥэ ааннара аһыллыахча аһыллыбакка сэгэйдэр сэгэйэн, ааҥҥа кыбылла сыыһан, кыра уҥуохтаах чороччу хаппыт дьахтар кырыытынан устан киирэн кэллэ.
– Сэмэнчик, бааргын дуо? Отоннообокко, күнү быһа тугу да гыммакка, бириэмэ ыыта олороҕун? Дьон отонноон, маҕа һыыҥҥа туттаран, харчы бөҕөнү хоторбуттар. Онтон эн биһигиттэн харчы көрдүү-көрдүү олороҕун. Бэлэмҥэ эрэ бэркин, – Даайака уолугар чопчу хааман кэлэн, тарбаҕын чочоҥнотто.
– Эмиэ арыгы иһэн дэлбэрийэн кэлбиккин? Арыгылаабакка эн да отонноо ээ. Тугу гына сылдьаҕын? Отонноон да диэн… Син биир туттардахха, эһиги иэскитин тутан ылыахтара. Бардыбыт, уолаттар, – Сэмэнчик ойон туран ааҥҥа барар. Уолаттар түргэн соҕустук кэнниттэн тахсан бараллар.
Дьиэ иһэ уу чуумпу буолар. Буруо эрэ көҕөрө тунааран хаалар. Даайака оһох билиитэтигэр турар хара лаҥхарбыт чаанньыктан ыстакааҥҥа чэй куттан аҕыйах омурду ыймахтаат, оронугар түүрүллэн сытар. Хас да күн арыгылаан, кытара үллүбүт сирэйэ сыппытыгар арыый уоскуйбукка, сымнаабыкка дылы буолар. «Арыгыһыт дьахтар», «арыгыһыт ыаллар» диэн дьаралык ааттанан сырыттаҕа. Оннооҕор соҕотох төрөппүт уола, бэҕэһээҥҥи бэтэнээски, арыгыһытынан атыннык ааттаабат. Бэйэтин өйдүүр буолуоҕуттан дьон сэнэбилигэр сылдьарын эрэ өйдүүр. Ийэтэ кини үстээҕэр сулумах сылдьан оҕолонон баран, хоту кэргэн тахсан барбытынан оҕотугар эргиллибэтэх. Иһэр-аһыыр киһиэхэ тахсан, олус ыараханнык олорор сураҕа иһиллэрэ. Онон кини ийэтин эдьиийигэр иитиллибитэ. Эдьиийэ бэйэтэ түөрт кыыстаах буолан, киниэхэ оннук бэһирбэккэ, тулаайах оҕо кэриэтэ сылдьыбыта. Оҕо эрдэҕиттэн дьиэ күннээҕи кыһалҕатыттан ордубатаҕа. Сайынын оҕо аймах барыта сөтүөлээн айманар кэмигэр кини уу баһара. Ыйдаҥалаах киэһэ ыйга ураҕастаах ыаҕаһы сүкпүт кыыһы хараҕа ыларынан көрө сатыыра. Ыйга баар кыыһы бэйэтигэр майгыннатара. Бэл, билигин үөрүйэҕинэн, ыйдаҥалаах киэһэ ыйы одуулаһарын билбэккэ хаалар.
Оскуола кэнниттэн үөрэммэтэҕэ. Буолуохтааҕын курдук, иһэр-аһыыр, бэрт боростуойдук олорор ыал уолларыгар кэргэн тахсыбыта. Олоҕо сарбылыннаҕа ол. Кэргэн тахсыаҕыттан, үрүҥ хараҕын өрө көрбөккө, иһэр киһилиин олоҕун моҥоото. Хата, кэргэнэ сытар ынаҕы туруорбат сымнаҕас киһи буолан абыраата. Икки улахан кыыһын, истэр даҕаны, тэҥнээхтэриттэн итэҕэс