– Бу аспыт сотору бүтүө, онтон сарсын быыс-хайаҕас булан, сымса туттунуубутунан кып гыннаран хонноххо уктуу эҥин туһунан сүбэлэһиэххэйиҥ. Биһиги оҕо дьиэтигэр олорон барытын эрдэттэн былаанныыр буолар этибит, – Күөх Харах кэпсэтиини атыҥҥа иэхтэ.
– Табыллыбатахпытына тутуллуохпут, оччоҕо – кырата үөҕүллүү, үүрүллүү. Ортото – охсуллуу, кырбаныы. Улахана – сууттаныы уонна хаайыллыы, – Турантай сөбүлээбэтин биллэрдэ.
– Инньэ диэн оттон олох хаамыыта оннук буоллаҕа дии. Аччыктаан, ымсыыран, эбэтэр ордук санаан, бэлэмҥэ дураһыйан оннукка тиийиллэр. Оннооҕор халаан, уоран, уматан номоххо киирэн дьоруой буолбут дьон бааллар дии. Холобур, сааһын тухары хаайыыга сыппыт Манчаары аатын туохха барытыгар сыбыыллар, бэл тыыннааҕар дьөрү кулун да ыһыаҕар күрэхтэспэтэх киһи аатынан спорка сыһыаннааҕы барытын ааттыыллар. Омуоча да аатын дьон умнубат. Биһиги, олоро сылдьыбыттар, кинилэр ааттарынан киэн туттабыт, ыллык үктээбит суолларын салҕааччылар курдук сананабыт.
– Билиҥҥи биһиги олохпут уоруйахтарын, хаайыылаахтарын аны сүүс сылынан кэрэ кэпсээн, сэргэх сэһэн гынан сэһэргиэхтэрэ дуо? – Күөх Харах мин да Манчаарыттан туох улахан уратылаах үһүбүн, арыый уҥуоҕум эрэ үрдүк ини диэх курдук тутунна-хабынна.
– Саарбах! Былыр уоруу суоҕун тэҥэ буоллаҕа дии, билигин оннук дьаллыктаах дьоммут элбэхтэрэ бэрт. Аны анал ааттара да суох, нуучча киһитин аатынан араспаанньалаах дьон киэҥ Сахабыт сирин устатын тухары ыһар буор курдук элбэхтэр, онтон кими иилэн ылан аатын үйэтитиэххиний? Уоруу, талааһын туһунан ирэ-хоро кэпсэтии дьиэ анныгар саһан олорооччуларга эрэ тэнийэн эрдэҕэ. Ол да биллэн, урукку уоруулара ыраас мууска ууруллан, сууттанан, хаайыыга баран эрдэхтэрэ. Сүөһү эриэнэ таһыгар, киһи эриэнэ иһигэр диэн мээнэҕэ эппэттэр. Огдолуйбут олохтоох ороойко диэбитиҥ опер буолуо. Биис диэбитиҥ бэлисиэйскэй буолан соһутуо. Ол иһин сэрэтэн эрдэхтэрэ салгыннаахха саҥарыма, дьыбардаахха тыыныма диэн. Тыл уҥуоҕа суох дии-дии, мээнэ кулдьугуруу-халдьыгырыы, кэпсии-ипсии сырыттаххына түүнүктээх түрмэни начаас булларыахтара. Уһун тыллаах, халбас харатын тутуспут киһи бүгүн баар, сарсын суох! Табыллыы эбэтэр алдьаныы, иккиттэн биирэ күн аайы күүтэн турдаҕа. Эрэй, кыһалҕа оту-маһы кэрийбэт, киһини булан эрдэҕэ. Күҥҥэ түөрт уон түөрт оһол төрүөт төрдүн туоруугун, оччоҕо бу бороҥ урааҥхай мутугунан быраҕар муҥур үйэтигэр төһөлөөх моһолу мүччү түһэрэ буолуой?
Арыгы алыптаах дьаатыгар ылларбыт сордоох дьиэтин-уотун, ойоҕун-оҕотун быраҕан, бэйэтин көҥүлүнэн уулусса киһитэ буолан, тото-хана аһыырыттан, итирэ-кутура арыгы иһэриттэн атыҥҥа төбөтө ыалдьыбат, атын кыһалҕа кыһарыйбат, үлэлиэн-хамсыан баҕарбат, арыгы туһугар тугун барытын биэриэ этэ да, туга да суох буоллаҕа. Ол иһин албыннаан, эрэннэрэн, уоран, умнаһыттаан, былдьаан-талаан, булбутун атыылаан, батаран иһэр, аһыыр. Ол кэмҥэ бэйэтин булугас-талыгас уол