Таптал уонна дьүккүөр. Гавриил Адамов-Сайдам. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Гавриил Адамов-Сайдам
Издательство: Айар
Серия: Билиҥҥи кэм прозата
Жанр произведения:
Год издания: 2021
isbn: 978-5-7696-6093-1
Скачать книгу
т эбит. Син утуйбахтаабыт, балтараа чаас курдук. Аны мантан түүн төһө, хайдах утуйара буолла?! Айбыт таҥара бэйэтэ билэн эрдэҕэ. Эргийэн ойоҕоһунан сыппыта, уҥа ытыһын иэдэһин анныгар уган хараҕын быһа симмитэ.

      Эмиэ дьэ, хаһан утуйуохха диэри, санаа-оноо ытылҕана саҕаланнаҕа…

      1

      Түбүктээхэптэр төрүт түөлбэлэрэ Быйаҥнаах диэн аатырбыт күөл үрдүгэр турар Барҕа дэриэбинэ буолар.

      Быйаҥнаах – икки көс кэриҥэ усталаах, хас эмэ биэрэстэ туоралаах, ортотугар дьоҕус арыылаах ытык эбэ. Көтөрө, балыга дэлэйинэн, хара тыатыгар кылааннаах түүлээх, булт-алт арааһа тоҕуоруһарынан үйэ тухары аар-саарга аатырар. Эбэ илиҥҥи үрдүк эҥэрин биир мааны кырдалыгар Барҕа дэриэбинэ олохсуйбут.

      Бу күөл тулатыгар хатыҥ чараҥ үтүөтэ баар. Тиит, харыйа, бэс мас булкаастаах аар тайҕата муҥура биллибэт киэҥ сиринэн тайыыр. Алаастар диэн ааттанар киэҥ нэлэмэн сыһыылар аайы, Быйаҥнаахха да тэҥнэспэтэллэр, бэрт улахан күөллэр нэлэһийэллэр. Олор тулалара бы-лыр былыргыттан күөх быйаҥнарын өлгөмнүк өрө анньаллар. От барахсан муҥутаан үүммүт кэмигэр сэниэлээх соҕус сиккиэр тыал сипсийэн бардаҕына ходуһа киэҥ иэнэ муора долгунун санатан, араас өҥүнэн биир күдьүс долгулдьуйар, күн уотун кытта оонньоһор тамана кылапачыйа күөгэҥниир. Ол көстүү хайа да бэйэлээх нохтолоох сүрэҕин долгутар, иһийбит эрчимин уһугуннарар, ходуһа хоһууна буоларга булгуччу ыҥырар дьиктилээх. Дьон-сэргэ барахсан бу быстыбат быйаҥтан сомсон сүөһү, сылгы ииттэллэр – түөлбэ дьонун бу сүрүн дьарыгын ситимин быспакка хас үйэлэргэ илдьэ кэлбитин ким да билбэт. Билэ да сатаабат. Ол дьарык үйэлэр тухары баара, баар буолуоҕа даҕаны диэн өйдөбүл бигэтик иҥмит түөлбэтэ – Барҕа барахсан буоллаҕа!

      Былыта суох ыраас күҥҥэ, салгын сылыйа иһийэр кэмигэр, ыраах илин диэки Дьааҥы хайаларын очуостара бэрт чуолкайдык көстөөччү. Оччоҕо уһун кураан күннэр үүнээччилэр. Дьэ ити кэмҥэ эдэрдиин-эмэнниин, кыыстыын-уоллуун бука бары хомуллан, бас-көс дьон дьаһалынан от-мас үлэтэ күөстүү оргуйар. «Биир күн дьылы быһаарар!» диэн этии маннык былдьаһыктаах күннэргэ анаммыт буоллаҕа дии саныыгын.

      Күн тахсыыта саһарҕа бастаан Быйаҥнаах эбэ киэҥ иэнигэр чаҕылла сыдьаайар, көмүс мөһүүрэ кыырпахтарын сөтүөлэтэр. Онтон тиэтэйэ-саарайа Барҕа арҕаа эҥээриттэн саҕалаан бэрт сотору дэриэбинэни сылаас угутунан сабардыыр. Былыта суох буоллаҕына, күн тахсыаҕыттан киириэр диэри бу түөлбэ иэниттэн арахсыбат. Онон бу хоту дойдуга күн сылааһын муҥура баар буоллаҕына, ол муҥурун илэ билэр дойду – бу Барҕа!

      Быйаҥнаах эбэҕэ үс үрэх уутун кутар. Саас аайы күөл уута лаппа эбиллэр. Угут дьылларга уу Барҕа томторугар балтараа хаамыы курдугунан эрэ тиийээччитэ суох. Онон буоллаҕа, айылҕа анаан оҥорбут кырдала буолар. Ол туһунан араас номохтор да бааллар, олортон биирдэстэрэ маннык:

      Былыргы дьыллар мындааларыгар, урукку кэмнэр уор-ҕаларыгар Быйаҥнаах эбэ биирдик мэндээрэр иэнин эрэ билинэн, онтон атын буолуоҕун санаан да көрбөккө, сири-сибиири барытын сабардаан, сороҕор олох чуумпуран, ардыгар аймана дьалкыйан, силлиэ-буурҕа аргыстанан, барҕа быйаҥыттан дьону-сэргэни өлүүлээн аһатан-сиэтэн сыппыта үһү. Үгүс эр бэртэрэ эбэ мөхсөр-тахсар кэм-нэрин аахсыбакка туран туруулаһан көрөллөрө үһү. Ол хапсыһыыга икки атахтаах баһыйтаран тыыннарын былдьаталлара, бүттүүн мэлийэн сүтэн хаалар түгэннэрэ үгүс эбит. Онон кэлин хайа да бэйэлээх эр бэрдэ ханнык да тыынан, оҥочонон эбэ дохсун санаата уһуктубут буоллаҕына, санаммат буолбуттар. Кини тулатынааҕы алаастара буомуран маардарга кубулуйан сир-дойду таһаата кутаҥнас буола күөгэлдьийэр туруга кэҥээн испит. Олохтоох баай сир-дойду мөлтүүр-ахсыыр кэмэ кэлээри гынна диэн аатырар ойуунун ыҥыран ылан барытын сиһилии быһаарбыт, хайдах кэм кэлиэҕин өйдөппүт, эстии-быстыы чугаһаан иһэрин санаппыт. Ол кэннэ эбэ намыһах сирин ыйан, үллэр сүүрүктээх, будулуйар бурууктаах Орто бараан дойдуну хаба ортотунан киэҥ таһаа киэлитин кэҥэтэ устар, элбэх үөстээх улуу кудулу өрүскэ тиийэн уутун кутар суолун тобулар ыллыгын оҥор диэн көрдөһөр курдук дьиппиэн, булгуччулаах сорудах биэрбит. Ити барыта дьонуҥ-сэргэҥ инники дьоллоох олоҕун суолун арыйыы буолуоҕа диэн сэрэппит.

      Онуоха ойуун олус ыарахан, иэстэбиллээх сорудаҕы биэрдиҥ диэн муҥатыйыах курдук буолан баран: «Бар дьо-нум туһа диэн сорунан көрүөм», – диэбит. – Ол иннинэ үөһээлэргэ тиийэн көҥүл ылабын, тугу толук уунары бы-һаарсыах тустаахпын диэн сэрэтэн, кэм-кэрдии болдьоспут.

      Болдьоспут кэмэ кэлбитигэр үс түүннээх күн кыыран дьигиһийбит, кутуран кулуһуппут, сата тылын барытын сааһылаан, алгыыр-кірдіһір тылын-іһүн ситимнээн, кэриэс-хомуруос тылыгар бэйэтин олоҕун толук уурарын кэрэйбэтин этэн, көрдөһөн-ааттаһан сыылла сылдьан балаҕан буорун сиппийбит, ыстаҥалыы сылдьан саһаан мас үрдүнэн өҥөҥнөөбүт. Ол быыһыгар көмүлүөк оһох кэннигэр туран сирэйэ икки эҥээринэн элэҥнээбит. Онтон «миигин күүтээриҥ» диэн баран оһох ураатынан сирилэс тыас доҕуһуолланан көтөн хаалбыт…

      Өр соҕус буолан баран эргиллэн, оһох үөлэһинэн түһэн кэлбит. Намыраабыт, бытаарбыт курдук буолбут үһү. Балаҕан ортотугар ахчаччы тэбинэн туран: «Эбэбит уутун түһэрэр буолла, бэйэтин таһаатын аччатан, сиэрдээх үрдүгүн тутан турар аналын ылыныа. Кини тула дьон-сэр-гэ бөҕө олохсуйуо, сыспай сиэллээх, адаар муостаах таптаан тоҕуоруһар