Утатыы. Андрей Геласимов. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Андрей Геласимов
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 2021
isbn: 978-5-7696-6090-0
Скачать книгу
иһэр уонна өрө тыынан баран кириэһилэтигэр тиэрэ түһэр.

      – Дьэ диэ, иһиэхпин наһаа да баҕарабын! Тамаҕым дэлби хатар. Оҕолор туһунан туох диэтиҥ этэй?

      – Мин эппитим дии – көннөрү кыра оҕолор.

      Кини сонньуйбута уонна сэнээбиттии миигин көрбүтэ.

      – Көннөрү кыра оҕолор суохтар, Константин. «Көннөрү кыра оҕолору» акаарылар толкуйдаабыттара. Өйдүүгүн дуо, эн?

      – Суох, – диибин мин.

      – Хаһан эрэ өйдүөҕүҥ. Билигин көннөрү иһит.

      Хас күн аайы эн ити оҕолор аттыларынан ааһаҕын уонна кинилэр хайдахтарын туһунан санаан да көрбөккүн. Чэ эн, холобур, кинилэр тугу эрэ этиэхтэрин баҕардахтарына бэйэлэригэр болҕомтону хайдах тардалларын этиэҥ дуо? Эппэккин? Кинилэр тугу эрэ этиэхтээх оҕолорун төбөтүн илиилэринэн бэйэлэрин диэки эргитэ туталлар. Кыракый илиилэринэн сэҥийэлэриттэн ылан, бэйэлэрин диэки хайыһыннараллар.

      Кини бэйэтин суон илиилэрин көрөр, өрө тыынар уонна салгыҥҥа кинилэр хайдах атын киһи сирэйин бэйэлэрин диэки хайыһыннаралларын көрдөрөр.

      – Эбэтэр бэйэ-бэйэлэрин илиилэригэр, атахтарыгар өҥнөөх фломастерынан уруһуйдаһаллар. Мантан кинилэр тугу уруһуйдууллара көстүбэт, ол эрээри ону кинилэр сөбүлүүллэрэ биллэр. Тоҕо диэтэххэ, онтон кычыкыланаллар уонна туох уруһуйдаммытын бэйэ бэйэлэригэр көрдөрөллөр. Эн хаһан эрэ хараҥа хоско ситэ сабыллыбатах аанынан сырдык тыргыллан киирэрин көрбүтүҥ дуо? Сардаҥа бастаан сип-синньигэс буолар, онтон сыыйа кэтирээн барар. Киһи син биир оннук. Бастаан соҕотох, онтон иккиэлэр, онтон икки оҕолонор, онтон түөрт сиэннэнэр. Өйдүүгүн? Киһи сардаҥа курдук сыыйа кэҥээн барар. Оннук муҥура суох бара турар. Эн өйдүүгүн?

      Кини мин хаһан кэҕис гыныахпар диэри көрөн олорор.

      – Маладьыас! Аны билигин эт, эн кыра сылдьан тугу гынар этигиний?

      – Мин ону өйдөөбөппүн ээ.

      – Оттон эн өйдүү сатаа.

      – Бары тугу гыналлар да, ону.

      – Оонньообутуҥ, күүлэйдээбитиҥ, уруунньукка олорбутуҥ?

      – Ээ оннук.

      – Ол кыра. Худуоһунньук элбэҕи билиэхтээх.

      – Мин худуоһунньук буолбатахпын.

      – Аҕал ол бачыыҥканы. Мин турарым ыарахана бэрт.

      – Туох эрэ буолла да, тута – бачыыҥканы аҕал буоллаҕай.

      – Оттон эн мунньараҥнаама! Мин эйигинниин кэпсэтэбин. Дабаай толкуйдаа, толкуйдаа.

      – Оттон мин номнуо умнубуппун… Оҕо саадыгар кыргыттар ииктииллэрин көрөр аҕай этим.

      – Дьэ ити быдан ордук. Уонна тугу?

      – Ийэбин күүтэр этим. Кини наар миигин саамай хойут ылааччы.

      – Үчүгэй.

      – Соҕотоҕун олорооччубун. Оттон иитээччи этээччи, мин ийэбинээн кинини адьас сөп оҥорбут үһүбүт.

      – Кини хайдах этэй?

      – Улахан… Үчүгэйдик өйдөөбөппүн… Кини халыҥ килиэккэ дьууппалаах этэ. Мин биирдэ түгэх хоско киирбитим, онно кини түүҥҥү ырбаахынан эрэ турара. Ийэбэр эмиэ оннук ырбаахылааҕа. Кини төҥкөс гынан баран, миигин сирэйгэ охсубута. Оттон мин таах киирбитим. Мээчик онно төкүнүйэн хаалбыта. Миигинниин оонньуур ким да суоҕа.

      – Эн кинини абааһы көрөр этиҥ дуо?

      – Билбэтим.