Утатыы. Андрей Геласимов. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Андрей Геласимов
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 2021
isbn: 978-5-7696-6090-0
Скачать книгу
Оттон Наташка кинини көрөөр, көрөр. Онтон илиитин утары уунан баран ытыһын нэлэс гыннарар уонна этэр: «Черемушка». Оттон онто барыта ытыһыгар сыстан хаалбыт. Уонна дьэ, күлэ-күлэ, турар.

      Кини хараҕын чыпчылҕан түгэнэ ытыһынан саба туттан ылбыта.

      – Оттон ол иитээччи кинини көрөр уонна туох да диэн билбэт. Ол кэннэ ханнык да киҥир-хаҥыр саҥарсыыта суох арахсыбыппыт. Мин итини, арааһа, олоҕум тухары умнубатым буолуо. Эн кэмпиэттэ ылыый, тоҕо көннөрү чэйи эрэ иһэҕин?

      – Миэхэ маннык үчүгэй. Минньигэһи сөбүлээбэппин.

      – Ол эн арыгыны сөбүлүүргүттэн. Буокканы иһэр дьон бары минньигэһи сөбүлээбэттэр. Эбэтэр төттөрүтүн буолар. Мин арыгы сытын да тулуйбаппын. Тута хотуолаары гынабын. Эһиги хайдах иһэргит буолла – адьас сатаан санаабаппын.

      – Кыһалҕата суох иһэбит. Көннөрү үөрэниэххэ эрэ наада.

      – Чэ сөп, – диэбитэ кини. – Ол суолтата суох. Мин эйиэхэ оҕолор тустарынан кэпсээн испитим… Кинилэр тустарынан наһаа элбэҕи кэпсиирим хайдаҕый?

      – Үчүгэй. Миэхэ интэриэһинэй.

      – Кинилэр эйиэхэ балтыҥ уонна быраатыҥ буолаллар буо.

      – Да, да, мин өйдүүбүн.

      – Сөп. Оттон Славка адьас атын. Кыра баҕайы эрээри, наһаа дьулуурдаах. Ханнык эрэ английскай тыллары үөрэтэр. Кылаабынайа, ким да кинини күһэйбэт ээ. Ханнык эрэ компьютернай оонньууга наада диир, ол оонньуу английскайдыы тылынан эрэ үһү. Өссө саахыматтыырга үөрэннэ. Онтон ыла хас күн аайы Николайы сордуур. Аны биир сылынан кинини кыайыам диир. Өсөһө сүрдээх.

      Кини эмиэ мичээрдээбитэ.

      – Оттон Наташка эбисийээнэ курдук кинини үтүктэн тахсар. Үс сылынан аҕа эрээри. Миэхэ кэлэн этэр – ат хайдах хаамарый? «Г» буукубанан икки дуу эбэтэр үс дуу килиэккэнэн? Оттон мин бэйэм да өйдөөбөппүн. Славкаттан ыйыттахпыт дии, хайыахпытый.

      Марина туран ааны саппыта.

      – Сороҕор, кырдьык, кыыһырсаллар. Биирдэ эмэ да буоллар, син биир оннук буолааччы. Иллэрээ күн Славка орон анныттан мээчиги ылаары гыммыта, ол кэмҥэ Наташка хараҕын симэн баран хос устун хаамыталыы сылдьара. Уонна киниэхэ эппитэ, өскөтүн эйигин үрдүгүттэн үктээтэхпинэ мин буруйум суох. Онтон, биллэн турар, тута үрдүттэн үктээбитэ…

      – Эһиги тоҕо манна саптан баран олороҕут? – диэбитэ аҕам, өҥөс гынан баран. – Мин эһигини тэлэбиисэр көрө олороллор диибин ээ.

      – Мин наһаа улаханнык саҥарабыт диэн куттаммытым. Бэйэҕэр чэйдэ кутун. Мин Константиҥҥа оҕолор туһунан кэпсиибин. Номнуо утуйдулар дуо?

      Аҕам мин диэки көрбүтэ уонна мичээрдээбитэ.

      – Утуйдулар. Билигин миэхэ Славка туох диэбитин билэҕин дуо? Этэр: «Бачыыҥкаларым аанньата суох эбиттэр. Эн миэхэ саҥаны атыылас эрэ». Санаан көрүүй, «аанньата суох»!

      Марина күлэн баран, илиитинэн сапсыйан кэбистэ.

      – Үс сыллааҕыта биирдэ уһуктан баран этэр: «Били сыыппара хайдах этиллэрий, бастаан «биир», онтон «аҕыс»? Мин хардарабын: «Уон аҕыс». Онуоха кини этэр: «Саҥа дьылга диэри уон аҕыс күн хаалла». Мин онтон ыла төбөбүн сынньабын, кини сыыппара хайдах этиллэрин билбэккэ сылдьан, Саҥа дьылга диэри хас хонук хаалбытын хантан