Дьэ, доҕоттор, уйгу-дэлэй аһылык диэн, ботуруон диэн – икки дьааһык аҕалбыт. Моонньоҕоммутун үрүксээгэр укта сылдьар. Валюта диир. Дэриэбинэ аҥаарын аймаан кэлбит ээ! Өссө да барыа эбиттэр, хайа эрэ өрүөл утуйа сыттахтарына «валюталарын» уорбут үһү. Төһөтө кырдьыга, төһөтө чахчыта: Томмот куоракка тиийэн, моонньоҕоммут моойо быстан куска маарыннаабат буолуор диэри быары-бүөрү сордообут үһү.
Биир буулдьа
Хара маҥнайгыттан ыарахан күһүн саҕаламмыта. Бултуур учаастакпар биэс күнү быһа айаннаабытым. Уон икки көһү, хаарын сөбүн түһэрдэҕинэ, үс хонугунан ыксаабакка тиийэр этим. Ол дьыл аанньа хаардаабакка, сотору-сотору ириэрэн, үрэхтэр муустара ууллан туоруурга моһуок бөҕө буолбута.
Уон икки көлүүр, икки мииннэр[1] табанан, биэс көтөл таһаҕастаах, сүүрдүүлээх[2] айаннаан, дьэ дойдубар кэллим. Икки саарбаһыт ыттарым кэлин көтөлгө бааллан кэлбит буоланнар босхо бараары үр да үр, сүүрээри-көтөөрү, бултуу охсоору ойуоккалыы тураллар.
Хас айан барыта тус-туспа кэпсээннээх, бэйэ-бэйэтигэр маарыннаабат буолаллар. Бу көһүүгэ хаста да ылах уларыттым, сыарҕалар сыҥаахтарын аһынан ыллыктыы-ыллыктыы кэллим.
Дьүүктэкээн туорааһыныгар муус уйбакка кыратык ууга булкуллан ыллыбыт, туораан баран хонорго тиийдэхпит. Оллонгоро да үрэххэ өрөөн, титириктэри кэрдэн, чараас мууска тэлгэтэн муоста курдук мууһурдан баран биирдэ туораабыппыт.
Бастакы сарааммар[3] кэлэн, чэпчээн, уоскуйан, булду саҕалыырга бэлэмнэнним. Быһа эттэххэ, кыһын устата мэлдьи көһө сылдьан бултуубут, биир миэстэҕэ биэс-алта күн бултаан-алтаан, кэннибититтэн тоһуур сохсолору иитэ-иитэ көһөбүт. Маҥнайгы күн үксүн балаакка туруора охсоот, өрөөн, мас мастыыгын,