Оҕонньор, тымтыгын баҕанаҕа кыбытан, саҥата суох ыаммыт ынах иһин, тиийэн, бигээмэхтээн көрдө.
– Һa! Бүөрдээбит дии.
– Э‑һээ! Айылааҕа оннук буоллун. Ол иһин быйыл эрдэ соҕус буолуохтаах этэ, – эмээхсин үөрэ түстэ, чэпчээбит курдук буолла. – Соморойуҥ, дэлби кылгыахтаан, аанньа уулаабат. Apaaha, тииһэ кылыа буолбут дуу ханнык эрэ. Көрөн, аалан биэриэҥ этэ.
– Ээ, ол былырыыҥҥыттан кыайан уулаабат. Оҕонньор кырдьаахтаатаҕа даҕаны. Аны саас арыый кыайар-хотор эрдэххэ, кунаны айааһаныллыа этэ. Оччоҕо үйэбитигэр тиийэр оҕустаныа этибит.
– Маҥаас кунанчааны дуо? Маҥаас кунанчаан, дьэ, оҕус бөҕө буолан тахсыа, доҕор!
– Соморойу аны сайыҥҥыттан кур ыытыахпыт. Дьыл-уот үчүгэй буоллаҕына, икки-хас сыл уотуохпут.
Ити курдук ону-маны баллыгыраһан, киирэн чэйдээтилэр. Бүгүн ньыха киэһэ – эт сиэбэт киэһэлэрэ.
Эмээхсин, оҕонньоро кэлэрин кытта балачча кэҥээн, дьэгдьийэн, тыл-өс киһитэ буола түстэ. Аны хотон иһинээҕи кэпсэтиилэрин салҕаан, аттарын сааһын, ыттарын сааһын ырыттылар, быһаарыстылар.
Түмүгэр, саҥата суох олорбохтоон баран, эмээхсин үөһэ тыынан ылла:
– Эрэйдээхтэр бааллара төһө сылга-хонукка бараарыбыт, баайбыт-дуолбут сыыһын барытын ырыттахпыт үhү. Киһи да күлэр ээ. Бүгүн оттон ити биир кыыл дьүһүнүн көрөөрү, сиргэ охто сыстым буолбат дуо, мин. Уонна баран ханна уһун уоппун оттуох баҕайыбыный бу?
– Чэ, бээ, алыс айманыма! – оҕонньор эмээхсини намыратардыы оргууйдук саҥарар. – Кини даҕаны айыы кыыла ини, баҕар айыынан арахсыаҕа. Таҥара да кыыла буоллаҕына, күн таҥара көрөн-билэн олорор ини. Туохпут иннигэр атаҕастатар-баттатар үhүө!
– Бэйи эрэ, оҕонньоор! – эмээхсин, туох эрэ өй киирэн, оҕонньорун диэки сыҕарыс гынна, аны ким эмит истиэ диэххэ айылаах сибигинэйэн киирэн барда. – Хайа, аны кыылбыт манньа дуу, толук дуу эрэйэр кыыл сылдьара буолаарай? Биир эмэ кырдьаҕаһы ыҥыран, сүбэ-таҥха оҥостон көрдөхпүтүнэ? Баҕар, көннөрү үтүө да тылы ылынаарай?
– Ким билэр, доҕоор! Чэ, бэйи, туох-ханнык буолан иһэр? Көрүллүөҕэ! – диэтэ оҕонньоро, толкуйдаан, балачча олорбохтуу түһэн баран.
Сытан баран, эмээхсин утуйан биэрбэтэ, быһа ынчыктаан, айалаан-дьойолоон таҕыста.
– Төбөм аҕай!.. – диэмэхтиир, этэ уот курдук да, – Ычча да ычча!.. – дии сытар.
Оҕонньор уотун дэлби отунна, була сатыы-сатыы, эмээхсинин барынан бары үллүйдэ, төбөтүн кэлгинэ сылдьар былаатын, тымныы ууга илитэн аҕалан, ыга тардан көрдө. Күттүөннээх көмө буолбата.
Оттубут уоттара бараныыта эмээхсин, арыый нухарыйыах курдук буолан иһэн, аны баттатан киирэн барда. Тоҥолохтуу-тоҥолохтуу, оҕонньоро ыҥырбытыгар нэһиилэ уһугунна. Онтон эмиэ өр утуйбакка эрэйдэннэ. Чэй аҕалтаран истэ, аны тиритэн, уу чаккырас буолан, үллүктэрин барытын ыллылар.
Ол курдук сытан, оҕонньор утуйан хаалбыт.